Сиэркилэ кистэлэҥэ

Share

Сиэркилэ былыргы үйэттэн баар. Ол курдук, сиэркилэ кистэлэҥин оннооҕор 19-с үйэҕэ билэ, таайа сатаабыттара. Атын эйгэҕэ аан курдук эмиэ көрөллөр эбит. Учуонайдар сиэркилэ киһиэхэ дьайыытын араас чинчийиини оҥорон бэрэбиэркэлээбиттэр. Теофраст Парацельс диэн орто үйэтээҕи быраас дьону сиэркилэ нөҥүө эмтиирэ үһү. Ыалдьыбыт киһи тыынын сиэркилэ нөҥүө бэрэбиэркэлээн туга ыалдьыбытын быһаарар эбит уонна ол ыарыыны сиэркилэ нөҥүө ыытан кэбиһэр эбит. Оччоҕуна киһи буолбакка, кини сиэркилэҕэ көрүҥэ ыарыыны ылынар эбит. Оттон былыр өбүгэлэрбит летаргическай ууга утуйбут киһини сиэркилэ көмөтүнэн тыыннааҕын быһаараллара.

Сүгэ уонна сиэркилэ

Ону сэргэ, таҥха кэмигэр сиэркилэ нөҥүө аналларын мөссүөнүн көрөөрү түүн үөһэ сиэркилэ иннигэр олороллоро. Дьиктитэ, ол кэмҥэ аттыгар уһуктаах мал-сал суох буолуохтаах эбит. Биир итинник түгэн туһунан суруйдахха, өрдөөҕүтэ эдэр кыыс дьонуттан кистээн баанньык иһигэр түүн сэрэбиэйдэнэргэ санаммыт. Дьиэттэн обургу сиэркилэни ылан, чүмэчи уматтан кэтэһэн олорбут. Кини баанньык оһоҕун иннигэр сүгэ сытарын өйдөөн көрбөтөх эбит. Арай сиэркилэ түгэҕиттэн эр киһи моһуона көстүбүт. «Дьэ, аналлаахпын көрөр буоллум» диэн эрэҥкэдийэ олордоҕуна, сиэркилэтин иһиттэн муостаах абааһы ойон тахсан ол сүгэни харбаан ылбыт…

Сиэркилэҕэ уһуннук көрүнүмэҥ

Сиэркилэҕэ аһары элбэхтэ көрүнэр киһи түргэнник кырдьар диэн этии баар. Манна киһи итэҕэйиэн сөп дуо? Эмиэрикэ учуонайдара уон биэс сыл устата сиэркилэ эйгэтин үөрэтэ сатаан баран сиэркилэ киһи ньэгирин сиир диэн түмүккэ кэлбиттэр. Сиэркилэҕэ үс мүнүүтэттэн уһуннук көрүннэххэ, киһи сэниэтин, доруобуйатын сүтэриэн сөп эбит. Манна итэҕэйэр дьон дьиэҕэ аһары улахан сиэркилэни туппаттар эбит.

Саамай сэрэхтээх сиэркилэлэринэн харах уутун көрбүт сиэркилэлэр буолаллар. Дьон хараҕын уутун, эрэйин-муҥун барытын иҥэринэн кинилэр истэриттэн дьоҥҥо куһаҕаны тэйитэр буолаллар эбит. Былыр орто үйэлэр саҕана өлөрүөхсүт сиэркилэ туһунан киэҥник тарҕаммыт. Ол сиэркилэ иннигэр баай атыыһыт кэргэнин күнүүлээн өлөрбүт. Кэлин дьиэ төһө да атыыламмытын иһин, сиэркилэ оннугар хаалан испит. Маннык ынырык түгэн бу дьиэҕэ олохсуйбут дьоҥҥо барытыгар хатыламмыт. Онон эргэ, үгүһү көрбүт сиэркилэ киһиэхэ куһаҕаннык дьайара уруккуттан да биллэр эбит.

Аан саҕа сиэркилэлэр.

Сиэркилэ алдьаныыта былыр-былыргыттан улахан аньыы дэнэрэ. Ону сэргэ, сахаларга уруккуттан куһаҕан бит диэн өйдөбүл баар. Бу киһи сэбэрэтин көрүнэр ураты таас алдьаннаҕына, хайаан даҕаны хаҥас илииттэн хаан таһааран сиэркилэҕэ таммалатар туһунан итэҕэли аҕам саастаах дьахтартан истибиттээҕим. Ол аата, чахчы дьон туохха эрэ итэҕэйэр, дьаарханар эбит диэн испэр санаан аһарбыттааҕым. Билигин дьон дьиэ эркинин, аанын саҕа сиэркилэлэри дьиэҕэ сакаастаан оҥортороллор. Сиэркилэ дьиэ ис бараанын кэҥэтэр, сырдатар. Ол эрээри, дьиэҕэ маннык улахан сиэркилэлэри тутар сэрэхтээх эбит. Тоҕо? Киһи көрүө суохтааҕын алҕас көрөр аана аһыллан хаалыан сөп диэн биир көрбүөччү этэн турардаах. Сиэркилэ кээмэйэ дьиэ ааныттан улаатыа суохтаах.

Сиэркилэ тоҕо ытыырый?

«Ийээ, сиэркилэбит ытыыр», — диэн кыракый оҕо ийэтигэр кэпсээбит. Дьахтар өйдөөбөтөх. “Сиэркилэ тоҕо ытыаҕай, бэйэҥ ытаан баран көрүннэҕиҥ дии, — диэбит. Онуоха кыыһа: «Суох ийээ, сиэркилэттэн харах уута түһэр, арааһа, ытыыр», — диэн ийэтин соһуппут. Киһи өллөҕүнэ сиэркилэни таҥаһынан сабаллар. Ити атын эйгэ аана аһыллыбатын диэн санааттан оҥорор буоллахтара. Сиэркилэ ытыыра – куһаҕаҥҥа. Өлбүттээхтэр сиэркилэни саппатахтарына, дьон хараҕын уута онно иҥэр эбит. Сиэркилэ ытыырын көрбүт оҕо, арааһа, оннук сиэркилэҕэ түбэстэҕэ.

Суунар хоско анал сиэркилэлэр атыыланаллар. Кинилэр сииги билиниэ суохтаахтар. Биир ыал сиэркилэтэ иһиттэн кытаран тахсыбыт. Устунан кэннэ хастанан тохтон барбыт. Онуоха хата кырдьаҕас аймахтара кэлэн ол сиэркилэни кэмигэр бырахтарбыт. Маннык курдук сиэркилэ туһунан араас кэпсээн элбэх. Оттон дьиэҕэр сиэркилэҥ төһө улаханый?

Хаартыска: remontask.ru

What’s your Reaction?
+1
9
+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

4 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

4 часа ago