Сигнальнай бэстилиэтинэн куттаабыт

Share

Бу түүн Дьокуускай куорат Ис дьыала отделыгар 34 саастаах дьахтартан  харчытын уордарбытын туһунан үҥсүү киирбит.

Ол курдук билэр киһитэ бэстилиэтинэн куттаан,  дьахтар каартатыттан 17 000 солкуобайы киниэхэ ыытарыгар ирдээбит уонна  4 000 солкуобайы  харчынан ылбыт.

Бары сулууспаларга уорбаланар киһи ойууламмыт тас көрүҥүн ыйан баран, тутарга сорудахтаммыт.  Оперативнай көрдүүр үлэ түмүгүнэн, 35 саастаах эр киһини туппуттар. Бу уруккута уорууга түбэһэн уонна киһи доруобуйатын эчэтэн, хаста да сууттана сылдьыбыт киһи эбит.  Бу сырыыга кини билэр дьахтарыттан харчытын уорардыы сананан кэлбит. Уорбаланааччы сүүлүктээбит харчытын чугас дьонноругар бэлэххэ туттубут.

Тутуллубут киһиттэн сигнальнай бэстилиэтэ былдьанна. РФ Холуобунай кодексын 162 ыст. 2 ч.  олоҕуран, ороспуойдааһыҥҥа  холуобунай дьыала тэрилиннэ. СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, уорбаланааччыны быстах кэмҥэ изоляторга  киллэрдилэр.

ХААРТЫСКА: CANVA.COM

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

51 минута ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

2 часа ago