“Сиибиктэ” уот ороскуотун хайдах аччатта?
Ньурба улууһун Сүлэтигэр “Сиибиктэ” диэн кыһыннары күөх турар үүнээйи аатын ылыммыт, 2000 с. тэриллибит бааһынай хаһаайыстыба (баһылык Иванова Л.В.) хороҕор муостааҕы иитиинэн дьарыктанар. Хаһаайыстыбаҕа биригэдьиири, бэтэринээри сэргэ 4 ыанньыксыт, 2 ньирэй көрөөччү, 4 тас үлэһит, арыы сыаҕар 2 үлэһит бааллар. Манна билигин 240 сүөһүнү кыстатан тураллар. Ынахтара төрөөн эрэллэр.
– Былырыын, быйыл биир да күн өрөөбөккө үлэлии турар арыы сыахтаахпыт. Сүөһүлэрбитигэр сыл тахсар отторо, сиилэстэрэ баар. Онон сүөһү аһылыгар быйылгы кыстыкка кыһалҕаны көрсүбэтибит. Ол эрээри оттуур сирбит кырыымчык. Ону улууспут салалтата өйөөн, арыандаҕа эбии сир биэрэрэ буоллар, сүрдээх көмө буолуо этэ. Сир оҥоруутугар турунаары гынабыт, онон дьиэ кэргэн граныгар киирсэр санаалаахпыт. Урукку өттүгэр 90 км тэйиччи сиргэ оттуур этибит. Аны инникитин бэйэбит бааһыналарбытын сөргүппүт киһи бэрт буолуо этэ, – диэн саҕалаата хаһаайыстыба үлэтин туһунан “Сиибиктэ” баһылыгын солбуйааччы, Москваҕа АККОР XXXV сийиэһигэр кыттан кэлбит Степан Васильевич Иванов.
Ньурбаны хааччыйар
“Сиибиктэ” былырыын 2023 сылга 432 т үүтү туттарбыта. 8,16 т арыыны, 13,7 т сүөгэйи оҥорон таһаарбыта. Бородууксуйатынан Ньурба куоратын хааччыйар. Ол курдук, “Ньурба-Молл”, “Лакомка”, “Сити-центр” уо.д.а. маҕаһыыннарга хамаҕатык атыыланар. Эти Ньурба куорат оҕо тэрилтэлэрэ ылаллар. 9 т кэриҥин кинилэргэ биэрбиттэрэ. “Кэскил”, “Биһик”, “Аленушка”, “Туллукчаан” уо.д.а. уһуйааннары хааччыйаллар.
Уот тарыыба улаатыыта хаһаайыстыбаларга олус охсуулаах. Ол курдук, тымныы ыйдарга икки хотоммут уотунан ититиллэн турбут буолан, ыйдааҕы төлөбүрбүт 140-160 тыһ. солк. тиийэ сылдьыбыта.
Үрдүк үөрэхтээх, үһүс сылын управляющайдыыр Игорь Сухаринов, бэтэринээринэй быраас Елена Анисимова, ыстаарсай ыанньыксыт, 14-с сылын үлэлиир Николай Павлов курдук үлэһиттэрдээх буолан, хаһаайыстыба бигэ туруктаах.
Арыы сыахтаах буоланнар, этэргэ дылы, бэйэлэрэ оҥорон таһаараннар, хамнастара тыа сиригэр киһи мыыммат диэххэ сөп. Саамай кыччаабыта – 45000 солк., сорохтор киэнэ 60-80 тыһ. солкуобайга тиийэр. Быһата, ким хайдах үлэлииринэн хамнастанар.
Бааһынай хаһаайыстыба “Нюрбинская кормовая компания” тэрилтэни (ген. дириэктэр А.И.Илистяров) кытта бииргэ үлэлэһэр, ол курдук бу тэрилтэттэн тиэхиньикэтин, бааһынатын туһанар, ол иһин өйүүрүн иһин махтанар.
Гааһынан сылытынан
Тыа хаһаайыстыбата олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаатаҕына табыллар, сайдар, үлэтэ-хамнаһа таһаарыылаах, көдьүүстээх буолуоҕа. Дьэ, Любовь Васильевна Иванова баһылыктаах бааһынай хаһаайыстыба сайдыы суолун хайдах тобулла? Гааһынан сылытыыны хотонноругар бастакынан киллэттэрэн. Уонна бу туһалаах дьыала тарҕаныа, өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларыгар туһаныллыа турдаҕа диэн эрэнэбит.
– Кистэл буолбатах, уот тарыыба улаатыыта хаһаайыстыбаларга олус охсуулаах. Ол курдук, тымныы ыйдарга икки хотоммут уотунан ититиллэн турбут буолан, ыйдааҕы төлөбүрбүт 140-160 тыһ. солк. тиийэ сылдьыбыта. Ол иһин кыһалҕаттан халлаан -35 кыраадыс буолла даҕаны, бойлербытын араарар этибит. Онон төлөбүрбүтүн кыччатаары уонна хотоннорбут өрүү сылаас, сиигэ суох буолалларын туһугар улууска киэҥ хайысхалаах үлэнэн дьарыктанар урбаанньыт Николай Владимирович Сотников өҥөтүнэн туһанныбыт. Кини биһиэхэ газгольдер оһох систиэмэтин тардан киллэрдэ. Оборудованиены туруорар, хааччыйар, заправкалаан биэрэр, хайдах көрөргө-истэргэ үөрэтэр. Онон быйыл гааһы уопсайа 1800 кв. м тахса иэннээх икки хотонунан киллэттэрэн, олус сылаастык кыстаан эрэбит диэн үөрдүбүт. Хайа, сылааһа сыттаҕа, хотоннорбут урукку курдук буолуохтара дуо, кураанахтара эҥин, абыранныбыт, – диэтэ салгыы Степан Васильевич.
Биллэн турар, хотону сылытыыга гааһы киллэрии сыаната наһаа чэпчэки буолбатах. 1 мөлүйүөн солкуобай кэриҥин төлөөбүттэр. Хаһаайыстыба бэйэтин үбүнэн киллэртэрбит буолан, ороскуоту, кырдьык, көрсүбүт. Ол эрээри бу көрсүбүт ороскуоттарын толуйаллара буоллар, бэрт буолуо этэ. Улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.М.Михайлова бу үлэни сэҥээрбитэ. Бааһынай хаһаайыстыбата гааһынан сылытыыны биһирээн, аны арыы сыаҕын уонна олорор уопсай дьиэлэрин эмиэ холботторор баҕалаах.
Улууска бу дьыаланан ити Н.В.Сотников соҕотоҕун дьарыктанар буолан, холботторуон баҕалаах элбэх, уочарат эбит. Бэл, ыаллыы Сунтаартан кытта кэрэхсээн, туруортарар санаалаахтар. Онон бу урбаанньыты өрөспүүбүлүкэ таһымынан өйүөххэ наадатын туһунан Степан Васильевич: “Сотниковы өйөөтөхтөрүнэ, оҥорон таһаарааччылар абыраныа этилэр”, – диир.
Инники былаана диэн – “Сиибиктэ-Ас” диэн кэпэрэтиип буолуу. Билигин докумуона оҥоһулла сылдьар.
Бу курдук Сүлэҕэ “Сиибиктэ” үйэ чиэппэрин кэриҥэ үлэлээн кэллэ. Уонна салгыы сайдар суолу тобуларга дьулуһара, оҥорон таһаарар бородууксуйатынан хааччыйарга кыһанара кэрэхсэбиллээх.
Балаһаны бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыскалары: «Сиибиктэ» бааһынай хаһаайыстыба тиксэрдэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: