Сиийэскэ санаам

Сиийэскэ санаам

Ааптар:
17.11.2022, 17:30
Бөлөххө киир:

Билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт сахабыт тылын тыыннаах хаалларыы  сүрүн сорук быһыытынан турда. Онон сибээстээн, саха дьоно араас суолу тобула, ыйа сатыыр. Бүдүмүк, олоххо көстөр тылы өлөрөр төрүөттэри суоллары ыйаллар уонна олору туоратар соруктары туруораллар. Мин ону туһалаах эрээри тутах, быстах, ситэтэ суох дьарык курдук сыаналыыбын.

Бу саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрүт култуура учууталларын иккис сиийэһэ буоларынан сибээстээн, үөрэх министиэристибэтэ “О создании временной творческой комиссии по разработке Концепции преподавания якутского языка и литературы, культуры в дошкольном, начальном и основном общем образовании” диэн дьаһалы тэрийдэ. Бу докумуон 1991 с. кулун тутар 14-15 күнүгэр ылыныллыбыт “Саха оскуолатыгар төрөөбүт тылы үөрэтиини саҥатытыы кэнсиэпсийэтэ” диэн докумуону тупсарар, саҥардар соругу туруорда.

Ол 1980-с сыллар бүтүүлэригэр кириисискэ киирбит саха тылын өрүтүннэрэр суол Саха Өрөспүүбдүлүкэтигэр Омук оскуолатын саҥардан сайыннарыы көрүгүн киллэрии нөҥүө ситиһиллиэн сөп диэн идиэйэ үөскээбитэ. Онон бэрэсидьиэн М.Е.Николаев өйөөн, өрөспүүбдүлүкэҕэ сахалыы үөрэтиини сөргүтэр үлэ саҕаламмыта. Оччолорго саха киһитин сахалыы тылланыытын мэһэйдиир, атахтыыр төрүөт оҕону төрөөбүт тылынан иитии, үөрэтии тэриллибэтиттэн буолар диэн, онон маны кыайдахпытына, бу уустук дьыала быһаарыллыаҕын курдук санаабыппыт уонна оннук үлэни тэрийбиппит. Кэлин көстүбүтүнэн, биллибитинэн да диэххэ сөп, саха тылын кириисиһин төрүөттэрэ оҕону төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии кыаллыбатыттан эрэ буолбатаҕа көстөн тахсан кэлбитэ. Тылы сайыннарыы, байытыы, харыстааһын, туттуллар эйгэтин кэҥэтии; таба саҥарыы, таба суруйуу, тыл үгэһин алдьаныыта тиэрмин уонна алпаабыт – саха тылын чөлүн тускулуур боппуруостар аахайыллыбаттара көстүбүтэ. Ону быһаарбакка, оскуолаҕа төрөөбүт тылы өрүтүннэрэр,  үөрэтэр, иитэр үлэни тэрийэр көдьүүһэ кыра буолуохтааҕа сэрэйиллэрэ. Ол иһин саха тылын сайыннарыы судаарыстыбалыы бырагыраамата ылыныллыахтааҕа уонна Тыл сокуонугар көннөрүүлэр киллэриллиэхтээҕэ биллибитэ да, хайата да тилэри оҥоһуллубатаҕа. Төрүөттэрэ: былаас өйөөбөтө (дьаһайбата) уонна тыл туһугар туруулаһааччылар биир санаалара суоҕа этэ. Сүрүн сорукка дьону түмэр лиидэр, салайааччы бүгүн да суох…

Омук оскуолатын саҥардан сайыннарыы көрүгэ төрөөбүт тылы чөлүгэр түһэрии суолун оҕону төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии нөҥүө ситиһиллиэхтээҕэр көрбүтэ диэтибит. 1950-1970-с сылларга оҕону нууччалыы иитэн, үөрэтэн баран, саха тылын предмет эрэ быһыытынан үөрэтэн төрөөбүт тыллаах оҥоруохха сөп дииллэрэ. Ону саха тылын учууталлара кыайбаттар диэн буруйдууллара. Билигин буруйу сахалыы бырагыраамаҕа уонна учуобунньуктарга түһэрэ сатыылларын курдук. (Дьиҥэр, бу бырагыраамаҕа уонна учуобунньукка кыайан ааптар буолбатах дьон күөртүүр кубулҕаттара буолар). Биһиги оччолорго оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтиини сөргүттэхпитинэ, төрөөбүт тылы чөлүгэр түһэриэхпитин сөп диэн санааны тутуспуппут. Иитэр сорукка төрүт култуураны киллэрэр соругу туруорбуппут. Ол туһуттан Саха судаарыстыбалыы үнүбэрсиэтигэр саха тылын уонна култууратын бакылтыата тэриллибитэ, Бүлүү учуулассатыгар саха тылын уонна төрүт култуура салаата арыллыбыта. Төрүт култуура учууталларын бэлэмнээһини саҕалаабыппыт. Нуучча оскуолаларыгар саха тылын уонна төрүт култуураны үөрэтиини күүскэ киллэрээри үнүбэрсиэккэ оннук идэни бэлэмнээһини саҕалаабыппыт. Саха тылын туттуллар эйгэтин кэҥэтэргэ истилиистикэ, тылбаасчыт идэтийиилэрин аспыппыт. Суруналыыстыкаҕа сахалыы уонна нууччалыы суруйар идэтийиини киллэрбиппит. Үнүбэрсиэт бары идэлэригэр саха тылын уонна төрүт култуураны үөрэтиини олохтообуппут. Ол сороҕо билигин да баар… Элбэх үлэ тэриллибитэ эрээри сахалыы үөрэтэр учуобунньуктары, босуобуйалары оҥоруу уонна тылбаастааһын дьыалата кыайтарбатаҕа. Төрүөтэ араас, маны кыайар туһугар чинчийиэххэ наада.

20-с үйэ 20-с сылларыгар сэбиэскэй былаас омук омук быһыытынан барҕара сайдыытын хааччынар сүрүн усулуобуйатынан төрөөбүт тылын,  култууратын олоххо туттуутун муҥутуурдук хааччыйыы уонна хааччыныыта буолар диэн быһаарбыта. Ону ситиһэр үлэни-хамнаһы көҕүлээбитэ, тэрийбитэ. Ол курдук саха тыла оскуолаҕа уонна анал орто үөрэххэ үөрэтии булгуччулаах тылынан уонна биридимиэтинэн буолбута. Ону сэргэ олох бары эйгэтигэр туттуллуутун киллэрии олохтоммута. Ол – биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 1922 с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр бырабыыталыстыба КСК уурааҕынан ылыныллыбытын быйыл 100 сылын бэлиэтиибит. Салгыы тугу гыныахтаахпытын тобулуохтаахпыт.

Онтон 30-40-с уонна 60-70-с сыллар бэлиитикэлии, баартыйалыы, судаарыстыбалыы дьаһайыылара (дьаһалымсыйыылара) кэлбиттэрэ. Олор төрүөттэрин содулларын оччо үөрэппэппит, билбэппит даҕаны. Уонна тыл тутуутунан дьарыктанабыт. Билигин биһиги тылбытыгар эмиэ 30-70-с сылларга курдук сыһыан кэлэн турар: суурайар, сутуйар дьаһаллар бараллар. Мантан хайдах быыһанар, харыстанар суолу тобулуохтаахпыт.

Бу сиийэскэ саха тылын билиҥҥи туругун, сайыннарыы устуоруйатын, идиэйэлиэгийэтин, бэлиитикэтин, туругун сиһилии ырытыахха уонна ол онтон таһааран соруктары туһааннаах субуйуоктарга (төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ, учууталларга, үөрэҕи тэрийээччилэргэ, салайааччыларга, дьокутааттарга, олохтоох былааска, Арассыыйа дьаһайар уорганнарыгар о.д.а.) туруоруохха наада этэ.

Бастатан туран, саха тылын уонна култууратын сайыннарыы боппуруостарын саха норуота, дьаһалтата бэйэтэ быһаарынар суолларын тобулууну ситиһиэххэ наада. “Орооһумуоҕуҥ, мэһэйдээмиэҕиҥ, дьалымсыйымыаҕыҥ” — диэн В.И.Ленин этэн турар.

Иккиһинэн, тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии омук тыла тыыннаах буолар сүрүн усулуобуйата буоларын билинэн, туһааннаах тэрээһиннэри өрөспүүбүлүкэ салалтатын кэмпитиэнсийэтигэр биэриэххэ;

Үсүһүнэн, төрөөбүт тылынан үөрэтии, иитии оҕону төрөөбүт тыллааһын булгуччулаах усулуобуйата буоларын билинэн, ону тилэри хааччыйары ситиһиэххэ;

Төрдүһүнэн, төрөөбүт тылы олоххо, култуураҕа уонна үөрэххэ туттууну хааччахтыыр бары таһымнаах сокуоннары, дьаһаллары Арассыыйа Төрүт Сокуонун утаралларын билинэн, тохтотор суоллары тобуларга  өрөспүүбүлүкэ “Ил Түмэнэ” үлэлэһэригэр;

Бэсиһинэн, төрөппүттэргэ, үөрэтээччилэргэ, иитээччилэргэ, актыбыыстарга, норуокка төрөөбүт тылы чөлүгэр түһэрэр, сайыннарар өрүтүннэрэр, харыстыыр үлэлэригэр дьиҥ үлэлиир кэнсиэпсийэни, бырагырааманы оҥорорго. Ол туһуттан полилингвальнай үөрэтии сахалыы иитиигэ уонна үөрэтиигэ дьиҥнээх дьайыытын чинчийэргэ.

Алтыһынан, сахалыы тылынан иитээччилэри, учууталлары, идэлээхтэри бэлэмнээһиҥҥэ саҥалыы кэмпэтиэнсийэлэри киллэрэн, тылы билиилэригэр, мэтэдиичэскэй, бэдэгиичэскэй, психологическай бэлэмнэригэр дьиҥ тутуһуллар ирдэбиллэри олохтуурга; сахалыы үөрэтиини, иитиини муҥутуурдук хааччыйар дьаһаллары ыларга; дьыссаат саастаах оҕоттон саҕалаан (төрөппүтү хабан) сахалыы өрө тахсар уонна сытыары тэнийэр, иитэр-сайыннарар эйгэни тэрийиэххэ; саха тылын туругун, билиини, мэтиэдьикэтин, үөрэтии-иитии уопутун тарҕатар үлэни утумнаахтык (систиэмэлээхтик) тэрийэргэ; төрөөбүт тылынан үөрэтии, иитии боппуруостарын эрэ буолбакка, кини туругун утумнаахтык чинчийиини ыытан, үлэҕэ көстөр, тахсар итэҕэстэри тута көннөрөр суоллары олохтуурга.

Сэттиһинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ саха тылын үөрэтиини кэлимник тэрийиини ситиһиэххэ: саха оскуолаларыгар эрэ буолбакка, нууччалыы тыллаах оскуолаларга (бу доҕордуу сыһыаҥҥа уһулуччу суолталаах), анал орто үөрэх тэрилтэлэригэр, үрдүк үөрэх утумугар. Манна анаан идэлээх дьону бэлэмнээһини, үөрэх босуобуйатын оҥорууну, үөрэтии систиэмэтин тобулууну, араас тиэхиниичэскэй тэрили оҥорууну, туһаныыны, үбүлээһини быһаарыахха наада.

Саха тылын тыыннаах буолар усулуобуйатын боппуруостарын атын таһымнаах түмсүүгэ олохтоохтук кэпсэтиэххэ сөп диэн, ол туһунан таарыйбатым. Дэлэгээттэр бытархайга аралдьыйбаталлар эбэтэр олус уустукка киирэн мумматыннар диэн санаанан салайтаран, сахалыы иитии-үөрэтии туһунан сүрүн санаалары эрэ эттим. Ону да кыайан сиһилии ыпсарбатым быһыылаах да, баҕа силэ байҕалга эмтээх диэн баар.

Гаврил Гаврильевич Филиппов, бэрэпиэссэр.

(Ааптар суруйуута уларытыллыбакка бэчээттэннэ).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: