Бүгүн, Арассыыйа былааҕын күнүгэр, Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгин олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар анаан 81 устуука эмтээх, дойдуларын кучу отун анал иһиккэ уган бэлэмнээтилэр.
“Тэрээһини олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев эҕэрдэ уонна махтал тылларынан арыйда», – диэн кэпсиир А.В. Аргунов аатынан Норуот айымньытын, култууратын дьиэтин дириэктэрэ Марианна Сивцева. «Күүс-көмө буолбут «Чуораанчык» оҕо уһуйаанын (сэб. О.П. Александрова) сэргэх үлэһиттэригэр, нэһилиэккэ ыытыллар үлэлэргэ куруук көхтөөхтүк кыттар дьоммутугар Анна Сивцеваҕа, Евдокия Винокуроваҕа, Елена Платоноваҕа, Агафья Дьяконоваҕа, Мария Обутоваҕа, Агафья Ноговицынаҕа, Наталья Гуляеваҕа уонна олохтоох дьаһалта кэлэктиибигэр өссө төгүл улахан махталбытын тиэрдэбит».
Сангаар орто оскуолатын үөрэнээччитэ Маша Соловьева эбэлээх эһэтигэр күүлэйдии кэлэ сылдьан, ис сүрэҕиттэн көмөлөһөн дьонун үөрдүбүт. Ити курдук сииттэлэр кыралыын-улаханныын туохха барытыгар бииргэ турунан, барытын кыайа тутан олороллор.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…