Сииттэлэр байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарыгар баһыылка ыыттылар
Сииттэ олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар хаһыс да сылын тиһигин быспакка күүс-көмө буола олороллор.
“Кэнники кэмҥэ нэһилиэк олохтоохторо Саха сиригэр үүнэр эмтээх оттору социальнай ситимнэринэн көрөн, кинигэҕэ, хаһыаттарга ааҕан, доруобай буолар туһугар, үргүүр-хатарар үгэстэннилэр. Бу иннинэ эмтээх оттору хайдах хомуйан хаһаанарга, хатарарга, нэһилиэк көхтөөх олохтооҕо, элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ Мотрена Васильева баҕалаахтары үөрэтэн, көрдөрөн, быыстапка тэрийэн ыытара. Онон Мотрена Васильеваттан үөрэммит хаһаайкалар элбэхтэр, – диэн кэпсиир А.В. Аргунов аатынан Норуот айымньытын, култуура дьиэтин дириэктэрэ Марианна Сивцева. — Ааспыт күннэргэ волонтерскай лааҕыр оҕолорун кытта кучу оту үргээбиппит. Манна барытыгар социальнай харысхал үлэһитэ, элбэх оҕо эдэр ийэтэ Елена Марковна Васильева тэбис-тэҥҥэ дьаһайсан, оту хомуйсан бэлэмнииргэ күүс-көмө буолбута. Кучу оппутун анал схеманан көрөн кууртубут-хатартыбыт, бэлэмнээтибит. Манна нэһилиэкпит далбар хотуттара, эбээлэрэ күүс-көмө буоллулар.
Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан, ис сүрэхпититтэн туох кыалларынан маскировкаланар сиэккэлэри баайан, эмтээх отоннору, оттору үргээн, дьоҕус да буоллар баһыылкалары бэлэмнээн, олохтоох дьаһалта баһылыгар Семен Тимофеевка туттарбыппыт”.
Бу күннэргэ Сииттэ баһылыга Семен Тимофеев дьоно-сэргэтэ бэлэмнээбит баһыылкаларын “Якутия с тобой” волонтердар штабтарыгар аҕалан туттарда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: