Сииттэлэр тыһыынча собону соркуойдаан ыыттылар
Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгин дьоно эмиэ атын нэһилиэктэр курдук, байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолоругар ким туох кыахтааҕынан көмөлөһө олороллор. Бу күннэргэ сылаас таҥас-сап бэлэмнэннэ, муҥха балыгыттан тыһыынчанан собо соркуойданна, бурдук ас арааһа астанна, хомулунна.
“Баччаларга муҥха үгэнэ буолан, Күөх Боллох бэрсибит минньигэс соботуттан икки куулу соркуойдуурга диэн анаан нэһилиэкпит эдэр ыччаттара Василий, Валерий, Иван Сивцевтар олохтоох дьаһалтаҕа аҕалан туттарбыттара, — диэн иһитиннэрэр А.В. Аргунов аатынан Норуот айымньытын, култууратын дьиэтин дириэктэрэ Марианна Сивцева. – Онон тэрилтэнэн собону соркуойдуурга орто оскуола үлэһиттэрэ, учууталлара, “Чуораанчык” уһуйаан, олохтоох дьаһалта кэлэктиибэ көхтөөхтүк кытта сылдьалларын киһи астына бэлиэтиир. Ити курдук сииттэлэр туохтан да туора турбакка, төһө кыахпыт баарынан Кыайыы туһугар күүс-көмө буола олоробут. Хас биирдиилэригэр көмөлөһөр киһиэхэ махтанабыт, киэн туттабыт”.
Бу күннэргэ Сииттэ нэһилиэгэр 1 тыһ. собо соркуойданан, бурдук ас арааһа, 150 бэрэски астанан, сылаас таҥас-сап, суунар мал-сал хомуллан, барыта 17 дьааһыкка, куулга угуллан, быстах дьайыы буола турар сиригэр ыытылынна. Өссө да элбэх бэрэскини, бурдук ас арааһын Сииттэ далбар хотуттара астыы сылдьаллар. Байыаннай дьайыыга сылдьар тапталлаах оҕолоругар сииттэлэр итинник үһүс сылларын ким туох кыахтааҕынан көмөлөһө олороллор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: