Сииттэлэр тыһыынча собону соркуойдаан ыыттылар

Share

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгин дьоно эмиэ атын нэһилиэктэр курдук, байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолоругар ким туох кыахтааҕынан көмөлөһө олороллор. Бу күннэргэ сылаас таҥас-сап бэлэмнэннэ, муҥха балыгыттан тыһыынчанан собо соркуойданна,  бурдук ас арааһа астанна, хомулунна.

Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.
Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.
Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.
Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.
Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.
Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.
Хаартыска: Марианна Сивцева тиксэриитэ.

“Баччаларга муҥха үгэнэ буолан, Күөх Боллох бэрсибит минньигэс соботуттан  икки куулу соркуойдуурга диэн анаан нэһилиэкпит эдэр ыччаттара Василий, Валерий, Иван Сивцевтар олохтоох дьаһалтаҕа аҕалан туттарбыттара, — диэн иһитиннэрэр А.В. Аргунов аатынан Норуот айымньытын, култууратын  дьиэтин дириэктэрэ Марианна Сивцева. – Онон тэрилтэнэн собону соркуойдуурга орто оскуола үлэһиттэрэ, учууталлара, “Чуораанчык” уһуйаан,  олохтоох дьаһалта кэлэктиибэ көхтөөхтүк кытта сылдьалларын киһи астына бэлиэтиир. Ити курдук сииттэлэр туохтан да туора турбакка, төһө кыахпыт баарынан Кыайыы туһугар күүс-көмө буола олоробут. Хас биирдиилэригэр көмөлөһөр киһиэхэ махтанабыт, киэн туттабыт”.

Бу күннэргэ Сииттэ нэһилиэгэр 1 тыһ. собо соркуойданан, бурдук ас арааһа, 150 бэрэски астанан, сылаас таҥас-сап, суунар мал-сал хомуллан, барыта 17 дьааһыкка, куулга угуллан, быстах дьайыы буола турар сиригэр ыытылынна. Өссө да элбэх бэрэскини, бурдук ас арааһын Сииттэ далбар хотуттара астыы сылдьаллар. Байыаннай дьайыыга сылдьар тапталлаах оҕолоругар сииттэлэр  итинник үһүс сылларын ким туох кыахтааҕынан көмөлөһө олороллор.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата үрдүөҕэ

2025 сылга "Дьиэ кэргэн" өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата үрдээн, 316 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ диэн СӨ…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гуманитарнай чинчийии института уонна Эдьигээн оройуонун дьаһалтата бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабарга илии баттастылар

Эдьигээн Саха сирин биир баай устуоруйалаах, ураты олохтоох оройуона буолар. Манна бастакы остуруогу нуучча хаһаактара…

23 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Билбэт нүөмэргититтэн эрийдэхтэринэ ылымаҥ”

Бэҕэһээ Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэр бэрт сэргэх уонна туһалаах тэрээһин буолбут. Ол курдук, Биэнсийэлээхтэр  сэбиэттэрин…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьон федеральнай бүддьүөттэн эбии көмөнү ылыахтара

Быйыл ыам ыйыгар Өлүөнэ, Бүлүү уонна Анаабыр өрүстэр халааннарыттан эмсэҕэлээбит Саха сирин олохтоохторугар эбии харчынан…

53 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Владивостокка Дьоруой Дмитрий Егоров өйдөбүнньүгүн туруордулар

Сэтинньи 27 күнүгэр, Муора пехотатын күнүгэр, Владивосток куоракка Дьоруойдар аллеяларыгар Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров-Сунтаар бюһа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сириттэн Монголияҕа ыҥыыр атынан тиийбит айанньыттары кытта көрсүһүү

Убаастабыллаах суруналыыстар, куорат олохтоохторо! sakha-sire.ru саайт сэтинньи 28 күнүгэр, күнүс 2 чаастан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиакииҥҥэ (Орджоникидзе…

2 часа ago