Сийиэс дэлэгээттэрэ IT-пааркаҕа ыалдьыттаатылар
Саха тылын, литературатын, төрүт култууратын учууталларын сийиэһин дэлэгээттэрэ сэтинньи 23 күнүгэр IT-пааркаҕа ыалдьыттаатылар. Дьэ, информационнай технологияларга инники күөҥҥэ сылдьар IT-пааркаҕа саха тылыгар, култууратыгар сыһыаннаах туох бырайыактар бааллар эбитий?
Бастакынан ANIRUM сыыппаранан уруһуй уонна анимация оскуолатыгар сырыттылар. Манна 2D графика, 3D моделирование уонна 3D анимация ньыматынан уруһуйдуурга, мультиктары оҥорорго оҕолору, ыччаты үөрэтэллэр. Судургутук эттэххэ, уруһуйу көмпүүтэргэ, графическай планшетка оҥороллор.
Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхону ыччат сөбүлүүр манга истиилинэн комикс уруһуйдаан, кинигэ оҥорон таһаарбыттар. Оҕолор олоҥхону интэриэһиргииллэригэр биир сонун ньыма эбит. Учууталлар сонно тута көмпүүтэргэ олорон уруһуйдаан көрдүлэр, элбэх ыйытыылары биэрдилэр.
Салгыы “Сахалыы” диэн мобильнай сыһыарыыны билиһиннэрдилэр. Бу бырайыак сахалыы билбэт дьону кэпсэтэргэ үөрэтэр сыаллаах. Уустук кырамаатыка быраабылаларын буолбакка, оонньуу, кэпсэтии курдук үөрэтэр буоланнар, киһи түргэнник саҥара үөрэнэр. Сыһыарыыны тэҥэ, куурустары эмиэ ыыталлар. Бу Ил Дархан гранын ылбыт бырайыагы Лилия, Ньургун Бэчигэннэр толкуйдаан, олоххо киллэрбиттэрэ.
Маны тэҥэ, SKILLOMETR диэн бырайыак үлэ үөрүйэхтэригэр, идэни таларга көмөлөһөр. Искусственнай “өй-мэйии” сүбэлиир, үөрэтэр, суолгун ыйар. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарга туһалаах платформа эбит.
“Буукуба эйгэтэ” диэн саҥа букубаары оҥорон таһаарбыттарын кэпсээтилэр. Бу букубаар оскуолаҕа киирэ илик оҕолорго анаммыт. Тупсаҕай уруһуйдардаах, оҕоҕо анаммыт хоһооннордоох, кэпсээннэрдээх, аан бастаан дорҕоону үөрэтэр, ааҕарга уһуйар кинигэ.
“Пора Роста” диэн тэйиччиттэн тэрээһиннэри ыытарга көмөлөһөр киин бырайыактарын билиһиннэрдэ. Бу ордук учууталларга, үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ наадалаах сервис эбит. Оҕолор үөрэнэллэригэр интерактивнай тренажердар, научнай үлэлэри, тэрээһиннэр сценарийдарын оҥорорго көмө матырыйааллар, онлайн-куурустар, методическай ыйынньыктар, о.д.а. бааллар. Тэйиччиттэн олимпиадалары, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэри ыыталлар, кинигэлэри бэчээттииллэр, бэйэлэрэ интэриниэт-маҕаһыыннаахтар.
Бу курдук учууталлар интэриэһинэй бырайыактары көрдүлэр-иһиттилэр, ыйыттылар, инники үлэлэригэр туһалаах сибээстэри олохтоотулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: