Бу күннэргэ саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһэ буолла. Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, быйылгы сийиэскэ өрөспүүбүлүкэ бары улууһуттан 502 дэлэгээт талыллан кэлбит.
Ил Дархан Айсен Николаев:
– 1992 сыллаахха ылыммыт “СӨ Тылларын туһунан” сокуоммут быйыл 30 сылын туолар. Бу сыллар тухары улахан үлэ барда. Ол түмүгэр төрүт тыллары бэйэ-бэйэлэригэр дьүөрэлээн сайыннарыы ураты эйгэтин олохтоотубут. Бу – дьоһун ситиһии.
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 50 тыһ. тахса оҕо сахалыы үөрэнэр, 34 тыһ. оҕо саха тылын үөрэтэр. Бу көрдөрүү кэлиҥҥи алта сыл устата 11 тыһ. улаатта. Кэлимник, сыаллаахтык-соруктаахтык ыытыллар үлэ түмүгэ буолар. Ол эрээри, уустук боппуруостар билигин даҕаны бааллар. Бу хайысханы салгыы сайыннарар, тирэхтиир бары уопсай сорукпут буолар. Ол курдук, саха тылын үөрэтэр каадырдары бэлэмнээһин таһыма таһыччы улаатыахтаах. Оскуолаҕа эрэ буолбакка, уһуйааннарга кыра саастаах оҕолору төрөөбүт тылларынан иитэр-үөрэтэр исписэлиистэри бэлэмнииргэ ылсан үлэлиэхтээхпит. Манна анаан орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын бырагыраамаларыгар кэккэ уларыйыылар киирэллэрэ ирдэнэр. Маны тэҥэ, саха тыла кэлэр кэскилгэ, аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиэхтээх. Үөрэх кинигэлэрин, босуобуйаларын бэчээттээн эрэ буолбакка, сыыппара көрүҥүнэн таһаарыы салҕаныа. Төрүт тыллары интэриниэт ситимигэр көһөрүү күүскэ барыа. Ол курдук, “Төрүт тыллар” диэн иитэр-үөрэтэр хайысхалаах портал салгыы сайдыа. Бу портал үөрэнээччигэ, учууталга уонна төрөппүккэ төрөөбүт тылы үөрэтэргэ улахан кыаҕы биэриэхтээх. Бу эппит хайысхалары мин сорудахпынан тэриллибит Төрүт тыллары үөрэтэр, чинчийэр уонна сайыннарар эрэгийиэннээҕи киин бииргэ сайыннарыа.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тылы сайыннарыыга уһулуччу болҕомтону ууран туран, бу хайысха үбүлээһинин үрдэтэргэ быһаардым. Анал бырагыраама иһинэн сыллата 56 мөл. солк. көрүллэр эбит буоллаҕына, эһиилги үбүлээһин 100 мөл. солк. диэри улаатыахтаах, – диэн сүрүн мунньах кэмигэр видеонан этиитигэр бэлиэтээтэ.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев Ил Түмэн тыл боппуруостарыгар улахан болҕомтону уурарын ыйар. 2017 сыллаахха ыытыллыбыт саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи I сийиэһин түмүк докумуона Ил Түмэҥҥэ туруорбут соруктарын толорон, 2019 сыллаахха бар дьон дьокутааттарын туруорсууларынан, СӨ Конституционнай Суута СӨ Төрүт Сокуонун 22-с ыстатыйатыгар өрөспүүбүлүкэбит национальнай, этнокультурнай уо.д.а. уратыларын учуоттуур туһунан сиһилии быһаарыыны биэрбитэ диэн эттэ.
“Кэлэр сылтан Ил Түмэҥҥэ сокуоннар барыллара икки судаарыстыбаннай тылынан (нууччалыы, сахалыы) киирэллэрин ситистибит. Улахан болҕомтону сир-дойду аатын сахалыы суруйар эрэйэр. Сорох тыл нууччалыы суруллара табыгаһа суох буолааччы. Тиэрмини сөпкө тылбаастааһын, туттуу ордук билим эйгэтигэр суолталаах. Ким хайдах өйдүүрүнэн буолбакка, бигэргэммит нуорма туруоруллуохтаах. Үлэни тэтимирдэр, тупсарар туһугар Ил Түмэҥҥэ тылбаасчыттар бөлөхтөрүн күүһүрдэр үлэ барар”, – диэн эттэ.
Сүрүн дакылааты үөрэх уонна билим миниистирэ Ирина Любимова оҥордо. 2017 сыллаахха саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын бастакы сийиэһигэр киирбит этиилэр биэс сыл иһигэр төһө туолбуттарын сиһилии үөрэппиттэрин уонна этиилэр сүнньүнэн туолбуттарын, өссө даҕаны үлэ салгыы ыытылла турарын бэлиэтиир. “Министиэристибэҕэ түмүллэр оскуолалар отчуоттарыттан көрдөххө, 2022 сылга 637 оскуола баарыттан, саха тылынан үөрэтэр оскуола уонна саха тылын биридимиэт уонна кэпсэтии тылын быһыытынан үөрэтэр оскуола ахсаана 478. Ол аата өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 57% оҕо төрөөбүт тылын үөрэтэр.
Сахалыы иитэр-үөрэтэр оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэлэрин ситимин сүтэрбэтибит. Итинник 748 тэрилтэ баарыттан сахалыы хайысхалааҕа 493 (65%) уһуйааҥҥа тиийдэ.
Ол эрээри, кэккэ боппуруостарга билигин даҕаны эбии болҕомтону ууран, сөптөөх дьаһалы ылар наадата көстөн таҕыста. Дьокуускай куоракка уонна бырамыысыланнай оройуоннар кииннэригэр, холобур, Алдан, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри курдук оройуоннарга сахалыы үөрэтэр оскуолалары, төрөөбүт тылынан иитэр оҕо саадтарын элбэтэр сорук турар. Бу куораттар, оройуоннар баhылыктарыгар биhигини кытта биир кэлим былаан ылынан бу хайысхаҕа үлэлэhиэҕиҥ диэн этии киллэрэбин, – диэн этэр.
Аны төрөөбүт тылынан олимпиада, хонтуруолунай үлэ туһунан миниистир бэйэтин дакылаатыгар эмиэ ахтан аһарда. Быйылгы үөрэх дьылыгар «Төрөөбүт тыл» уонна “Төрөөбүт литэрэтиирэ» биридимиэттэргэ 9-с кылааска үлэни сөпкө толоруу бырыһыана 99,3%, хаачыстыбата 71%, 11-с кылааска үлэни сөпкө толоруу бырыһыана 100%, хаачыстыбата 85% бырыһыаннарга тэҥнэспит. Оттон 9-с кылааска сүрүннүүр эксээмэн түмүгүн көрдөрүүтүгэр кыттааччы уопсай ахсааныттан 72% үрдүк хаачыстыбаҕа үлэлээбитэ ыйыллар. Абый, Анаабыр, Амма, Булуҥ, Горнай, Муома, Өлүөхүмэ, Томпо улууһуттан кыттыбыт оҕолор 100% хаачыстыба көрдөрүүлээхтэр эбит. Ордук көхтөөхтүк уонна тэрээһиннээхтик Үѳһээ Бүлүү (47), Уус Алдан (36), Нам (8), Мэҥэ Хаҥалас (32), Ньурба (25), Дьокуускай (21), Чурапчы (18) улуустара кыттыбыттар.
Биир кэлим эксээмэҥҥэ 2019 сыллаахха Нам улууһун Хамаҕатта орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Седалищева Татьяна биир кэлим эксээмэҥҥэ муҥутуур 100 баалы ылбытын санатта (учуутала – Дьяконова Изамира Николаевна).
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр төрөөбүт тылларга олимпиада маннык биридимиэттэринэн ыытыллар: саха тыла, саха литэрэтиирэтэ, кэпсэтии тылыгар (разговорный язык), төрүт олохтоох омуктар (эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, долган, чукча) тылларын олимпиадата.
Сибиир уонна Илин Уһук эрэгийиэннэрин төрөөбүт тылларыгар, култуураларыгар аналлаах олимпиадаҕа быйыл өрөспүүбүлүкэттэн 55 үөрэнээччи киирбит. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар саха тылыгар, саха литэрэтиирэтигэр, кэпсэтии тылыгар уонна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ыытар олимпиадатын кыайыылаахтара уонна призердара, барыта 136 үөрэнээччи кыттар чиэскэ тиксибит. Барыта 7 кыайыылаах уонна 29 призертан Саха сириттэн 9 үөрэнээччи миэстэлэһэн үөрүү өрөгөйүн билбиттэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин ураты этиини оҥордо. “Саха тылын кытта судаарыстыбаннас быһаччы сибээстээҕин бары чопчу өйдүүрбүт ирдэнэр.
Билиҥҥи кэмҥэ биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Саха тылын тыа сиригэр, тыа хаһаайыстыбатыгар, ынахпытыгар, сылгыбытыгар “баайан” кэбистибит, бу тыл онтон атыны билбэтин курдук. Сахалыы тыллаах куораттыы култуура баар буолуохтаах, булгуччу үөскүөхтээх. Атын омуктартан уратыбыт диэн, сахаларга куораттыы олорор үгэспит суох. Ыһыахха, айылҕаҕа сылдьыыга, 300-чэкэ буолан муҥхалыырга ким да сыыһа-халты хамсааһыны таһаарбат. Бу – үйэлэр тухары үөрэммит дьарыкпыт. Оттон куоракка олорор үгэс суох. Ол иһин атын омуктары үтүктэ сатыыбыт. Билиҥҥи уларыйбыт олоххо саха тыла эмиэ сөп түбэһиэхтээх. Саха тыла аҥардастыы тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ аналлаах тыл буолбатах эбээт”, — диэн дэлэгэттэри сэргэхситтэ, сэҥээртэ.
Аны билиҥҥи оҕо төрөөбүт тылын билбэтин ыйар. Бэл диэтэр, “ньирэйи” – “ынах оҕото”, “оҕуһу” – “ынах папата” дииллэрин, уҥа-хаҥас, илин-арҕаа диэни араарбаттарын бэлиэтиир. Оннук дьону бүгүҥҥү үөрэх кинигэтинэн үөрэтэр табыллыбатын ыйар. Итиэннэ учууталлар чаастарын эбии үөрэхтээһиҥҥэ ыыттахтарына, хамнас боппуруоһа туруон, манна эрдэттэн болҕомто уурар ирдэнэрин этэр.
Түмүктээн эттэххэ, өскөтүн ааспыт сийиэс уопсай хабааннаах соҕус ыытыллыбыт эбит буоллаҕына, бу сырыыга учууталлар туруорсар боппуруостара чопчуламмыт, үөрэнээччи, оскуола, төрөппүт тула буолла. Итиэннэ дэлэгээттэр даҕаны эдэримсийбиттэр.
Сийиэс кыттыылаахтара эппит-тыыммыт этиилэрэ резолюцияҕа тиһиллэн, олоххо киирэрин кэтэһэллэр.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…