Сийиэс: “Таба баар – тыл баар”

Share

Бу күннэргэ Дьокуускайга СӨ аҕыйах ахсааннаах омуктарын төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин, култуураларын учууталларын бастакы сийиэһэ буолан ааста.

Төрөөбүт тыл – болҕомто киинигэр

Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ тылыгар бу сийиэс аҕыйах ахсааннаах төрөөбүт тыл учууталларыгар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ суолталааҕын бэлиэтээтэ. “Тыл уонна култуура үгэстэрэ – бу уопсастыба олорор уонна сайдар бигэ тирэҕэ. Сийиэс түмүгүнэн хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар төрөөбүт тылларын чөл хаалларыы, сайын­нарыы боппуруоһа быһаа­рылларыгар уонна элбэх омуктар тоҕуоруһан олорор өрөспүүбүлүкэбитигэр култууралар икки ардыларынааҕы көдьүүстээх диалог хааччылларыгар эрэнэбит”, – диэн эттэ.

Сийиэс иитинэн улахан быыстапка турда.

Бырабыыталыстыба бэрэс­сэдээтэлин солбуйааччы  Сергей Местников: “Төрөөбүт тыл хас биирдии норуокка төрүт суолталаах, этноһы үөскэтэр бэлиэнэн уонна төрүт култуурабыт сүрүн тутулунан буолар. Биһиги сорукпут – ону көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдии”, – диэн эттэ.

Кэлин төрөөбүт тыллары сайыннарыыга салалта өттүттэн улахан болҕомто ууруллар, үп көрүллэр, кэнсиэп­сийэ оҥоһуллубута, миэрэлэри ылаллар. Бэрэссэдээтэли солбуйааччы бу систиэмэлээх миэрэлэр төрүт норуоттар ураты тылларын, нэһилиэсти­бэлэрин чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга көмөлөһүөхтээхтэр, ол эрээри, олохтоохтор бэйэлэринэн кытта, төрөөбүт тылы билэр ирдэнэрин өйдүү иликтэринэ, биһиги иннибитигэр турар соруктары быһаарар уустук буолуо диэн бэлиэтээтэ.

Сыыппаралар, чахчылар

– 400-чэ дэлэгээт: 200-тэн тахса учуутал

– 85 572 оҕо төрөөбүт тылынан үөрэнэр: 4224 үөрэнээччи хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар бэрэстэбиитэллэрэ, 1855 оҕо (44%) төрөөбүт тылы үөрэх биридимиэтин быһыытынан
үөрэтэр, 3024 оҕо (71,5 %) төрүт култуураны уруок, уруогу таһынан дьарык көрүҥүнэн үөрэтэр.
– 2549 уһуйаан иитиллээччитэ аҕыйах ахсааннаах олохтоох омук оҕото (түөлбэлээн олорор сирдэригэр):
810 иитиллээччи (31%) төрөөбүт тылын үөрэтэр,1850 иитиллээччи (72%) төрүт култуураҕа уһуйуллар.

Сүрүн дакылаат

Үөрэх уонна билим миниис­тирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова оҥорбут сүрүн дакылаатыгар, хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар төрөөбүт тылларынан үөрэниилэрин тэрийии билиҥҥи туругун чинчийиини билиһиннэрдэ итиэннэ түмүк бэрдэ суоҕун ыйда (сыыппаралары көр).

“Бүтэһик биэрэпис көрдөрбүтүнэн, Дьокуускай куоракка 6960 хотугу аҕыйах ахсаан­наах омук бэрэстэбиитэлэ олорор. Ол иһигэр 4819 эбэҥки, 1495 эбээн, 311 долгаан, 266 дьүкээгир, 69 чукча. Дьокуускайга эмиэ хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан үөрэтии баар буолуохтаах. Күн бүгүн барыта 48 оҕо эбэҥки тылын үөрэтэр. Уһуйааҥҥа үөрэтиллибэт”, – диэн иһитиннэрдэ.

Миниистири бастакы солбуйааччы дакылаатыгар  хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар оҕолоро төрөөбүт тылларынан уһуйаллалларыгар туох кыһалҕалар туралларын ыйда. Кини маныаха төрөппүттэр ортолоругар сырдатар, өйдөтөр үлэни ыытыы, оҕо тылы ос­­куолаҕа киириэн иннинэ ордук судургутук, үчүгэйдик ылынарын учуоттаан, уһуйааннарга тылы үөрэтиигэ анал быра­йыагы толкуйдуур уонна көс уһу­йааннар бөлөхтөрүн аһар ирдэнэрин, үөрэх кинигэлэринэн хааччыйыы, чаас эбиллиитин, педагогтар хамнастарын туһунан боппуруостарга тохтоото.

Дэлэгээттэр санаалара

Ирина Винокурова, Өймөкөөн улууһун Үчүгэй оскуо­латын эбээн култууратыгар уонна үгэстэригэр уруогу таһынан дьарык педагога:

Тус бэйэм санаабар, сийиэс олус көдьүүстээх. Сийиэс кэмигэр бэйэм дьоммун көрсөн, эбээннии кэпсэтэн дуоһуйдум. Маастар-кылаастарга сылдьан биир идэлээхтэрим үлэлэригэр бэриниилээхтэрин, кыһамньылаахтарын өссө төгүл итэҕэйдим. Үөрэтии, уһуйуу саҥа маастарыстыбаларын билис­тибит.

Биһиэхэ таба баар эрээри, эбээн тыла сүттэ. Үөрэнээччилэрбит төрөөбүт тылларын билбэт, сахалыы тыллаах оҕолор. Ол иһин кинилэри хоһоон, ырыа нөҥүө үөрэтэбин. Биһиги кэпсэтэр тылбыт – саха тыла. Онон эбээн тылыгар уруок чааһын, хамнас көрүллүүтүн туруорсабыт. ФГОС-нан ­уруогу таһынан дьарык уһуйааччыларыгар тылга аналлаах куурустар ыытыллаллара буоллар диэн баҕалаахпыт. Эдэрдэр атын улуустар уопуттарын көрөн үгүһү иҥэринэллэрэ эмиэ улахан суолталаах. Ол эрээри, сорох улуустартан Дьокуускайга кэлэллэригэр айаннарын төлөбүрэ ыарахан, уустуктардаах, кыаллыбат түгэнигэр улууска бэйэтигэр тиийэллэрэ бэрт этэ, – диэн санаатын үллэстэр.

Наталья Потапова, Булуҥ улууһун Быыкап оскуолатын алын кылааһын, эбэҥки тылын учуутала:

Сийиэскэ кэлэн олус элбэх уопуту иҥэринним, бэйэ-бэйэбитин кытта билис­тибит, хайдах үлэлииллэрин биллибит. Төһө кыалларынан, туох-баар тэрээһиҥҥэ барытыгар сылдьа сатаатыбыт эрээри, бырагыраама олус киэҥ. Тус бэйэм Арктикатааҕы оскуолаҕа, Бэс Чагда сынньалаҥ киинигэр сырыыбытын сэргээтим. Кэмпириэнсийэҕэ кэлбит оҕолор хайдах кэпсэтэллэрин истэн олус үөрдүм, эйгэ суох да буоллар, биһиги оҕолорбут тэҥҥэ барсан, хардыылаан иһэллэрин көрөн долгуйдум.

Оскуолабыт 11 кылаастаах, 87 үөрэнээччилээхпит. Бөһүөлэккэ эбэҥки тылынан саҥарааччы, эйгэ суох, ол иһин быстах этиилэринэн үөрэтэбит. Эбэҥки тылын, литэрэтиирэтин, үөрэҕи таһынан дьарыгы ыытабыт.

Бастакытынан, эбэҥки уруогар чаас көрүллүүтүн туруорсабыт. Өскөтүн нэдиэлэҕэ икки чаастаах буоллахтарына, итинтэн биирэ тыл, иккиһэ – литэрэтиирэ. Кэлэр нэдиэлэҕэ диэри тугу үөрэппиттэрин умна быһыытыйаллар. Иккиһинэн, үөрэх кинигэтэ тиийбэт, 5-9 кылаас үөрэнээччилэригэр литэрэтиирэ букатын суох, бэйэ-бэйэлэриттэн уларсыһан үөрэнэллэр. Икки сыл аангылыйа тылын учуутала суох олордубут. Быйыл бырагырааманан Бурятияттан учуутал кэлэн үлэлээн эрэр. Хоту эдэр педагогтар тиийбэттэр.

Хаартыскаҕа ааптар түһэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

40 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago