Силээннээххэ эдэр бөҕөстөр күөн көрүстүлэр

Share

Бэҕэһээ, муус устар 28 күнүгэр, Усуйаана улууһугар Силээннээххэ көҥүл тустууга ССРС успуордун маастара Давид Николаевич Голиков кэриэһигэр уолаттарга көҥүл тустууга турнир ыытылынна.

Хаартыска Иванна Петрачук тиксэриитэ

Бу күрэхтэһии хамсык турбутугар тохтуу сылдьан баран, быйылгыттан хат сөргүтүлүннэ. Тэрийээччи – Александр Давыдов дириэктэрдээх П.Н.Николаев аатынан Сайылык орто оскуолата.
Тустуунан умсугуйбут хоту дойду уола Давид Голиков соҕуруу, Павлодардааҕы педагогическай институкка  үөрэнэн, дьарыктанан, физкултуура учууталын идэтин баһылаабыта. ССРС успуордун маастарын нуорматын толорон төрөөбүт түөлбэтигэр эргиллибитэ. Итиэннэ, сааһын тухары төрөөбүт Сайылыгын оскуолатыгар учууталынан уонна кини уһуйааччы быһыытынан ситиһиитигэр олоҕуран арыллыбыт оҕо спортивнай оскуолатын филиалыгар көҥүл тустууга тириэньэринэн үлэлээн, үгүс ыччаты успуорт эйгэтигэр киллэрбитэ, эт-хаан өттүнэн сайыннарбыта. Өр кэмнээх сыралаах үлэтин түмүгэр РСФСР успуордун бэтэрээнэ ааты ылбыта. Кини дэгиттэр спортсмен буоларын нуучча дуобатыгар бастакы раздрядтааҕа эмиэ кэрэһилиир.

Үөрэнээччитэ, Усуйаана улууһун баһылыгын социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччыта Андрей Кычкин санаатын үллэһиннэ:
Давид Николаевичка үөрэммит, көҥүл тустуунан дьарыктана сылдьыбыт киһи быһыытынан эттэхпинэ, кини эт-хаан өттүнэн сайдыылаах эрэ буоларга уһуйбатах – олоххо туруоруммут сыалы ситиһэргэ, күүскэ үлэлииргэ-хамсыырга, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах, патриот буоларга эмиэ такайбыт эбит. Кини олохсуппут үгэстэригэр тирэнэн, Силээннээх сириттэн оҕолорго аан дойду чөмпүйэнээтин призера, Арассыыйа чөмпүйүөнэ Валера Андросов, быйыл Арассыыйаҕа дьахталларга бастыыр иһин күрэхтэһии кыайыылааҕынан буолбут Лилиана Рожина курдук күн бүгүн Саха сирин ааттата сылдьар бөҕөстөр үүнэн таҕыстылар. Биһиги Усуйаанабытыгар дьоҕурдаах ыччаттар үгүстэр. Кинилэри булуохха, сайдалларыгар кыахта биэриэххэ, өйүөххэ наада.

Хаартыска Иванна Петрачук тиксэриитэ

Усуйаана аатын улахан түһүлгэлэргэ соргулаахтык ааттаппыт бөҕөс Давид Голиков аатыгар сүгүрүйэн туран, көҥүл тустуу турнирыгар кыра уонна улахан уолаттар диэн икки бөлөҕүнэн арахсан, 40 эдэр тустуук Депутатскайтан, Уйаандьыттан уонна Силээннээхтэн күөн көрүстүлэр. Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэринэн улахан уолаттарга 35 кг ыйааһыннаахтарга Эрсаан Чичигинаров, 38 кг Бореслав Аммосов, 45 кг Роберт Ефимов, 50 кг үөһэ Леонтий Петрачук; онтон кыра уолаттарга 22 кг Валериан Моисеев, 26 кг Даниель Абрамов, 30 кг үөһэ Заян Агинов кыайыылааҕынан таҕыстылар.

Турнир кыттыылаахтарыгар эҕэрдэтин, Усуйаанаҕа төрөөбүт, көҥүл тустууга 23 саастарыгар диэри эдэрдэргэ Арассыыйа чөмпүйүөнэ Лев Павлов тиэртэ:
Кииним түспүт сирин – Усуйаана дьонун ааспыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн эҕэрдэлиибин! Төрөөбүт дойдум эдэр бөҕөстөрүгэр дьаныардаахтык дьарыктаныҥ, кыайтарыыттан самныбакка кыайарга дьулуһуҥ, кыайыы үгүс көлөһүнү тохтоххо кэлэрин умнумаҥ диэн сүбэлиибин. Бу күрэхтэһииттэн саҕалаан өссө улахан түһүлгэлэргэ тахсан иһиҥ! Хоту дойду хоһууннарыттан аан дойду ааттаахтарын кыайар-хотор чөмпүйүөннэр үүнэн-сайдан тахсалларыгар эрэнэбин!

Иванна Петрачук

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago