Силиэдэбэтэллэр киин куоракка дьон өлүүлээх баһаар тахсыбыт төрүөтүн быһаараллар
Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин управлениетын отделынан Дьокуускай куорат Хабаров аатынан уулуссаҕа икки этээстээх элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ уоту умуруорууга эр киһи уонна дьахтар өлүктэрэ булуллубут чахчытынан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар.
Быһылаан буолбут сиригэр силиэстийэлиир бөлөх үлэһиттэрэ быһылаан миэстэтин көрүүнү ыыттылар, чугас эргин ыалларынан ыйытыылары биэрдилэр уонна да атын бэрэбиэркэлиир дьаһаллары ыыттылар. Ону таһынан билигин балыыһаҕа сытар үһүс эмсэҕэлээбит эр киһиэхэ бары наадалаах мэдиссиинэ көмөтө оҥоһуллар.
Процессуальнай бэрэбиэркэ чэрчитинэн баһаар тахсыбыт төрүөтүн быһаарар тэрээһиннэр ыытыллаллар. Наадалаах экспертнэй чинчийиилэр ананнылар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн холуобунай-процессуальнай сокуонунан сөптөөх быһаарыы ылыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: