“Симэх” кииҥҥэ норуот уус-уран маастара Надежда Иванова быыстапката аһылынна

Share

“Симэх” норуот уус-уран оҥоһуктарын киинигэр СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, норуот уус-уран маастара, баайыыга ураты суоллаах, аныгылыы истииллээх, мустубут дьон бэлиэтээбитинии баайыы королевата Надежда Иванова “Волшебный клубок Надежды” айар быыстапката турда.

Быстапканы үөрүүлээхтик аһар аалай лиэнтэни “Симэх” норуот уус-уран оҥоһуктарын киинин дириэктэрэ Яна Игнатьева, Семен уонна Софрон Даниловтар ааттарынан дуохуобунас киинин дириэктэрэ Александра Алексеева, быыстапка хаһаайката Надежда Иванова быстылар.

Надежда Афанасьевна 1989 сылтан күн бүгүҥҥэ диэри Горнай улууһун киин балыыһатыгар акушеркалыыр. Бу сыллар тухары сүүһүнэн оҕону сылаас илиитигэр түһэрэн, Орто Дойдуну көрдөрдө. Быыс булла эрэ баайыынан дьарыктанар.

“Симэх” киин дириэктэрэ Яна Игнатьева: “Надежда Афанасьевна, баайыы королевата буолар. Норуот айымньыта сайдарыгар бэйэтин кылаатын киллэрэ сылдьар киһи, айылҕаттан тарбаҕар талааннаах, сатабыллаах маастар, бүгүрү үлэһит, баайар фантазията киэҥ. Инникитин баайыынан эрэ буолбакка, өбүгэ саҕаттан кэлбит ииһинэн дьарыктанара, саҥа хайысхаларга ылсара буоллар”, — диэн бэлиэтээтэ, баҕа санаатын эттэ.

Горнай улууһун дьаһалтатын аатыттан, улуус үлэҕэ көмүскэллээх буолуутун кылаабынай исписэлииһэ Ольга Скрыбыкина эҕэрдэтин тиэртэ. “Надежда Афанасьевнаны тус бэйэм 2004 сылтан билэбин. Оҕолору, улахан дьону баайыы куруһуогар уһуйар. Кыыһа Лена Валерьевна ийэтин курдук эмиэ уран тарбахтаах, ийэтин кытта тэҥҥэ баайсара биһигини кэрэхсэтэр, Надежданы утумнааччы баар уонна баайыыга уһуйбут оҕолоро кини үлэтин салҕыахтара диэн бүк эрэллээхпин”, — диэн эттэ.

Надежда Иванова 2004 сыллаахха улуустааҕы “Надежда” муода устуудьуйатын арыйан, кыыһыныын Леналыын баайбыт таҥастарынан улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга, тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Быыстапкаҕа кыыстаах ийэ айбыт ураты, көрүөхтэн кэрэ таҥастарын көрдөрдүлэр.

Горнай улууһун култуураҕа управлениетын аатыттан, Семен уонна Софрон Даниловтар ааттарынан духуобунас киинин дириэктэрэ Александра Алексеева: “1978 сылтан күрүчүөктээх испииссэни туппутунан, 45 сыл устата баайар дьарыгы баһылаан, күн бүгүҥҥэ диэри сайыннара турар, Яна Викторовна эппитинии, чахчы баайыы королевата буолан тиийэн кэллэ. Кини 1992 сылтан биһиги тэрилтэбит иһинэн үлэлиир норуот маастардарын түмэр түмсүү саамай көхтөөх чилиэнэ. Горнай улууһун дьонун баайыыга угуйар. Билигин даҕаны суумкатыгар испиисэлээх сабын укта сылдьар буолуохтаах, манна олорор дьоҥҥо маастар-кылааһы ыытар кыахтаах киһи. Биллэринэн 324 оҕону баайыы куруһуогар үөрэппит эбит. Ааҕыллыбатаҕынан өссө элбэх буолуохтаах”, — диэн мустубут дьону сөхтөрдө.

Урукку сылларга баайбыт оҥоһуктарыгар, сахалыы сонноругар ханыылыы саҥа, өссө ураты, өссө сонун үлэлэрин көрдөрүүгэ аҕалбыт.

Өлүөхүмэ улууһун, аймахтар ааттарыттан эҕэрдэни улуустааҕы култуура, успуорт, дьиэ кэргэн уонна ыччат управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Ларионова тиэртэ: “Надежда Афанасьевна үлэтин кытта билсибитим сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Ол курдук, Кыыллаах Арыыга кини быыстапкатын оҥорон турардаахпыт, былырыын Өлүөхүмэҕэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар дьиэ кэргэнин кытта тиийэн көхтөөхтүк кыттыбыта. Дьиэ кэргэнинэн көхтөөх, иллээх, түмсүүлээх, аламаҕай дьон. Маны барытын Биир сүбэнэн ситиһэллэр. Бүгүн быыстапкаҕа аҕалбыт үлэлэрэ улахан сыраттан, үтүө санааттан тахсаллар”.

Надежда Афанасьева быыс көһүннэр, иллэҥсийдэр эрэ илиитигэр сабын, күрүчүөктээх испиисэтин ылан баайбытынан барар. Ол да иһин бу курдук көрүөхтэн кэрэ, ураты, сонун үлэлэр сыллата айыллан тахса тураллар, дьон хараҕын үөрдэллэр.

Дьокуускайга олорор Өлүөхүмэттэн төрүттээх биир дойдулаахтарын, “Сомоҕо” түмсүү аатыттан, СӨ бааһынай-пиэрмэрскэй хаһаайыстыбалар уонна тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтииптэрин ассоциацияларын толорооччу дириэктэрэ, тыа сирин дьахталларын лидерэ Зарема Бочкарева, П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр искусство кэллиэһин преподавателэ Надежда Корнилова тыл эттилэр, эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Зарема Бочкарева, бастатан туран, Судаарыстыбаннай Дуума 2-с ыҥырыытын дьокутаата, РФ үтүөлээх экэнэмииһэ Зоя Афанасьевна Корнилова аатыттан эҕэрдэ тиэртэ. “Бары биир кыракый Даппарайтан төрүттээхпит. Бу курдук тутуһан, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн улааппыт дьоммут. Горнай улууһугар күндү кийиит буолан, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэн, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэринэн өрүү көрөбүт-истэбит, ааҕабыт, киэн туттабыт”, — диэн ыйда.

Ити курдук, быыстапка аһыллар үөрүүлээх тэрээһинигэр Надежда Иванова бииргэ үлэлиир кэлиэгэлэрэ, идэлээх сойууһа, Горнай улууһун маастардарын түмсүүтэ, дьүөгэлэрэ, о.д.а. бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Маастар биһигин ыйаабыт дойдутуттан, Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгин, Даппарай сэлиэнньэтиттэн, улуустааҕы култуура управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мария Ларионова, Андрей Латышев ырыанан, М.Н.Жирков аатынан муусука кэллиэһин устудьуона Александра Колтогорова тойугунан, фольклор салаатын устудьуоннара хомуһунан эҕэрдэлээтилэр.

Быыстапка хаһаайката Надежда Афанасьевна Иванова кэлбит ыалдьыттарга махталын тиэртэ, алгыс тылларын анаата, сэмэй бэлэхтэрин туттарда.

Быыстапка сэтинньи 16-29 күннэригэр “Симэх” норуот уус-уран оҥоһуктарын киинигэр турар. Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, күнүс 14:00 чаастан ааптар Надежда Иванова “Күрүчүөгүнэн баайыы ньымалара” маастар-кылааһы ыытар. Быыстапкаҕа киирии билиэт сыаната 100 солк., маастар-кылаас босхо, эрдэттэн сурутар ирдэнэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

34 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

2 часа ago