«Симэммит Мааныкай» куонкуруска көхтөөхтүк кытыннылар

«Симэммит Мааныкай» куонкуруска көхтөөхтүк кытыннылар

19.11.2022, 13:19
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһун А.С. Бродников аатынан Төлөйдөөҕү «Аартык» норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ   «Симэммит Мааныкай» диэн ынах сүөһү хаартысканан куонкуруһун  ыытыылара үгэскэ кубулуйда.

Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Максим Смирников бэлиэтээбитинэн, норуокка биһирэммит куонкурус үһүс төгүлүн  ыытыллар. Хаартысканан куонкурус сэтинньи 4 күнүттэн сэтинньи 18 күнүгэр диэри ыытылынна.

Ыраахтан чугастан үгүс киһи «Мааныкайын» хаартыскатын ыытан, куйаар ситиминэн куонкуруска  бэрт көхтөөхтүк кытыннылар.

Ол курдук, Таатта улууһуттан 15 саастаах Коля Матвеев сайыҥҥы «Мааныкай» хаартыскатын ыытан кыттыыны ылла.

Оттон Горнай Дьиикимдэтиттэн Сардаана Тимофеева «Үрүмэччитин» симээн баран, ойбоҥҥо уулуу турарын ыыппыт.

Абый улууһун Сутуруоха нэһилиэгиттэн 2 кылаас үөрэнээччитэ Айнаара Слепцова «Сайыына» диэн ынаҕын сахалыы симээн түһэрэн ыыппыт.

Таатта Ытык Күөлүттэн Василий Захаров «таптыыр, мааны ынахпын миэстэлэһитэ дуу диэммин сэмэйдик сахалыы симээтим» диэн суруйан куонкуруска кыттыбыт.

Сайтка «лайк» ааҕыыта сэтинньи 18 күнүгэр  24:00 чааска түмүктэннэ. «Кылаан кыайыылаах» номинация бирииһэ — 40 л. үүт туттарар бөтүөн.  Атын улуус кыттааччыта кыайыылааҕынан  таҕыстаҕына, Дьокуускай куоракка киллэрэн тустаах аадырыска хааллараллар.

Маны таһынан «Көрөөччү биһирэбилэ» анал бириис кыайыылааҕын teleydnt.ru саайтка «биһирэбил» (лайк) ахсаанынан быһаарыахтара. Онон кыайыылаах ким буоларын эрэнэ кэтэһэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: