Чурапчы улууһун А.С. Бродников аатынан Төлөйдөөҕү «Аартык» норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ «Симэммит Мааныкай» диэн ынах сүөһү хаартысканан куонкуруһун ыытыылара үгэскэ кубулуйда.
Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Максим Смирников бэлиэтээбитинэн, норуокка биһирэммит куонкурус үһүс төгүлүн ыытыллар. Хаартысканан куонкурус сэтинньи 4 күнүттэн сэтинньи 18 күнүгэр диэри ыытылынна.
Ыраахтан чугастан үгүс киһи «Мааныкайын» хаартыскатын ыытан, куйаар ситиминэн куонкуруска бэрт көхтөөхтүк кытыннылар.
Ол курдук, Таатта улууһуттан 15 саастаах Коля Матвеев сайыҥҥы «Мааныкай» хаартыскатын ыытан кыттыыны ылла.
Оттон Горнай Дьиикимдэтиттэн Сардаана Тимофеева «Үрүмэччитин» симээн баран, ойбоҥҥо уулуу турарын ыыппыт.
Абый улууһун Сутуруоха нэһилиэгиттэн 2 кылаас үөрэнээччитэ Айнаара Слепцова «Сайыына» диэн ынаҕын сахалыы симээн түһэрэн ыыппыт.
Таатта Ытык Күөлүттэн Василий Захаров «таптыыр, мааны ынахпын миэстэлэһитэ дуу диэммин сэмэйдик сахалыы симээтим» диэн суруйан куонкуруска кыттыбыт.
Сайтка «лайк» ааҕыыта сэтинньи 18 күнүгэр 24:00 чааска түмүктэннэ. «Кылаан кыайыылаах» номинация бирииһэ — 40 л. үүт туттарар бөтүөн. Атын улуус кыттааччыта кыайыылааҕынан таҕыстаҕына, Дьокуускай куоракка киллэрэн тустаах аадырыска хааллараллар.
Маны таһынан «Көрөөччү биһирэбилэ» анал бириис кыайыылааҕын teleydnt.ru саайтка «биһирэбил» (лайк) ахсаанынан быһаарыахтара. Онон кыайыылаах ким буоларын эрэнэ кэтэһэбит.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…