Синоптиктар саас эрдэ кэлиитин сылыктыыллар
10.01.2025, 11:30
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Арассыыйа олохтоохторугар синоптиктар саас эрдэ кэлиитин эрэннэрдилэр.
Бу туһунан «Российская газета» дойду гидрометсулууспатын лабораториятын сэбиэдиссэйэ Людмила Паршина иһитиннэрдэ. «2025 сылга саас эрдэ саҕаланыа», — диэн дойду гидрометсулууспатын лабораториятын сэбиэдиссэйэ Людмила Паршина эттэ. Дойду үрдүнэн быйыл урукку сыллардааҕар күн-дьыл сылаас, сымнаҕас буолара күүтүллэр.
2025 сылга саас кэлиитэ РФ гидрометсулууспатын научнай салайааччыта Роман Вильфанд билгэтин кытта сөп түбэһэр, кини Арассыыйа үгүс эрэгийиэннэринэн тохсунньу ыйтан салгын температурата нуорманы таһынан үрдүк буоларын билгэлээбитэ. Онуоха Уралга салгын температуратын нуорманы таһынан аномалията бэлиэтэммитэ, онон бу кэлиҥҥи ыйдарга халлаан туруга арыый да сымнаҕас, сылаас турара күүтүллэр.
+1
17
+1
+1
1
+1
1
+1
2
+1
1
+1
7
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: