Сир аата төрүччүнү кытта ыкса ситимнээх
«Төрүччү төлкөтө» Саха сирин норуоттарын төрүччүтүн II сийиэһэ быйыл араас хайысхалаах үлэлээх дьону түмтэ.
Сийиэс былаһааккатыгар кэпсэтии төһө да түмүктэммитин үрдүнэн, дьон тарҕаспакка, бэйэ-бэйэлэрин кытта санаа атастаһа, уопут атастаһа тураллара — көрүөххэ астык. Мин атын дьоҥҥо олох кыһаммакка, бэйэлэрин тиэмэлэригэр киирэн хаалбыт дьону сэргии көрөн чугаһаатым. Кэпсэтиилэригэр буолан, дьонум мин кинилэргэ чугаһаабыппын да билбэккэ, тиэмэлэригэр киирэн хаалбыттар.
Салгыы сэһэргэһээччилэрбин кытта билсибитим, олох суолталаах үлэни ыыта сылдьар дьон биэрдилэр. Олорор сирдэрин чинчийэн, үөрэтэн баран, каарта оҥорбуттар.
Сэһэргэһээччилэрим уопуттарын атастаһан, үлэ хайысхатын ырытыһан баран, аны анал бөлөх тэринэргэ сананнылар. Онон бүгүн сийиэс бастакы күнүгэр билсибит Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕиттэн Николай Шишигин, бу улуустан Хаптаҕай нэһилиэгиттэн Мария Слободчикова, Дьокуускайтан Александр Протодьяконов, Таатта Чөркөөҕүттэн Гаврил Вырдылин аны куйаар ситиминэн билсэн, нэһилиэктэригэр тиийэн үлэлэрин көрүҥүн эбии тупсарыахтара, сонун сүүрээннэри олоххо киллэриэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: