Сир астыы тахсан баран сүппүт дьону буллулар
Саха сирин кылгас сайыныгар сир аһын үргээһин биир ураты абылаҥ. Билигин тэллэйи, отону, эмтээх оттору, онтон даҕаны атын туһалаах үүнээйилэри хомуйуу үгэнэ.
Үгүстэр бириэмэ көһүннэр эрэ тыаҕа талаһаллар, ол эрээри ардыгар «чуумпу бултааһыҥҥа» үлүһүйэн мунуу-тэнии тахсан, хомолтолоохтүк түмүктэнэр.
Бу күннэргэ сир астыы сылдьан тыаҕа дьон сүтүүлээх икки түгэн бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Миирнэй оройуонун Айхал бөһүөлэгэр икки эр киһи аэропорт туһаайыытынан тэллэйдии тахсан баран сүппүттэр. Эр дьон күнү быһа ойуурга хааман баран, түүн биирдэ муммуттарын өйдөөбүттэр. Ол кэннэ 112 систиэмэҕэ биллэрэннэр, көмө көрдөөбүттэр. Муммут дьону икки биригээдэ – Айхаллааҕы полиция отделын уонна олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ көрдөөтүлэр. Муммут дьону Верхняй күөл аттыттан Айхал бөһүөлэгиттэн 15 км буллулар.
Амма улууһун Амма сэлиэнньэтин 1945 сыллаах төрүөх олохтооҕо сарсыарда тыаҕа тахсыбыт, күнүс суолун булбакка, муммутун дьэ өйдөөбүт. Хата, кэргэнигэр төлөпүөннээн муммутун туһунан иһитиннэрэн, көмө көрдөөбүттэр. Муммут киһини олохтоох дьаһалтаттан 10 киһи көрдүү барбыт. Муна сылдьар кырдьаҕас киһини 16:00 ч. булбуттар.
Бу икки түбэлтэ этэҥҥэ түмүктэммит, кинилэр дьоллоругар төлөпүөн сибээһэ хабар сиригэр уонна мэлдьи кэпсэтэ сылдьыбыттар.
СӨ Быыһыыр сулууспата ойуурга тахсаргытыгар чугас дьоҥҥутун, хайа диэки, төһө кэмҥэ бараргытын сэрэтэргитигэр сүбэлиир. Тыаҕа тахсар киһи төлөпүөнэ сэрээттээх, халыҥ, дьэрэкээн өҥнөөх таҥастаах, банаардаах сылдьара ордук диэн быыһааччылар сүбэлииллэр. Өскөтүн, дьоҥҥут кэлиэхтээх кэмнэригэр кэлбэтэхтэрин, тута суһал сулууспаҕа биллэриҥ. Быыһыыр сулууспа суһал төлөпүөнэ «112», СӨ Быыһыыр сулууспатын суһал дьууһурунайын төлөпүөнэ (4112) 45-90-19.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: