Сир баайын хостооччулар бастакы пуорумнара буолла
Дьокускайга ахсынньы 22 күнүгэр Уһун Илиннээҕи сир баайын туһанааччылар бастакы пуорумнара буолан ааста. Манна Уһук Илин уокуругуттан 200-тэн тахса салайааччы уонна кылаабынай геологтар, эспиэрдэр кытыннылар.
Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа Сир баайын туһаныыга федеральнай ааҕыныстыбатыгар бу пуоруму Дьокуускайга ыытарга быһаарбытын иһин махтанна.
— Баараҕай стратегическай соруктары олоххо киллэрии кэмэ кэллэ. Арассыыйа минеральнай-сырьевой базатын тэтимнээх сайдыыта Саха сириттэн саҕаланарыттан үөрэбит, күүстээх үлэҕэ бэлэммит. 2033 сылга диэри ыытыллыахтаах геологическай-чинчийэр үлэ эбийиэктэрэ тэрилиннилэр. Бу үлэҕэ уопсайа 143 миллиард солкуобай көрүллүөхтээх, — диэн кини эттэ.
Бэрэсидьиэн Саха сирин минеральнай-сырьевой база тэтимнээх сайдыытыгар пилотнай бырайыак оҥорор туһунан өрөспүүбүлүкэ көҕүлээһинин өйөөбүтэ, Уһук Илин уонна Сибиир баайын үөрэтэр геологическай чинчийиини ыытарга сорудахтаабыта. Геологическай-чинчийэр үлэ үбүлээһинэ «Геология: возрождение легенды» федеральнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыаҕа.
Саха сиригэр геологическай чинчийии түтүгүнэн, экэниэмикэҕэ дьайыыта улахан буоулоҕа. Аҥаардас нолуоктан 1 триллион солкуобай, инвестицияттан 2 триллион солкуобай киириэҕэ, 13 тыһыынча үлэ миэстэтэ тахсыаҕа.
Кэнники 5 сылга 9 саҥа гаастаах сир көһүннэ, ол уопсай саппааһа — 300 миллиард кубометр. Бырамыысыланнас тэтимнээх сайдыытынан өрөспүүбүлүкэ 56-с миэстэттэн 6-с миэстэҕэ таҕыста. Алмааһы, сурьманы хостооһуҥҥа Саха сирэ бастаан иһэр, кыһыл көмүһү, таас чоҕу хостооһуҥҥа 3 бастыҥ иһигэр, гааһы, ньиэби хостооһуҥҥа 5 бастыҥ иһигэр киирэр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: