Сир баайын хостооччулар бастакы пуорумнара буолла

Share

Дьокускайга ахсынньы 22 күнүгэр Уһун Илиннээҕи сир баайын туһанааччылар бастакы пуорумнара буолан ааста. Манна Уһук Илин уокуругуттан 200-тэн тахса салайааччы уонна кылаабынай геологтар, эспиэрдэр кытыннылар.

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа Сир баайын туһаныыга федеральнай ааҕыныстыбатыгар бу пуоруму Дьокуускайга ыытарга быһаарбытын иһин махтанна.

Баараҕай стратегическай соруктары олоххо киллэрии кэмэ кэллэ. Арассыыйа минеральнай-сырьевой базатын тэтимнээх сайдыыта Саха сириттэн саҕаланарыттан үөрэбит, күүстээх үлэҕэ бэлэммит. 2033 сылга диэри ыытыллыахтаах геологическай-чинчийэр үлэ эбийиэктэрэ тэрилиннилэр. Бу үлэҕэ уопсайа 143 миллиард солкуобай көрүллүөхтээх, — диэн кини эттэ.

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Бэрэсидьиэн Саха сирин минеральнай-сырьевой база тэтимнээх сайдыытыгар пилотнай бырайыак оҥорор туһунан өрөспүүбүлүкэ көҕүлээһинин өйөөбүтэ, Уһук Илин уонна Сибиир баайын үөрэтэр геологическай чинчийиини ыытарга сорудахтаабыта. Геологическай-чинчийэр үлэ үбүлээһинэ «Геология: возрождение легенды» федеральнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыаҕа.
Саха сиригэр геологическай чинчийии түтүгүнэн, экэниэмикэҕэ дьайыыта улахан буоулоҕа. Аҥаардас нолуоктан 1 триллион солкуобай, инвестицияттан 2 триллион солкуобай киириэҕэ, 13 тыһыынча үлэ миэстэтэ тахсыаҕа.

Кэнники 5 сылга 9 саҥа гаастаах сир көһүннэ, ол уопсай саппааһа — 300 миллиард кубометр. Бырамыысыланнас тэтимнээх сайдыытынан өрөспүүбүлүкэ 56-с миэстэттэн 6-с миэстэҕэ таҕыста. Алмааһы, сурьманы хостооһуҥҥа Саха сирэ бастаан иһэр, кыһыл көмүһү, таас чоҕу хостооһуҥҥа 3 бастыҥ иһигэр, гааһы, ньиэби хостооһуҥҥа 5 бастыҥ иһигэр киирэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 минуты ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2024 сылга 14 хочуолунай үлэҕэ киирдэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга уопсайа 193,76 МВт кыамталаах 14 хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр диэн ОДьХК уонна энергетика…

39 минут ago
  • Интэриэһинэй

Саҥа сылы сөпкө көрсүөххэ

Төһө да Саҥа дьылы (сылы) көрсүү үгэһэ сахаларга хойут киирбитин биллэрбит, өйдөөтөрбүт, син биир норуот…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Вилюй эһэчээн Екатеринбург куоракка көттө

Колымана уонна Ломоносов үрүҥ эһэлэр «Орто дойду» зоопаркаҕа төрөөбүт  оҕолоро Яналаах Вилюй номнуо биир саастарын…

1 час ago