Хаартыска СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспатыттан
Нерюнгри оройуонун борокуратууратын ирдэбилинэн бырамыысалынай тэрилтэ ууну киртиппитин иһин 1 мөл. солкуобай кэриҥэ ыстараабы төлөөтө.
Бэрэбиэркэ быһаарбытынан, биир коммерческай тэрилтэ сир аннынааҕы баайы туһаныыга бырааптаах көҥүллээҕинэн (лицензия) туһанан Нерюнгри оройуонугар чинчийиинэн уонна туһалаах баайы хостооһунунан дьарыктанар эбит.
Ол гынан баран, тэрилтэ тулалыыр эйгэни харыстааһын сокуонун ирдэбиллэрин кэһэн туран кирдээх, туһаныллыбыт уутун Александровскай (Тимптон өрүс салаата) үрэҕэр бырахтарбыт. Ол түмүгэр үрэх уутун ыйааһыннаах эттиктэрэ нуорматтан 87 төгүл үрдээн, киртийбитэ бэлиэтэммит.
Инньэ гынан айылҕаҕа 1 мөл. солк. суумалаах улахан хоромньу оҥоһуллубут. Борокуратуура уурааҕынан тэрилтэ РФ КоАП 8.13 ыст. 4 ч. (уу эбийиэгин харыстыыр ирдэбиллэри кэһии) административнай эппитэтинэскэ тардыллан, 75 тыһыынча солкуобай суумаҕа ыстарааптанан төлөөтө. Нерюнгри куорат борокуратууратын ирдэбилинэн, суут уонна уопсастыба өйөбүлүнэн, үрэх уутугар оҥоһуллубут хоромньу толуйулунна диэн иһитиннэрэр СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата.
Түмэл иитэр-үөрэтэр үлэҕэ музейнай педагогика диэн улахан суолталаах эйгэ буолар. Бу, оҕо экспонат көмөтүнэн устуоруйаны…
Саха сиригэр уот тарыыба социальнай тэрилтэлэргэ эмискэ улааппытын, онон саахал тахсар куттала баарын туһунан Саха…
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин – быһа эпиирин…
Саха сирэ үчүгэйдик сайдар уонна Бэрэсидьиэн этэринэн, бойобуой киирсии лииньийэтигэр аан да дойдуга суох байыастары…
Суруналыыс омук массыынатын ылыныам диэн биэс сыл харчы мунньуммут. Ол эрээри, массыынаҕа сыана олус үрдээн…
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сылы түмүктүүр пресс-кэмпириэнсийэтигэр тыһыынчанан ыйытыы киирэр. Онтон биирдэстэрин мэдиссиинэ университетын 5-с…