Салгыы
Сир баайын туһаныы федеральнай ааҕыныстыба Саха сиригэр кэккэ боломуочуйалары туттарда

Сир баайын туһаныы федеральнай ааҕыныстыба Саха сиригэр кэккэ боломуочуйалары туттарда

Ааптар:
16.06.2023, 14:40
https://www.sakha.gov.ru/
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 15 күнүгэр Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр Сир баайын туһаныы федеральнай ааҕыныстыбата Саха сирэ бэйэтэ дьаһанарыгар, бу күҥҥэ диэри федеральнай былаас бас билиитигэр сылдыбыт, сорох боломуочуйалары туттарда.

Ол курдук, сэлии муоһун хомуйууга, геологическай чинчийиигэ лиссиэнсийэ туттарыыны, сир аннынааҕы ууну көрдөөһүнү уонна хостооһунү өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ быһаарар буолуоҕа. Бу быраабы бигэргэтэр докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев уонна Роснедра салайааччыта Евгений Петров илии баттаатылар.

Өр кэм ыытыллыбыт үлэ түмүгэр өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан суолталаах быһаарыыга илии баттанна”, — диэтэ Ил Дархан.

Бу иннинэ ылыллыбыт сөбүлэҥ чэрчитинэн 2016-2023 сылларга 4 186 тутуу көҥүлэ, 1 548 эбийиэги туһаныы көҥүлэ, 915 сэлии муоһун хомуйууга лиссиэнсийэ, 92 сир аннынааҕы ууну геологическай чинчийиигэ көҥүл бэриллибиттэрэ.

Билигин даҕаны Саха сирэ сири туһаныы эйгэтигэр биир саамай мөлтөхтүк чинчиллибит эрэгийиэн буолар. Саха сирин сирин-уотун иэнэ 12,6 эрэ бырыһыана судаарыстыбыннай геологическай каарта саҥа сериятыгар киирбитэ биллэр – бу дойду орто көрдөрүүтүттэн икки төгүл намыһах. Өрөспүүбүлүкэ аатыттан дойдубут бэрэсидьиэнтэн көрдөһүү ыытыллыбыта – Саха сирин минеральнай-сырьевой баазатын түргэнник хаҥатыыга пилотнай бырайыак быһыытынан оҥорор туһунан. Бу туһугар геология эйгэтигэр чинчийиигэ сыллата 10-15 млрд солкуобай үбүлээһин ирдэнэр. Бу этиини толору өйөөһүн ситиһилиннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: