Сир муҥутуур чыпчаалыгар – саха киһитэ

Share

Саха сириттэн уонна сахалартан бастакы киһи Сир ийэ муҥутуур үрдүк чыпчаалыгар таҕыста. Ыам ыйын 15 күнүгэр Өймөкөөнтөн сылдьар, кадастр инженерэ идэлээх Евгений Кривошапкин 8848 үрдүктээх Эверест хайатын дабайан, уһук чыпчаалыгар ытынна, былыттары аллараа хаалларан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күөрэччи көтөхтө!

Эверест – бу саамай үрдүк чыпчаал эрэ буолбакка, ыттарга олус уустук хайа. Ол да иһин аан дойду альпинистара үйэлэрин тухары ыра санаа оҥостоллор. Бэлэмэ суох киһи кыа­­йан тахсыбат. Үгүстэр онно үйэ-саас тухары хаалаллар, хайа үрдүгэр кыайан хомуллубатах тоҥ өлүктэр сыталлар дииллэр. Ол да үрдүнэн Эвересткэ ыттыан баҕалаах элбэх эрээри, дабайбыт киһи аҕыйах.

Евгений 5300 миэтэрэ үрдүктээх лааҕырга саҥардыы түһэн, сибээстээх сиргэ кэлбитин кэннэ, кэпсэттибит. Кини сүрдээх сэмэй киһи, «дьиҥэ, бэйэбэр диэн сыал туруоруннаҕым дии» диир. Дьиҥнээх саха эр киһитэ элбэх саҥата-иҥэтэ суох, дьыалатын оҥорор, туруоруммут сыалын ситиһэр. Евгений кэргэннээх, үс оҕолоох аҕа.

КИҺИ ЭТЭ-СИИНЭ МУҤУТУУР КЫАҔЫН ТУҺАНАР

– Лааҕырга кэлбиппит чаас аҥаара эрэ буолла, үчүгэйдик өйбүн-төйбүн да була да иликпин. Туругум үчүгэй. Карелияттан сылдьар альпинист, мин уонна гидтэр буолан тахса сырыттыбыт. Мин гидим — Непал уопуттаах альпиниһа Пасанг Лама Шепра. Бу сайыҥҥы сезоҥҥа биһиги бастакынан таҕыстыбыт диэххэ сөп. Бу лааҕырга аан дойду бары муннуктарыттан 500-чэ альпинист тахсаары кэтэһэн сытар. Бу дьонтон, арааһа, аҥаардара тахсара буолуо. Кинилэр тахсалларын 2 тыһыынча кэриҥэ киһи хааччыйар. Балаакканы, кислороду, таһаҕаһы таһааран, быаны тардан, усулуобуйа оҥорон биэрэллэр.

Биһиги кэннибититтэн олус элбэх альпинист үөһэ дьулус­пута. Мин “Макалу-Экстрим” диэн рекордсмен-альпинист Оксана Морнева хамаандатын кытта муус устар 8 күнүгэр кэлбитим. Биэс киһибит 6,1 килэмиэтир үрдүктээх Лобуче ха­­йатыгар тахсан баран, дойдуларыгар төннөргө күһэллибиттэрэ. Оттон бу аргыһым атын хампаанньа киһитэ.
Чыпчаалга тахсыы күн-дьыл туругуттан олус тутулуктаах. Бу иннинэ халыҥ хаар бөҕө түһэн үллүктээбитэ. Хайа убаҕас салгынынан тыынарга, этиҥ-­сииниҥ үөрэнэригэр хас да күн лааҕырга сытан, эрчийэҕин, ол курдук үөһээҥҥи лааҕырдарга тахсан иһэҕин. Манна тумуу да үтүөрэн быстыбат, кыра да баас оһон биэрбэт. Киһи этэ-сиинэ муҥутуур кыаҕын туһанар.

“Хайа ыарыыта” үөскээбэтэҕинэ, күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, бу 5300 миэтэ­­рэлээх лааҕыртан, дьэ, үөһэ дабайаргар 5 күн бэриллэр. Биһиги ыам ыйын 9 күнүттэн туруммуппут. Төрдүс-бэһис күҥҥэр буурҕа түстэҕинэ, чыпчаалгын субу көрөн туран, төннөргөр күһэллэҕин, хас да ыйдаах үлэҥ, эрэйиҥ таах хаалар. Оттон хайдах күн туран биэриэ биллибэт, күн аайы да буурҕа ытыйар буолуон сөп. Балааккаларга хоно-хоно, тохтообокко үөһэ ыттан иһэҕин. 7900 миэтэрэ үрдүккэ төрдүс лааҕыр баар. Бу маныаха диэри миэхэ үчүгэй этэ.

Онтон саамай ыарахана саҕаланар. Курдары үрэр тыал-куус бөҕө, түҥнэри биэриэх үлүгэрэ. Тибии сирэйгэр тибэ турар, тугу да көрдөрбөт. 40 кыраадыс тымныыга сытыы тыал курдары үрэрэ сүрдээх, биир гидпит илиитин үлүппүт этэ. Бүтэһик килэмиэтири олох да быанан тардыһан, хатаастан тахсаҕын. 11 чааһы быһа тохтоло суох ыттан, баҕалаах кир­­биибитин ыллыбыт.

“ХАС БИИРДИИ ТЫЫНЫЫҤ, ХААМЫЫҤ СУОТТАНАР”

– Дьэ, баҕалаах чып­чаалгар тахсан баран, туох санаа эйигин кууста?

— Онно тугу да толкуй­даабат буолуоххар диэри үлтү сылайаҕын, араас санаа, иэйии да киирбэт курдук. Аны ыттыбытыҥ диэн, түһэриҥ өссө ордук кутталлаах. Биирдэ сыыһа тутуннуҥ да, онно үйэ-саас тухары хаалаҕын. Онон бэйэ бодотун ыһыктыбакка, сэрэҕи сүтэрбэккэ, түһүөхтээххин.

Түһэрбитигэр Кхумбу диэн саамай кутталлаах муус көһөҥө сиргэ кэлбит суолбут суоҕа, ууллан, сууллан хаалбыт этэ. Быйыл үс киһи бу Кхумбуга өлбүт диэбиттэрэ. Бэркэ сэрэнэн, түүн тоҥмутун кэннэ, түспүппүт.

— Евгений, ол тахсан иһэн, өлүктэри көрбүккүт дуо?

— Түүн таҕыстахпыт дии, хараҥа этэ уонна бу иннинэ хаар түһэн үллүктээбитэ. Онон мин, хата, көрбөтөҕүм. Бааллар дииллэр. 7900 миэтэрэ кэнниттэн “зона смерти” диэн кэлэр, киһи этэ-сиинэ өр тулуйбат, бэл, бу сиргэ өлүктэри кыайан харайбаттар. Биир хаамыыны оҥороору, 15 тыыныыны оҥоруохха наада. Хас биирдии хаамыыҥ, тыыныыҥ суоттанар, тоҕо диэтэр, сүгэн иһэр кислородтаах боллуоннарыҥ (6-7 устуука) биир эрэ тахсыыга анаммыттар. Кыратык да тардылыннаххына, бүтэҕин. Онон чыпчаалга 20-чэ мүнүүтэ эрэ буолаҕын. Мин барыта 4,5 боллуону бүтэрбитим. Хайа үрдүгэр тахсыбыппытыгар, күн саҥа чэмэлийэ тахсан, хаар­даах очуостары сырдаппыта кэрэ көстүү этэ…

«АЙЫЫЛАРЫМ КӨМӨЛӨСТҮЛЭР»

— Саха киһитин сиэринэн, сири-уоту аһата сырыттаҕыҥ дии…

— Оннук. Манна алаадьы суох, онон лэппиэскэнэн, бурдук аһынан аһата, көрдөһө сылдьабын. Айыыларым көмөлөстүлэр дии саныыбын. Бу кыһын бэлэмнэнэрбэр, дойдубар Өймөкөөҥҥө 55 кыраадыс тымныыга Индигир өрүскэ сөтүөлээбитим. Эт-сиин хатарылларыгар ол көмөлөстө дии санаатым. Ону тэҥэ, Уус Ньараҕа тымныы кэмҥэ кыралаан сүүрэр этим.

Томторго Эбэ Хайата диэн ытык сир баар. Кэлээри сылдьан, онно тахсан, сирбин-­уоппун, айыыларбын аһаппытым. Онно суордар бааллара, кинилэр эмиэ кэлэн аһаабыттара. Дьиктитэ диэн, Эверест лааҕырыгар суордар эмиэ бааллар эбит, кэлэн аһыыллар. Кинилэр нөҥүө Айыыларым көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьар курдуктар. Хайаҕа сылдьарга табыллыы уонна айылҕаны кытта биир ситимҥэ сылдьыы ирдэнэр. Ону тутус­пакка, дьон эчэйиитэ элбэх.

— Оттон эйиэхэ бу Эвересткэ тахсыахха диэн санаа хаһан киирбитэй?

— Дойдубар иллэҥ кэммэр гид быһыытынан Афродита хайатыгар дьону таһаарар этим. Онтон Саха сирин саамай үрдүк хайаларыгар – Победа (2500 м), Муус Хайа (2969 м) чыпчаалларыгар тахсыбытым. Ол кэнниттэн 2018 сыллаахха Арассыыйа үрдүк чыпчаалын – Эльбруһу (5642 м) дабайбытым.

Биирдэ орто уолбар хаартыскалары көрдөрө олорон, “Эвересткэ тахсыахха сөп ээ” диэбитим. “Тоҥон өлөөрү дуо?” – диэбитэ, итэҕэйбэтэҕэ. “Үчүгэйдик бэлэмнэннэххэ, тахсыахха сөп ээ. Мин эмиэ тахсыаҕым!” – диэбитим. Ол тылбын толордум.

КИҺИ ЭТЭ-СИИНЭ ӨР ТУЛУЙБАТ…

“7900 миэтэрэ кэнниттэн “зона смерти” диэн кэлэр, киһи этэ-сиинэ өр тулуйбат, бэл, бу сиргэ өлүктэри кыа­­йан харайбаттар. Биир хаамыыны оҥороору, 15 тыыныыны оҥоруохха наада. Хас биирдии хаамыыҥ, тыыныыҥ суоттанар, тоҕо диэтэр, сүгэн иһэр кислородтаах боллуоннарыҥ (6-7 устуука) биир эрэ тахсыыга анаммыттар. Кыратык да тардылыннаххына, бүтэҕин. Онон чыпчаалга 20-чэ мүнүүтэ эрэ буолаҕын»

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

17 минут ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

47 минут ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

1 час ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

2 часа ago