Сир сыаната үрдүө дуу, түһүө дуу?

Share

2022 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн чааһынай дьиэни тутууга өтөрүнэн күүтүллүбэтэх “бэлэх” судаарыстыба өттүттэн оҥоһуллубута. Ол эбэтэр, чааһынай дьиэни бэйэҥ күүскүнэн туттаргар 7‑ҕэ диэри бырыһыаннаах ипотечнай кирэдьиити биэрэр федеральнай бырагыраама олоххо киирбитэ. Өскөтө урут өҥөлөөх кирэдьиитинэн бэлэм дьиэни дьиэ тутааччыттан эрэ атыылаһар эбэтэр бэдэрээт дуогабарынан эрэ туттарар эбит буоллаххына, аныгы быраабыланан кирэдьиити ылан киһи бэйэтэ туттар бырааптаммыта.

Ону кытта ордук элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит учаастактарга үлэ-хамнас тигинии түспүтэ, дьиэ-уот тэллэй курдук үүнэн барбыта. Ити ордук Хатас нэһилиэгэр бэриллибит учаастактарга көстөр. Хас да сыллааҕыта сылдьыбыт киһи билигин кэлэн, учаастагын булбакка мунаахсыйыан, кыратык мунан-тэнэн да ылыан сөп. Хомойуох иһин, кыра үптээх-харчылаах киһини дьиэлээбит бырагыраама (8%-наах судаарыстыбаннай чэпчэтии) бу бэс ыйынан түмүктэнээри турар.

Аны туох барыта күннээҕин-күлүктээҕин быһыытынан, сир ыларга, дьиэ туттарга чэпчэтиилээх ипотека киирээтин кытта, учаастак сыаната аракыаталыы көттө. Аҕыйах сыллааҕыта түһээн да баттаппатах буолуохтаахпыт, ордук Покровскайдыыр, Намныыр трактарга ортотунан 10‑ча суотайдаах дьиэ тутуллар учаастактара 3–4 мөл. солк. сыаналаах буолуохтара диэн. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга бэриллэр учаастактар ИЖС-тан хаалсыбакка, тилэх баттаһан иһэллэр.

Сыаналартан көрдөххө, билигин ордук Покровскайдыыр тракт өттө сыаналаах эбит (арааһа, Намныыр тракка куораттан чугаһынан сир-уот хаалбатаҕыттан быһыылаах). Баара-суоҕа уонча сыллааҕыта Муусука үрдүкү оскуолатын аттыгар атыыланар учаастактары “аата, ырааҕын” диир буоллахпытына, билигин саадынан дьарыктанарга, бааза туттарга бэртээхэй сирдэр диэн 750 тыһ. солк. атыылыыллар. Эмиэ Покровскайдыыр тракт 17 км 480 тыһ. солк., 530 тыһ. солк. икки учаастак баар көстөр. Хатас-Саҥа Табаҕа быыһынан 500 тыһ. солк. учаастактар тахсыбыттар. Ити куорат таһыгар удамыр дэнэр сыаналар буолан турдахтара буолуо.

Оттон үөһээҥҥи “ботолуок” ханна тиийэн турар? Дьэ, онон көрдөххө, Покровскайдыыр тракка (Хатаска тиийбэккэ) дьиэ туттарга бары бырагыраамаҕа киирсэр 8 суотайдаах учаастак сыаната 3 200 тыһ. солк. буолбут. Бу аҥаардас учаастак сыаната, маны таһынан, өссө төһө эмэ мөлүйүөҥҥэ дьиэ туттуоҥ дии. Эмиэ бу тракт 10 км 8 суотайдаах сир 3 700 000 солк. тиийбит.

Оттон тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга аналлаах учаастактар (10 суотай) быһа холуйан 900–1 000 000 солк. буоллулар. Намныыр трагы көрдөххө, Тулагыга дьиэ туттарга бары бырагыраамаҕа киирсэр учаастак 1 200 тыһ. солк. атыыланар. Жатай диэки — 1 400 000 солк. Маҕанныыр тракт 9 км олорор дьиэ тутуллар учаастага 900 тыһ. солк. диэн турар. Бу сыанаҕа Покровскайдыыр тракка тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга аналлаах учаастактар атыыланаллар. Биллэн турар, сыаналар араастаһыыларыгар суол, уот, гаас ситимнэрэ баара, учаастак төһө улахана, сирэ үрдүгэ намыһаҕа, магистральнай суолтан төһө ырааҕа улахан суолталаах.

Бу куорат таһынааҕы сирдэри ырытан көрдүбүт. Куорат иһинээҕи учаастактары көрөр эбит буоллахха, сыана 3–5 мөл. солк. иһинэн-таһынан хамсыыр. Хатыҥ Үрэххэ учаастак сыаната 6 мөл. солк. Ону кытта 7–8 мөл. солк. сыаналаахтар да бааллар.

Хаартыска: куйаар аһаҕас ситимттэн

Улуустарга балаһыанньа хайдаҕый?

Куораттан саамай чугас сытар Нам сэлиэнньэтигэр ИЖС учаастак 580–1250 тыһ. солк. халбаҥныыр. Чурапчыга итинтэн уратыта суох. Ньурбалар 2 мөл. таһаарбыттар, Сунтаарга “ботолуога” 1700–1800 тыһ. солк. Онон киин улуустарга да сир сыаната Дьоллоох Дьокуускай кэнниттэн түһүммүт. Хаһан туох тохтотуор диэри.

Аны бу күннэргэ Арассыыйа олохтоохторугар, туһаммат уонна ыраастаабат учаастактаргыт иһин ыстарааптыахпыт, былдьаан ылыахпыт диэн турдулар.

Билиҥҥитэ бу бырайыак эрэ. Бу сокуон бырайыагынан бас билээччилэр учаастактарын “киһилии” оҥостуохтаахтар уонна үс сыл иһигэр сөптөөх хайысхатынан туһаммыт буолуохтаахтар.

Өскөтө сири тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныам диэн ылбыт буоллаххына уонна онон дьарыгырбатах буоллаххына — сиргин былдьаан ылыахтарын эбэтэр кадастровай сыанатыттан көрөн, 1‑тэн 5 бырыһыаҥҥа тиийэ суумаҕа ыстарааптыахтарын сөп. Росреестр сокуонун бырайыагын бырабыыталыстыба биһирээбит диэн буолла.

Августина Слепцова, урбаанньыт, “мАксимУм+” элбэх функциялаах ааҕыныстыба дириэктэрэ:

— От ыйыттан 8%-наах судаарыстыбаннай чэпчэтии тохтотуллар, оттон дьиэ кэргэҥҥэ, Уһук Илиҥҥи, Арктическай зонаҕа, миэдиктэргэ, учууталларга бэриллэр чэпчэтиилээх бырагыраамалар салҕаналлар. Бу бэс ыйыттан байыаннай дьайыы кыттыылаахтара 2%-наах “Уһук Илиҥҥи ипотека” чэпчэтиилээх бырагырааманан туһанан барыахтара. Кинилэр босхо сиринэн эмиэ хааччыллаллар. Онон сир сыаната инникитин өссө үрдүөн сөп диэн эспиэртэр билгэлииллэр.

Сир сыаната 2022 сылтан эмискэ үрдээн, билигин 10 суотай сир ортотунан 3,5 мөл. солк. буолан турар. Ырыынагы киһи маннык буолуо диэн этэрэ уустук, күүппэтэх өттүгүттэн эмискэ “скачок” оҥоруон сөп. Холобур, ааспыт күһүн Сатал таһыгар баар “Севернэй” кыбартаалга 10 суотай сир 800 тыһ. солк. да сатаан барбат этэ, ол билигин 2 мөл. 500 тыһ. солк. буолла, былдьаһыгынан атыыланна. Бу барыта судаарыстыбаннай бэрээдэктээһин  суоҕуттан тахсар, эппиккэ дылы, ырыынак сокуона. Сири атыылыыр киһи атын биллэриилэри көрөн баран, миэнэ быдан ордук эбит диэн баран, өссө үрдүк сыананы суруйар. Иһэ үллүбүт сыана итинтэн төрүү турар. Билигин сири атыылааччы элбэх, ырыынагы кинилэр тутан олороллор. Атыылаһааччы үчүгэй сири син биир ылар. Оттон ити тыа хаһаайыстыбатынан, саадынан дьарыгырыахха сөп сирдэри үксүн инвестиция курдук атыылаһаллар. Кэмэ кэллэҕинэ, докумуонун ИЖС-ка уларытан, өссө үрдүккэ батараары.

Баһылай, куорат олохтооҕо:

— Бу саас дьиэ туттаарыбын, куорат чугаһынааҕы сирдэри көрөттөөтүм. Ол кэннэ Хатас таһа ордук эбит диэн, анаан-минээн көрдөөн урут уонча сыллааҕыта элбэх оҕолоохторго бэриллибит учаастагы 3 мөл. солк. атыыластым. Биллэн турар, кирэдьиит ылан. Онон дьиэни төһө кыалларынан бэйэбит кыахпытынан тутуохпут. Быйыл бүтэрэрбит туһунан туох да диэн этэр кыах суох, сыана сайын устата хайдах буолуо биллибэт.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 часов ago