Сир үлэтинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар пестицидтэри, агрохимикаттары туһаныыларыгар туох уларыйыы киирдэй?

Сир үлэтинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар пестицидтэри, агрохимикаттары туһаныыларыгар туох уларыйыы киирдэй?

26.01.2025, 13:15
Россельхознадзор Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Россельхознадзор Амур уобалаһынааҕы уонна Саха сиринээҕи салаатын сири уонна пестицид эргийиитин хонтуруоллур салаа судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Семен Павлов иһитиннэрбитинэн, сир үлэтинэн дьарыктанар сорох хаһаайыстыбалар өлгөм үүнүүнү ылар туһуттан пестицидтары уонна агрохимикаттары туһаналлар. 

Пестицидтэр диэн үүнээйи ыарыытын, кэрбиир үөннэри, сыыс оту утары туттуллар химическэй уонна биологическэй эттиктэр, онтон агрохимикаттар диэн үүнээйи үүнүүтүн уонна сир быйаҥын үрдэтиигэ туттуллар химическэй уонна биологическэй эттиктэр (уоҕурдуулар) буолаллар. Бу эттиктэри сыыһа туһаныыттан сылтаан дьон доруобуйатыгар, тулалыыр эйгэҕэ куһаҕаннык дьайыан сөп. Ол туһуттан Арассыыйаҕа «Сатурн» диэн пестицидтэр уонна агрохимикаттар хамсааһыннарын кэтээн көрөр судаарыстыбаннай информационнай систиэмэ үлэлиир.  Онон бу эттиктэри туһанар хаһаайыстыбалар «Сатурн» систиэмэҕэ киирэн регистрацияланаллара ирдэнэр. РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ пестицидтэри уонна агрохимикаттары сыыһа туһаныыларын туоһулуур индикатордары олохтообута. Ол курдук «Сатурн» систиэмэ иһинэн сыл устата иккиттэн элбэхтэ эттиктэри сыыһа туһаныы туһунан информация киирдэҕинэ, ол иһигэр нуорманы таһынан уонна бу эттиктэри сыыһа ньыманан туттуу буолар. Иккиһинэн, эттиктэри туһанар сирэй «Сатурн» систиэмэҕэ агрохимикаттары уонна пестицидтэри туһанарын туһунан киллэрбэтэх буоллаҕына, үсүһүнэн, пестицидтэри, агрохимикаттары туһанар сирэй былырыыҥҥыттан 30% элбэх эттиги туһаммыт уонна ыһыытын сирин иэнин кэҥэппэтэх буоллаҕына диэн буолар.  2024 сыл ахсынньы ыйыттан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эбии төрдүм индикаторы киллэрдэ.  Манна ыйылларынан, пестицидтэри, агрохимикаттары туттубутун туһунан информационнай систиэмэҕэ көстүбэтин үрдүнэн ыһыллыбыт сирин иэнигэр сыыс от химическэй дьайыыттан уларыйыыта 50% ордук иэҥҥэ таҕыстаҕына диэн киирдэ.

Бу этиллибит индикатордар көрдөрүүлэрэ пестицидтэри, агрохимикаттары туһанааччыларга былааны таһынан оҥоһуллар бэрэбиэркэни тэрийиигэ төрүөт буолуон сөп. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн сокуону кэһии таҕыстаҕына, туһааннаах сирэй РФ административнай кодексатын 8.3 ыст. эппиэтинэскэ тардыллар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 января
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: