Суол-иис — олох хорук тымыра, сайдыы төрдө. Айан-сырыы хайдаҕыттан, көлө сылдьар суолун туругуттан олох хаачыстыбата тутулуктаах. Оттон суолу оҥорооччулар, өрөмүөннээччилэр хайа да бэйэлээх тымныыны-куйааһы, ардаҕы-хаары аахсыбакка сыралаһаллар.
“Тааттаавтодор” тэрилтэ (ген.дириэктэр И. И. Бочонин) айан суолун-ииһин оҥорор, өрөмүөннүүр, көрөр-истэр үлэтинэн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр. Бастайааннай үлэһитэ — 125. Кинилэр “Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагы олоххо тиһиктээхтик киллэрсэллэр, федеральнай, өрөспүүбүлүкэ суолугар-ииһигэр тырааныспар харгыһа суох үчүгэйдик, сыыдамнык сылдьарын туһугар кыһамньыларын ууран үлэлииллэр. Манна суол-иис үлэтигэр өр сылларга буспут-хаппыт, миккиллибит дьон күннэтэ түбүгүрэллэр.
Иннокентий Павлов: “Ыччат суол өрөмүөнүгэр үлэлиирэ элбээтэ”
Эдэриттэн үлэни өрө туппут тутар-өрөмүөннүүр учаастактар биригэдьиирдэринэн — Иннокентий Павловынан, бииргэ үлэлиир дьоно киэн тутталлар. Иннокентий Иннокентьевичтарын туруоруллубут соругу толорон тэйэр дьүккүөрдээх, болҕомтолоох, эппиэтинэстээх диэн бэлиэтииллэр. Уһуйааччы быһыытынан саҥа кэлбит эдэр ыччаты үөрэтэрин-такайарын, оттон билигин кини уһуйбут ыччаттарыттан сорохторо номнуо бэйэлэрэ учаастак биригэдьииригэр тиийэ үүммүттэрин ыйаллар.
“Иннокентий Иннокен-тьевич бу үлэҕэ эдэриттэн миккиллибит, сыраласпыт киһи. Онон улахан үөрүйэхтээх. Билэрэ-көрөрө элбэҕэ, дьону-сэргэни сатабыллаахтык салайара, ылыннарыылаах ыллыктаах тыллааҕа-өстөөҕө, үлэтигэр эппиэтинэстээҕэ үтүө холобур буолар”, — диэн этэллэр. Чахчы да, “Үлэлээн, эрэйдэнэн киһи үчүгэй үлэһит буолар” диэн мээнэҕэ этиллибэт.
Харыс халбаҥнаабакка
Бу күннэргэ суолу тутар-өрөмүөннүүр учаастактар биригэдьиирдэрин Иннокентий Иннокентьевич Павловы кытары кэпсэттим. Кини суол хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээбитэ ырааппыт.
— Мин 1978 с. оскуоланы бүтэрээт, “оскуола-производство‑үрдүк үөрэх” бырагырааманан Боробул бөһүөлэгэр тахсан бороон көрбүтүм. 1979 с. аармыйаҕа барбытым. Кэлэн баран, 1981 c. Харбалаахха 18 №-дээх ПТУ үөрэнэн суоппар буолбутум. Салгыы Ытык Күөлгэ “Сельхозтехникаҕа” суоппардаабытым. 1993 с. тэрилтэбит ыһыллыытыгар Тааттатааҕы ДРСУ (суолу оҥорор, тутар управлениеҕа) көспүтүм. Онтон ыла халбаҥнаабакка суол тутуутугар биир тэрилтэҕэ үлэлиибин. Биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри суоппардаабытым. Кэлин суоппардыы-суоппардыы суолу оҥорор, өрөмүөннүүр биригээдэҕэ биригэдьиирдээбитим. Биэнсийэҕэ тахсыахпыттан, босхоломмут биригэдьииринэн үлэлиибин.
— Үлэҕит туһунан сырдат эрэ.
—“Тааттаавтодорга” улууспут бары нэһилиэктэриттэн, атын да оройуоннартан кэлэллэр. Тохсунньу ортотуттан олунньу бүтүөр диэри тиэхиньикэ оҥостуута, бэлэмнэниитэ. Кулун тутартан үлэҕэ күргүөмүнэн тахсыы саҕаланар. Күһүн, саас — симиэнэнэн үлэ. Бу кэмҥэ тиэхиньикэни тымныыга түүннэри халтай үлэлэтэ туруорумаары уонна буор тоҥон хаалбатын курдук үлэ ыытылла турар. Биригээдэҕэ 53 киһи үлэлиир. Бу сыыппара халбаҥнаан, арыт, 70 тиийэр. Суолу тутарга, оҥорорго сарсыарда аҕыстан киэһэ аҕыска диэри үлэлиибит. Мэхээнньик А. О. Охотин тиэхиньикэ сүрүн чааһын булуу-талыы боппуруоһунан утумнаахтык дьарыктанар. Онтон атынын (араас туттар тэриллэри, бытархай саппаастары, аһы-үөлү) куораттан аҕалабын.
Бэлиэтээн этэр буоллахха, кэнники кэмҥэ ыччат суол тутуутугар сүрдээҕин үлэлиир буолла. Урукку көлүөнэлэр аҕыйах хааллыбыт. Мин киириэхпиттэн бииргэ үлэлээбит уолаттарым Винокуров Владимир Петрович, Мосоркин Андрей Михайлович, Винокуров Эдуард Иванович, Белолюбскай Василий Васильевич, Толстоухов Юрий Иванович бааллар, уоннааҕылар эдэрдэр. Дьэ, ити курдук көлүөнэни көлүөнэ солбуйар.
— Быйылгы үлэҕит, сыалгыт-соруккут?
— Быйыл уопсайа 14 км кэриҥнээх Харбалаах — Чычымах суолун оҥорон бүтэриэхтээхпит. Ил Дархан Айсен Николаев, СӨ Бырабыыталыстабытын уонна СӨ Тырааныспар министиэристибэтин былааннарынан оҥоһуулаах суол быйыл Чычымахха, 2024 сылга Уус Тааттаҕа тиийиэхтээх. Манна даҕатан эттэхпинэ, бу саас хаста да уу кэлэн, Харбалаах, Уус Таатта суолун-ииһин хас да сиринэн алдьаппытын туоратыыга үлэлэһэбит. Муосталар, турбалар алдьаммыттарын оҥоробут. Харбалаах суолун кутан үрдэтиэхтээхпит. Уус Тааттаҕа САРМ (хомуллан оҥоһуллубут тимир муоста) аннынан уонна хас да сиринэн уу күүскэ суурайан, онно үлэ ыытыллар. Халаан кэмигэр Ытык Күөлгэ эмиэ түүннэри-күннэри үлэлээбиппит. Туох баар үлэни уһаппакка-кэҥэппэккэ кэмигэр оҥорорго, бүтэрэргэ дьулуһабыт.
Ити курдук, “Тааттаавтодор” үлэһит дьону түмэ тардан, суолу-ииһи оҥорууга, тупсарыыга үлэтин сыллата сайыннаран, кэҥэтэн, тэтимирдэн, далааһыннанан иһэр.
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…
"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…