Сирдэр-уоттар ааттарын үйэтитиигэ Таатта холобура (ВИДЕО)
Ил Түмэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын иккис сийиэһин дэлэгээттэрэ кыттыылаах “төгүрүк остуол” буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтин олохтооҕо Гаврил Вырдылин “Сирдэр-уоттар ааттарын үйэтитии” бырайыак туһунан кэпсээтэ.
“Аныгы ыччат сиртэн тэйдэ. Ордук сопхуос үлэтэ тохтуоҕуттан, бааһынай, чааһынай буолуохпутуттан сирдэр ааттарын үөрэтии суох буолла. Ол иһин нэһилиэк кырдьаҕастара сүбэлэһэн, аныгылыы технологияны тутуһан электроннай каартаҕа киллэрэн үйэтитэргэ 2019 сылтан үлэбитин саҕалаабыппыт”, — диэн Гаврил Гаврильевич этэр.
Маны соҕотох киһи кыайбат үлэтэ диир. Бүгүҥҥүтэ 874 сир аатын каартаҕа киллэрбиттэр, нэһилиэк баһылыга дьаһал таһааран бигэргэппит, онон сир-уот аатыгар мунаахсыйыы, мөккүөр суох буолбут. Аны дьон-сэргэ туһаннын диэн төлөпүөн сыһыарыытыгар киллэрбиттэр. Чөрхөөхтөр бу үтүө холобурдарын туһунан Гаврил Вырдылин кэпсиирин видеоҕа көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: