Салгыы
Арассыыйа сиртэн хостонор баайын үөрэтиитин кэҥэтэр

Арассыыйа сиртэн хостонор баайын үөрэтиитин кэҥэтэр

03.08.2024, 11:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Арассыыйа бырабыыталыстыбата сиртэн хостонор баайы туһаҕа таһаарыы стратегиятын саҥардан биэрдэ уонна 2050 сылга диэри саҥа былаанын бигэргэттэ. Бу докумуон биһиэхэ, Саха сиригэр, быһаччы сыһыаннаах. Онон хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэригэр бу туох-ханнык докумуонун ырытан көрүөххэ.

Стратегия туһунан

Бу күннэргэ Арассыыйа бырабыыталыстыбата дойдубут минеральнай-сырьевой баазатын стратегиятын саҥардан, 2050 сылга диэри сайдыытын торумун оҥордо. Саҥа стратегия дойдубут Төрүт Сокуонугар, сиргэ-уокка, сиртэн хостонор баайга сыһыаннаах федеральнай сокуоннарга, Арассыыйа бэрэсидьиэнин 2023-2024 сыллардаах Туһаайан этиилэригэр, экологияҕа, экэниэмикэҕэ, Арктика сайдыытыгар, дойдуга куттал суох буолуутугар, экологияҕа, о.д.а. инники күөҥҥэ турар докумуоннарга олоҕуран оҥоһуллубут.

Стратегияҕа этиллэринэн, минеральнай-сырьевой баазаны хаҥатыы икки былааннаах. Бастакы былаанынан, билигин сайдыбытынан биир таһымҥа туран хаалыах­таах. Иккиһинэн, сиртэн хостонор баай саппааһын хаҥатан, өссө хас эмэ сылга инники тиийэр гына сайдан иһиэхтээх. Манна Арктикаҕа, Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ саҥа сирдэри арыйыы бастакы миэстэҕэ турар.

Докумуоҥҥа сиртэн хостонор баайы үс бөлөххө араарбыттар. Бастакы бөлөххө 2035 сылга диэри экэниэмикэ хайа да балаһыанньатыгар саппаа­һынан хааччыллыбыт сиртэн хостонор баайдар. Манна гааһы, гелийы таһынан алтаны, никели, кобальты, тимир рудатын, калийы, таас чоҕу, хорҕолдьуну, о.д.а. киллэрбиттэр. Ол аата биһиги бу баайбытынан саппааһыран олоробут.

Иккис бөлөххө – 2035 сылга диэри саппаастара тиийбэт сиртэн хостонор туһалаах баайдар. Бу бөлөххө ньиэп, гаас конденсата, сибиниэс, цинк, сурьма, кыһыл, үрүҥ көмүстэр, алмаас, кварцевай сырьелар бааллар. Стратегияҕа этиллэринэн, маны хостуур сирдэри өссө сайыннарыы, саҥа сирдэри булуу, хостуур ньыманы уларытыы барыахтаах.

Үһүс бөлөххө билигин тас дойдулартан үксүн атыылаһыллар минераллары ыйбыттар. Бу бөлөххө уран, марганец, хром, титан, боксит, молибден, вольфрам, литий, бериллий, цирконий, ниобий, тантал, рений, графит курдук айылҕаҕа дэҥҥэ көстөр минераллар киирэллэр. Бу бөлөх минераллары сайыннарыыга бырабыыталыстыба биир сүрүн болҕомтотун уурар. Манна даҕатан, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Стратегия туһунан эппитин бэлиэтиибин.

– Экэниэмикэбит тас дойдулартан тутулуктамматын туһугар билигин сиртэн хостонор баайынан толору хааччыллыахтаахпыт. Бу бастатан туран, марганец хром, титан курдук дэҥҥэ көстөр минералларга сыһыаннаах, – диэн Михаил Владимирович мунньах кэмигэр иһитиннэрбитэ баар.

Үгүс киһиэхэ хиимийэ бу элеменнэрэ улахан тугу да этиэх­тэрэ суоҕа эрээри, бу минераллар үксүн оборуона, хиимийэ бырамыысыланнаһыгар, тимири уһаарыыга, о.д.а. эйгэлэргэ биир тутаах тиһилик буолалларын билэр наада. Онон манан да ылан сылыктаатахха, дойдубут кэлэр сүүрбэччэ сылга бу эйгэлэри күүскэ сайыннарар былааннаах. Буолаары буолан, билигин номнуо үлэ күүскэ барар.

– Стратегияҕа ыйыллыбыт сорукпутугар сиртэн хостонор баайдаах саҥа сирдэри арыйыы биир сүрүн пуунунан киирдэ. Манна геологическэй чинчийиилэри ыытыы улахан болҕомтону ылар. Ордук киин сиртэн ыраах, суола-ииһэ суох, урут чинчийиллибэтэх сирдэри көрүү барыахтаах. Ол иһигэр Арктикаҕа, Уһук Илиҥҥэ, – диэн иһитиннэрдэ Михаил Мишустин от ыйын 29 күнүгэр ыыппыт мунньаҕар.

Санатан эттэххэ, бэрэси­дьиэн Владимир Путин Туһаа­йан этиитигэр геологическэй чинчийиилэри өссө кэҥэтэн биэрэр туһунан иһитиннэрэн турар. Бу чэрчитинэн Владимир Владимирович дьаһалынан Арассыыйаҕа экология тиэмэтигэр түөрт улахан быра­йыак олохтоммута. Ол иһигэр “Геология: возрождение легенды” диэн дойду үрдүнэн биир улахан бырайыак саҕаламмыта. Биир пилотнай бырайыак Саха сиригэр ыытыллар.

Саха сиригэр

“Геология: возрождения легенды” диэн аатыгар да этиллэринии, Уһук Илин, Сибиир эрэгийиэннэригэр геологичес­кэй эспэдииссийэлэри сайыннарыы барыахтаах. Бу үлэ 2021 сылтан саҕаламмыта. Саха сиригэр бастакы түһүмэҕэ бы­­йылгынан түмүктэниэхтээх.

Бу бырайыагы Айылҕа ресурсаларын уонна экология министиэристибэтэ сүрүннүүр. Миниистир Александр Козлов: “Биһиги бу бырайыагынан, бастакытынан, дойду үрдүнэн геологическэй чинчийиилэри элбэтиэхтээхпит. Иккиһинэн, сиртэн хостонор баай арааһын туһаҕа таһаарыы барыахтаах. Үсүһүнэн, уу кыһалҕатыгар олорор эрэги­йиэннэргэ сир аннынан ааһар ууну көрдөөһүҥҥэ үлэ барыахтаах. Төрдүһүнэн, сиртэн хостонор баай пуондатын, архыыбын оҥоруу барыахтаах. Билигин үгүс сирдэр сыыппараҕа көспөккө, архыыпка кумаа­ҕы докумуонунан сыталлар”, – диэн иһитиннэрбитэ баар.

Миниистир этиитин эргитэ санаан көрдөххө, Саха сиригэр XVIII үйэлэртэн араас чинчийии барар эрээри, дойдубут киэҥэ бэрт буолан, киһи илии­тэ тиийбэтэх сирдэрэ үгүс. Билигин үйэ сайдан, араас технология үөдүйэн хайа-баҕарар чинчийиэххэ, устатын-туо­ратын кээмэйдиэххэ сөп буолуо. Ол эрээри сирдээх-уот­таах дьон, биир өттүнэн, дьаах­ханарбыт, көхсүбүтүн этитэрбит, чинчийиҥ, үөрэтиҥ, ол эрээри айылҕабытыгар харыс­табыллаахтык сыһыаннаһыҥ диирбит сөп. Саҥа стратегияҕа тулалыыр эйгэни харыстааһын сокуоннара, нуормалара барыта ыйыллыбыттара улахан хампаанньалар үлэни ыыталларын хонтуруоллуурга эмиэ да сөп курдук.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр Уһук Илин эрэгийиэннэрин уопсай саппааһыттан ньиэп, гаас – 90 %, таас чох – 50 %, сурьма – 41 %, хорҕолдьун – 40 % ылаллар. Ону сэргэ ал­­маас, дэҥҥэ көстөр металлар саппаастара бааллара биллэр. Министиэристибэ этэринэн, Саха сирэ билигин уон икки бырыһыан сирэ чинчийиллибит. Бу бырайыак түмүгүнэн, сир отут-отут биэс бырыһыан чинчийиллиэхтээх.

Саха сирин бырамыысыланнаһын уонна геология­тын миниистирэ Максим Терещенко бэлиэтээн эппитинэн, Саха сиригэр ньиэп, гаас, чох, алмаас, тимир рудатын, алтан, вольфрам, о.д.а. металлаах сирдэри чинчийии барыахтаах. Былаан быһыытынан, манна барытыгар сүүстэн тахса эбийиэк тутуллуохтаах. Инвестиция быһыытынан Саха сирин, Арассыыйа бүддьүөтүгэр барыта үс триллион солкуобай киириэхтээх. Ону сэргэ Саха сиригэр отут тыһыынчаттан тахса үлэ миэстэтэ аһыллыах­таах. Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, билигин Саха сиригэр сиртэн хостонор баайынан дьарыктанар улахан хампаанньалар геологическэй чинчийиигэ барыта 160 миллиард солкуо­­байы укпуттар.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: