Ситэтэ суох үрдүк үөрэх суох буолуоҕа

Үрдүк үөрэх кыһатыгар түөрт сыл үөрэнэн, диплом ылбыт выпускниктар аны билигин толору үрдүк үөрэхтээх исписэлиис аатын ылыахтара. Бу иннинэ түөрт сыл үөрэммиттэр ситэтэ суох үрдүк үөрэхтээх бакалавр эрэ буолаллар этэ.
Санатан эттэххэ, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олунньу 21 күнүгэр бэйэтин Этиитигэр үөрэх систиэмэтигэр урукку Сэбиэскэй Сойуус уопутун киллэрэр сөбүн, үрдүк үөрэх түөртэн алта сылга диэри барыахтааҕын, устудьуон билиитин хаҥатарыгар салгыы магистратураҕа, ординатураҕа туттарсар кыахтаах буолуохтааҕын туһунан иһитиннэрбитэ. Ону таһынан, бэрэсидьиэн улахан болҕомтону аспирантураҕа ууруохха наадатын эппитэ.
РФ Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Андрей Фурсенко бэҕэһээ “Россия-24” ханаалга иһитиннэрбитинэн, билигин түөрт сыллаах үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэр бакалавр буолбакка, дипломнаах исписэлиис аатын ылыахтара. “Урукку кэмҥэ түөрт сыл үөрэнэн диплом ылбыт киһи үрдүк үөрэхтээх исписэлиис аатын ылара. Ол тэҥэ билигин бакалавр аатын ыла сылдьар выпускниктар бары үрдүк үөрэхтээх исписэлиис буолуохтара, ситэтэ суох үрдүк үөрэх диэн суох буолуоҕа”, — диэн бэлиэтиир кини.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: