Ситимнээх үлэ салҕанар
Муоматтан төрүттээх биллэр ырыалардаах хоһоонньут, хоту дойду хоһуун уола, салайааччы, «Индигир уоттара» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, ытык ыал аламаҕай аҕата Николай Михайлович Черемкин — Момскай үтүө аатыгар тэрээһин ХИФУ бибилэтиэкэтигэр ыытылынна.
Николай Момскай олоҕун кэпсээнин, айар үлэтин туһунан киэҥ ис хоһоонноох иһитиннэриини бибилэтиэкэр Елена Прокопьевна Ксенофонтова оҥордо. Онтон айар үлэтигэр аналлаах быыстапканы бибилэтиэкэр Полина Николаевна Яковлева бэрт сэргэхтик сэһэргээтэ.
Бу түһүлгэҕэ СӨ үтүөлээх артыыһа Владимир Заболоцкай «Һээдьэ» ырыатын тылын хаһыаттан ылан, күн бүгүнүгэр диэри ыллыы сылдьарын туһунан кэпсээн баран, нууччалыы тылбааһыгар тиийэ ыллаан иһитиннэрдэ, ытыс тыаһынан арыалланна. Николай Момскай «Индигиргэ» хоһоонугар Виталий Андросов саха норуотун биир бастыҥ ырыатын айан хаалларбытын гитара доҕуһуолугар эдэр ийэ Любовь Парилова толордо.
Устудьуоннар ааттарыттан харда тылы Александра Эверстова эттэ. Инникитин «Таммахтар» литературнай холбоһук ааптардарын кытта биир дьоһун тэрээһини ыытарга кэпсэтии оҥоһулунна. Салгыы «Таммахтар» литературнай холбоһук ааптара, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Инна Николаева — Угинка анабыл хоһоонун ааҕан, араамалаан аҕалан, кыыһыгар Изабелла Николаевнаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Мария Федотова-Нулгынэт, олоҕун аргыһа, суруналыыс Григорий Михайлович Федотов, өр сылларга салайар үлэҕэ бииргэ алтыспыт Николай Михайлович Борисов, Момскай аллар атаһа, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Василий Архипович Тарабукин кыыһа Марфа Васильевна иһирэх ахтыылары оҥордулар. Бу түһүлгэҕэ Василий Тарабукин кэргэнэ, ытык кырдьаҕас, Александра Афанасьевна Тарабукина аат ааттаан кэлбитэ чахчы да дьиҥнээх доҕордоһуу диэн баарын тыыннаах туоһутунан буоларын устудьуон оҕолорго бигэргэттэ.
Тэрээһин түмүгэр Николай Момскай төрөппүт кыыһа, быраас идэлээх, Изабелла Николаевна Дашидымбрылова (Черемкина) оҕолорун, сиэннэрин ааттарыттан кыттыбыт дьоҥҥо махтал суруктары туттарда.
Николай Момскай туһунан ити курдук истиҥник-иһирэхтик ахтан, санаан, сүгүрүйэн аастыбыт.
Августина Владимирова — Хабарова.
Игорь Дашидымбрылов, Августина Хабарова хаартыскаларга түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: