Салгыы
«СКТВКР» — хотугу киһи ис күүһүн көрдөрөр испэктээк

«СКТВКР» — хотугу киһи ис күүһүн көрдөрөр испэктээк

09.10.2022, 16:00
Бөлөххө киир:

Хаһан баҕарар саҥа испэктээги көрүөх иннинэ көрөөччүнү, бастатан туран, саҥа туруоруу аата сонурҕатар, толкуйдатар.

Коми Өрөспүүбүлүкэтин В.Савин аатынан дыраама академическай тыйаатырын иһинэн үлэлиир Ыччат тыйаатыра «СКТВКР» испэктээгин аата эмиэ аан бастаан киһини дьиктиргэтэр. Онтон билбитиҥ,  Сыктывкар диэн куорат аатын аһаҕас дорҕооннорун ылан кэбиспиттэрин кэннэ бүтэй дорҕооннор эрэ хаалан хаалбыттар.  Итинник хештег туһаныллыбыт таабырынын таайан баран,  бэйэҕиттэн күлэ, сонньуйа саныыгын. Ол гынан баран, «СКТВКР» көрбүт киһи туруорааччы режиссер Максим Соколов испэктээгин аата эрэ буолбакка, туруоруута эмиэ уратытын, омос ылына охсубаккын өйдүүгүн (Дьокуускайга Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар икки күн устата көрдөрүлүннэ).

Максим Соколов былырыын Москваҕа «Кыһыл көмүс» бэстибээлгэ кыттыбыт бу үлэтэ вербатим жанрынан туруоруллубут. Вербатим диэни атыннык документальнай тыйаатыр диэн эмиэ ааттыыллар. Бу жанр XX-XXI үйэлэр кирбиилэригэр киэҥник тарҕаммыта. Вербатим-испэктээктэргэ боростуой дьон саныыр санааларын уһуннук кэпсииллэр (монолог) эбэтэр кинилэр кэпсэтиилэрин тыйаатыр артыыстара тириэрдэллэр.
Испэктээк саҕаланыыта бэрт судургу: боростуой хара свитшоттаах уонна бүрүүкэлээх дьон тахсан уруккуну-хойуккуну кэпсииллэр (ардыгар сылаалаах да курдук),  бэйэ-бэйэлэрин банаарынан эрэ сырдатынан көрөллөр.
Ол эрэн, биир күдьүс кэпсээннэртэн көрөөччүнү сыана үрдүгэр баар экраҥҥа кэпсиир дьон уонна уот-күөс уларыйыыта аралдьытан ылар.


Ону таһынан испэктээк биир ураты көстүүтэ -– дириҥэ суох, ол эрэн сыана бүтүннүүтүн кэриэтэ ылар уулаах бассейн.

Кэпсиир дьоммут (бастаан артыыстар диэххин туттунаҕын, тоҕо диэтэххэ, ханнык да сюжет суох, ким да оонньообот да курдук, кэпсииллэр эрэ) ол бассейҥҥа киирэн ардыгар сытан, ардыгар олорон эрэ дьэ, бэйэлэрин куораттарын Сыктывкар туһунан кэпсииллэр, оҕо, эдэр саастарын ахталлар, куораттарын тоҕо таптыылларын билинэллэр, төрөөбүт тыллара сүтэр кутталыттан дьиксинэллэр уо.д.а. Биллэн туран, өрө күүрүү, хомойуу-хоргутуу, үөрүү-көтүү интонацията баар, ол аайы муусука күүһүрэн биэрэр уонна араас хамсаныыларынан, үҥкүүлэринэн кэпсээннэрин ис хоһоонун биэрэллэр, куорат олоҕун көрөөччүгэ бу баардыы тириэрдэргэ кыһаллаллар. Ууну уонна уоту кытта дьүөрэлээн, куораттарын туһунан кэпсээни үһүйээҥҥэ кубулутар эбэтэр ханнык эрэ үһүйээни түмэн көрдөрөр курдуктар. Онно дьахтар дьүһүннээх уу иччитин кэпсээнэ, сөмөлүөт сууллуута уо.д.а. бааллар.
Испэктээги көрө олорон, режиссер тоҕо чуолаан уулаах бассейны «СКТВКР» күлүүс миэстэтэ оҥостубутун толкуйдуу сатыыгын. Кырдьыга да, Сыктывкар дьиктитэ, хайа да дойдуга маарыннаабата элбэх. Коми сирэ-уота дойду киин куораттарыттан уонна сылаас муоралартан олох ыраах баар, Сыктывкар икки өрүс силлиһиитигэр сытар. Париж диэн ааттаах оройуоннарыгар хаһан эрэ Наполеон билиэн саллааттара олорбуттар, Европаҕа ханна да суох саамай уһун уулуссалаахтар. Уопсайынан, барыта манна дьикти, сонун. Ол да иһин, режиссер бэйэтин үлэтин хештек аҥаардаах, итэҕэлгэ сүгүрүйүү аҥаардаах диэн быһаарар. Ол түмүгэр хотугулуу тардына соҕус майгыннаах испэктээк тахсан кэлбит.
Испэктээги 2010 сыллаахха Ижма куоракка быраҕыллыбыт кэриэтэ аэропортка ТУ-154М сөмөлүөт саахалын тохтоппут, дьон сүтүгэ суох түһэрин ситиспит бөртөлүөт түһэр былаһааккатын начаалынньыга Сергей Сотников кэпсээнэ түмүктүүр. Бу устуоруйа хотугу сир олоҕун туһунан хатан хаһыы курдук иһиллэргэ дылы. Ол гынан баран, үөһээттэн кэлбит «аанньал» кинини ууттан таһаарара -– эрэл уонна хотугу сиргэ норуоттар бырааттыылларын бэлиэтин курдук өйдөнүллэр.

ххх

Манна даҕатан эттэххэ, балтараа чааһы быһа ууга атах сыгынньах сылдьар артыыстары аһына көрөҕүн.
Онтон испэктээк иннинэ буолбут пресс-кэмпириэнсийэҕэ быһаарбыттарынан, испэктээк иннинэ бассейны сууйан баран итии уунан толороллор. Болҕомтолоох көрөөччү аан бастаан итии паар тахсарын да көрүөн сөп. Онон, испэктээк бүтүөр диэри уу тымныйбат эбит. Ол гынан баран, таҥастара биллэн турар инчэйэр:  инчэҕэй таҥастаах, атах сыгынньах оонньууллар.
Испэктээк камернай быһыыга-майгыга оонньонор, көрөөччүлэргэ барыта чуп-чугас буолан, артыыстар сотору-сотору көрөөччүнү уунан ибиирэллэр. Сорох көрөөччү онтон ордук астынар буолан, билиэтин маҥнайгы эрээккэ ыла сатыыр эбит.
Сценографиятыгар баһыйар күүс — хараҥа өҥ ыар санаалары буолбакка, хотугу сир киһитэ өйүн-санаатын хонтуруолланар күүстээҕин уонна ис сүрүннээҕин быһаарар. Ол да иһин, режиссер: «Мин бу үлэбинэн хотугу сир тугу кэпсиирин буолбакка, тугу кистиирин, саҥарбатын көрдөрө сатаатым», -– диэн этэр. Онон, бу испэктээк Сыктывкар эрэ буолбакка, бүтүн хотугу сир, биһиги кыһалҕабытын тыктаран көрдөрөр.
Испэктээк бүтүүтэ артыыстар бокулуоҥҥа тахсалларыгар таҥастарын уларытан, киэргэл көстүүмнэрин тахсан кэлэллэр. Дьэ, кинилэри көрөн,  сыанаҕа  артыыстар оонньообуттарын билинэр курдуккун.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: