“Сланцевай өрөбөлүүссүйэ” туһунан кылгастык

Share

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр “политинформация” дакылаата оҥорор эбээһинэс баара. Биир бэйэм бэлэмнээбит дакылааппын өйдөөн хаалбыппын. Сүрүн толкуйа биир билгэҕэ олоҕурара – “2000 сылга аан дойду чинчийиллибит ньиэбэ уонна гааһа олоччу бүтэр, онон 21 үйэҕэ киһи аймах атомнай энэргиэтикэ көмөтүнэн экэниэмикэтин сайыннарыаҕа”. Саҥа үйэттэн күүтэрбит элбэх этэ…

Ньиэбинэн аһыыр киһи аймах

Интэриниэт диэн оччолорго сибикитэ да суоҕа, онон матырыйаал таҥыыта бэрт сыра­лаах этэ, сигэнэр источниктарым даҕаны сабыс-саҥа чинчийиилэр буол­батахтара чахчы. Ньиэп саппааһын туһунан чахчылар сыллата чопчулана тураллар. Онно элбэх сабыдыал баар. Бастатан туран, чинчийии ньымалара тупсан иһэллэр. Иккиһинэн, ньиэби хостуур ньыма эмиэ миэстэтигэр турбат. Онон 70-80-90-с сылларга оҥоһуллубут билгэлэр уон да сыл ааһа илигинэ наука саҥа ситиһиилэригэр сөп түбэспэт буолан иһэллэрэ. Арассыыйаҕа “ньиэп бүтэн эрэр” диэн кыһалҕа билигин дьону куттуур сүрүн сабаҕаларга киирбэт. Биһиги уопсастыбабыт астероид кэлэн түһэриттэн эбэтэр улахан вулкан уһуктарыттан ордук саллар. Оттон аан дойдуга “ньиэп хостооһунун чыпчаалын” ааһыы ити этиллибит сабаҕалартан быдан күүстээх сабыдыаллаах эбит.

Ити куттал, дьиҥэр, быдан оруннаах. Билигин биһиги бары ньиэбинэн аһылыктана олоро­бут. Аныгы киһи 1 калорий кээмэйдээх аһы сиирин туһугар 10 калорий ньиэп эбэтэр гаас уматыллар. Ньиэп ас эрэ буолбатах –
1 кыраам микросхема оҥоһулларыгар 630 кыраам ньиэп уматыллар. Хайа, уонна дьиэни-уоту ититинии кыһалҕата эмиэ гааһа суох быһаарыллыбат. Ол эбэтэр, өскөтүн ньиэп эмискэ бүтэн хаалар түгэнигэр, миллиардынан киһи аччыктаан, тоҥон өлөр, технологическай үйэ тохтуур, быһата эттэххэ, төттөрү таас үйэҕэ тэбиллэбит.

Куттал ыраах?..

Этиллибитин курдук, наука сайдыыта ньиэби, гааһы хостуур саҥа ньымалары аҕалан, “ньиэп эратын” өссө кырата үйэ аҥаара уһаппытынан ааҕыллар. Ордук улахан сабыдыаллаах саҥа ныманан сланцевай араҥалартан ньиэ­би уонна гааһы хостооһун ньыматын олоххо киллэрии буол­бута. Ити көстүү олоххо сабыдыала аҥаардас  аатыттан көстөр – “сланцевай өрөбөлүүссүйэ”, ол эбэтэр, онуоха диэри баар сыһыаны тосту уларытар кыахтаах диэн ааттаммыта.

Ити “өрөбөлүүссүйэ” туохха олоҕурарын өйдөөн көрүөҕүҥ. Сланцевай араҥаҕа ньиэп уонна гаас баара уруккуттан биллэр этэ эрээри, ону хостуур уустук, барыһа суох этэ. 2000-с сыллар саҕаланыыларыгар АХШ Devon Energy ньиэп хостооһунунан дьарыгырар хампаанньата фрекинг көмөтүнэн сланцевай араҥаттан ньиэп уонна гаас хостооһунугар киирбитэ. Фрекинг атыннык “гидравлический разрыв пласта – ГРП” – “убаҕас көмөтүнэн дьапталҕаны хайытыы” диэн ааттанар. Бу ньыманы судургутук быһаардахха маннык: сир анныгар ууну ыга хачайдаан аналлаах дьапталҕа иһигэр хайа барыыны үөскэтэллэр. Ол хайаҕаска сланец иһигэр иҥэ, сууралла сылдьар углеводородтар босхолонон мунньуллаллар, ону хачайдаан ылаллар. Сири дьөллөххө фонтанныыр ньиэптээҕэр маннык хостооһун быдан уустук эрээри, билиҥҥи ырыынакка олохтоммут сыананы боруостуур, сөптөөх барыс киллэрэр ньыманан ааҕыллар.

Америка инники тахсар

Фрекинг ааспыт үйэҕэ айыллыбыта. Бастаан ГРП ньыманан хостооһуну 1947 сыллаах­ха Halliburton хампаанньа Америкаҕа тургуппута.  Онтон фрекинг ньыматын тупсарыынан 1953 сылтан ССРС учуонайдара Христианович С.А. уонна Желтов Ю.П. дьарыгырбыттара. Ити кэмҥэ Донбааска таас чох дьапталҕаларыгар ГРП ньыматынан метан гааһы хостуурга туһаммыттара.

Оттон  билигин бу ньыманы дьиҥнээхтик олоххо туттуу сүрүннээн АХШ иһигэр ыытыллар. Аныгы кэмҥэ ньиэп хостооһуҥҥа фрекинг Хотугу Дакота штатка 2004 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Уон сыл иһигэр итиннэ ньиэби хостооһун сууккаҕа  85 тыһыынча баррельтан хас да төгүл үрдээн, сууккаҕа 1,1 мөл. баррельга тэҥнэспитэ. Чуолаан бу сөҕүмэр үүнүүнү “сланцевай өрөбөлүүссүйэ” диэн ааттаабыттара.

2000-с сыллар бүтүүлэригэр АХШ бу ньыманы туһанан ньиэби уонна гааһы хостооһуҥҥа инники кэккэлэргэ тахсыбыта. Холобур, бу дойду 2007 сылга  54 млрд м³ гаас хостуур эбит буоллаҕына, 2013 сылга ити сыыппара  319 млрд м³ тиийэ улааппыта. 2009 сыллаахха Америка Арассыыйаны гаас хостооһуҥҥа ситэн ааспыта. 2016 сыллаахха гаас хос­тооһунун уопсай кууһа (көннөрү айылҕа гааһа уонна сланцевай гаас холбоон) Америка штаттарыгар  751 млрд м³ тэҥнэспитэ. Ити сыл Арассыыйа  642 млрд м³ хостообута.

Үчүгэй куһаҕаннаах

АХШ Энэргиэтикэҕэ информациятын салалтата (EIA) быһа холоон этэринэн, сланцевай гаас аан дойдуга олус элбэх. Холобур, Европаҕа барыта холбоон 885 Tcf (триллион кубическай фут), ол эбэтэр 270 трлн м³ кэриҥэ сланцевай гаас саппааһа баар буолуон сөп. Олортон саамай элбэх саппааас Арассыыйа, Польша, Франция уонна Украина анныгар сыталлар. Оттон аан дойду туһунан этэр буоллахха, Кытай 31,5 трлн м³, Аргентина 22,7 трлн м³, Алжир 20 трлн м³ саппаас­таах үс бастакы миэстэни ылаллар. Арассыыйаны бу испииһэккэ  тохсус миэстэҕэ суруйбуттар, 8 триллион кубометр сабаҕаланар саппаастаах. Оттон сланцевай ньиэп саппааһынан Арассыыйа сорох чахчыларынан аан дойдуга саамай баай дойду буолуон сөп.

Оччоҕуна “Европа тоҕо бэ­­йэтин гааһын хостоон хааччымматый?” диэн оруннаах ыйытыы үөскүүр. Эппиэт хас даҕаны кыайтарбат моһуоктан турар.

Бастатан туран, фрекинг ньымата экологияҕа олус куһаҕан дьайыылаах. ГРП ньыматын туттарга олус элбэх уу туһаныллар, ол аата, ити ууну хантан эрэ төннүбэттии ылыахха наада. Ону тэҥэ, дьапталҕаны хайытарга аналлаах убаҕаска сүүһүнэн ах­­сааннаах химическэй бул­каастар эбиллэллэр, олор почваны киртитэллэр, киһи-сүөһү сүһүрэр кутталын үөскэтэр. Иккиһинэн, сир анныгар дьапталҕаны хайытыы сир хамсааһынын үөскэтэр кутталлаах. Великобританияҕа Блэкпул диэн сиргэ 2011 сылга ГРП дьайыытыттан сылтаан иккитэ сир хамсааһына буолбута дакаастанан 2014 сыллаахтан бу ньыманы туһаныыны сокуо­нунан боппуттара. Сокуонунан фрекинг туһаныытын бобуу билигин Францияҕа, Болгарияҕа, Голландияҕа баар, Германияҕа күүстээх хааччахтыыр миэрэлэр көрүллүбүттэр. Оннооҕор фрекинг АХШ кэккэ штаттарыгар бобуулаах – Вермонт уонна Нью Йорк штаттар бу ньыманы бэйэлэрин сирдэригэр олоччу боппуттара.

Үсүһүнэн, ГРП ньымата олус киэҥ иэннээх сиргэ элбэх дьөлө хаһыыны ыытыыны ирдиир. Арҕаа Европа дойдулара үгүстэрэ оннук киэҥ иэннээх сирдэри атын туһаныыттан туоратар кыахтара суох.

Кытай туһунан этэр буоллахха, төһө даҕаны сөҕүмэр элбэх саппаас билгэлэммитин иһин, кини сланцевай гааһын хостуур уустук. Үксэ бэрт дириҥник, олус кытаанах боруодалаах сиргэ сыталлар, билиҥҥи кэм технологияларынан хостооһун барыһа суох. Билигин Кытай бэйэтэ хостуур сланцевай гааһа дойду туһанар гааһын 1% толуйар.

Итини барытын түмэн өр кэмҥэ сланцевай ньиэби уонна гааһы хостооһун АХШ таһыгар өр кэмҥэ сабаҕаламматын туһунан эспиэрдэр бары кэриэтэ сөпсөһөллөр.

Саарбах барыс

АХШ аҕыйах кэм анараа өттүгэр сланцевай углеводородтары хостооһуну сыллата кэҥэтэн испитэ. Ол эрэн, 2012 сыллаахха, ити ньыманан хостонор гаас сыаната ырыынак сыанаты­нааҕар ыарахан буолан ылбыта. Онтон сылтаан бу үлэҕэ кыттыбыт инвестордар үгүстэрэ уустук балаһыанньаҕа киирбиттэрэ, хас даҕаны чааһынай хампаанньалар эстибиттэрэ. Аан дойдуга ГРП туһаныытыгар лиидэр хампаан­ньа, Chesapeake Energy моҥкуруут буола сыспыта. Билигин, маннык саарбах билгэлээх ырыынакка киириэн баҕалаах инвестордар ахсааннара быстар аҕыйах, ол иһин, сланцевай гаас, ньиэп хостооһуна өссө кэҥиирэ бэрт саарбах. Үрдүк, уонна күүскэ халбаҥнаабат сыана олохтонуута эрэ “сланцевай өрөбөлүүссүйэ” салгыы сайдарын көҕүлүүр кыах­таах. Аан дойду аныгы туруга ону сотору кэминэн хааччыйар кыаҕа суоҕа көстөр.

Хаартыскаҕа: Сланцевай гааһы хостооһун содула  (https://regnum.ru/). 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago