Салгыы
«СЛОВО и ДЕЛО» былаһааккаҕа түмүстүлэр

«СЛОВО и ДЕЛО» былаһааккаҕа түмүстүлэр

Ааптар:
06.11.2024, 09:00
Айталина Аргунова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр «Слово и дело» нациялар икки ардыларынааҕы түмсүү былаһаакката тэрилиннэ.

Бу үһүс төгүлүн ыытыллар тэрээһин Арассыыйа дьоно-сэргэтэ түмсүүлээхтэрин көрдөрөр. Дьулуурдаахтарын, үтүө дьыаланы оҥорор кыахтаахтарын кэпсиир бырайыак. Үтүө дьыала дьону түмэр. Онтон үтүөнү хас биирдии киһи кыайар, сатыыр.

Былаһаакка партнердарынан Дьокуускай куорат дьаһалтатын уопсастыбаннай сибээскэ управлениета, Саха сиригэр нуучча общината, «Кыайыы сиэннэрэ» добровольческай хамсааһын, СӨ үһүс саас оскуолата, РОСТ оҕо киинин волонтердарын куорпуһа буоллулар. Национальнай-култуурунай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ, Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтун курсаннара, үөрэнээччилэр волонтердар салалталарынан байыаннай сулууспалаахтарга наадалаах, туһалаах малы-салы, харысхаллары оҥордулар, хаххалыыр сиэккэлэри баайдылар, сурук суруйдулар, видеонан санааларын тиэртилэр.

Үтүө дьыаланы оҥорорго бары биир киһи курдук туруннулар. Хас биирдии оҥоһуктарыгар туох баар үтүө санааны иҥэрбиттэрэ байыастарга хайаан да туһалыа, көмөлөһүө диэн эрэнэбит.

А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ,

Айталина Аргунова хаартыскаларга түһэриитэ

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: