Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр «Слово и дело» нациялар икки ардыларынааҕы түмсүү былаһаакката тэрилиннэ.
Бу үһүс төгүлүн ыытыллар тэрээһин Арассыыйа дьоно-сэргэтэ түмсүүлээхтэрин көрдөрөр. Дьулуурдаахтарын, үтүө дьыаланы оҥорор кыахтаахтарын кэпсиир бырайыак. Үтүө дьыала дьону түмэр. Онтон үтүөнү хас биирдии киһи кыайар, сатыыр.
Былаһаакка партнердарынан Дьокуускай куорат дьаһалтатын уопсастыбаннай сибээскэ управлениета, Саха сиригэр нуучча общината, «Кыайыы сиэннэрэ» добровольческай хамсааһын, СӨ үһүс саас оскуолата, РОСТ оҕо киинин волонтердарын куорпуһа буоллулар. Национальнай-култуурунай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ, Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтун курсаннара, үөрэнээччилэр волонтердар салалталарынан байыаннай сулууспалаахтарга наадалаах, туһалаах малы-салы, харысхаллары оҥордулар, хаххалыыр сиэккэлэри баайдылар, сурук суруйдулар, видеонан санааларын тиэртилэр.
Үтүө дьыаланы оҥорорго бары биир киһи курдук туруннулар. Хас биирдии оҥоһуктарыгар туох баар үтүө санааны иҥэрбиттэрэ байыастарга хайаан да туһалыа, көмөлөһүө диэн эрэнэбит.
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ,
Айталина Аргунова хаартыскаларга түһэриитэ
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…