«Смешариктар» сахалар тустарынан мультигы таһаардылар

Share

«Рики» хампаанньа таһаарар “Смешариктара” сахалар тустарынан мультик сериятын уһуллулар. Манна саха култууратын, үгэстэрин, уратыларын туһунан кэпсэнэр. “Балаган” серия “Азбука дружбы народов со Смешариками” цикл чэрчитинэн, бэрэсидьиэн култуурунай көҕүлээһиннэрин пуондатын өйөбүлүнэн таҕыста. Номнуо «ютуб» ханаалларыгар киирэн көрүөххэ сөп.

Бу мультиктар кырачаан оҕолору, оскуола алын кылааһын үөрэнээччилэрин ханнык омуктар баалларын, кинилэр олохторун-дьаһахтарын, култуураларын билиһиннэрэр, кэпсиир, билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтэр сыаллаах-соруктаах.

Бу серияҕа бэркэ билэр дьоруойдарбыт — Нюша, Бараш, Кар Карыч оҕо өйдүүрүн курдук судургутук балаҕан диэн тугун, тоҕо муус түннүктээҕин, буор үрүттээҕин, туой сыбахтааҕын, тоһоҕото суох тутулларын, олоҥхо диэн тугун, 3 күннээх түүн толорулларын кэпсииллэр.

Мультикка «Кыыс Урсун» олоҥхо иһиллэр, хомус тыаһыыр, Саха сирин каартата, гербэтэ көстөр.

Бэртээхэй! Бу курдук саха култуурата кэҥээн, кырачааннартан саҕалаан билиһиннэрэн, тарҕанан истин. Оҕолоргутугар эмиэ көрдөрүҥ, кинилэр буоллахтара, дьиҥнээх сыанабылы биэрэр дьон. Сөбүлүүр дьоруойдара сахалыы саҥараллара кинилэргэ интэриэһинэй буолуо. Бэйэ омугун уратытынан, култууратынан киэн туттууну саҕар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

30 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Бүлүүгэ дьахтар 32 киилэлээх гиирэни уонна аккумуляторы уорбут

Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

2 часа ago