Салгыы
СНГ салайааччылара төгүрүк остуол тула

СНГ салайааччылара төгүрүк остуол тула

11.10.2024, 09:27
Владимир Путин СНГ дойдуларын салайааччыларын алтынньыга муспутун, иккис өттүнэн, БРИКС түмсүүтүн мунньаҕар бэлэмнэнии быһыытынан сыаналыахха сөп. Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэ биир бэлиэ түгэнинэн Москваҕа Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин (СНГ) салайааччыларын сугулаанын ааттыахха сөп. Быйыл Арассыыйа икки улахан түмсүү тэрээһиннэрин иилээн-саҕалаан ыытар: биирэ – БРИКС түмсүүтүн, иккиһэ – СНГ дойдуларын.

Дойдулар далаһа уурсуулара

Арассыыйа бэрэсидьиэ­нэ Владимир Путин быйыл СНГ дойдуларыгар барыларыгар кэриэтэ сырытта. Ону сэргэ норуоттар икки ардыларынаа­ҕы тэрээһиннэргэ сылдьан сирэй көрсөн кэпсэппитэ. Бу нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт мунньахха СНГ билиҥҥи састаа­бын чилиэннэрэ бары кэллилэр. Ол курдук, Азербайджан, Армения, Беларусь, Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Туркменистан, Узбекистан салайааччылара Ильхам Алиев, Никол Пашинян, Александр Лукашенко, Касым-Жомарт Токаев, Садыр Жапаров, Эмомали Рахмон, Сердар Бердымухамедов уонна Шавкат Мирзиёев кытыннылар.

Былырыын Кыргызстааҥҥа буолбут СНГ мунньаҕар Армения салайааччыта кэлбэтэҕэ. Биллэрин курдук, Армения уонна Азербайджан икки ардыгар Уот Уһутаакы айбардаан, айах атан кэпсэтиэхтээҕэр биир остуолга да олорбот буола сылдьыбыттара. Былырыын ыам ыйыгар Владимир Путин Ильхам Алиевы уонна Никол Пашиняны ыҥыран, биир остуол­га олордон аһаҕас кэпсэтиини ыыппыта. Бу кэпсэтии ис хоһооно киин бэчээккэ баһа-атаҕа эрэ таҕыстар да, добдурҕа кэмигэр сыарҕа айанын кэриэтэ буолбута сэрэйиллэр. Билигин икки дойду сала­йааччыларын биир остуол­га кэккэлэһэ олороллорун көрөбүт. Ол эрээри, быйыл­гы мунньах чэрчитинэн, Владимир Путин кинилэри кытары тус-туһунан көрүстэ.

Экэниэмикэ

Ханнык баҕарар улахан түмсүү, буолаары буолан, норуоттар икки ардыларынааҕы, экэниэ­микэ боппуруостарын инники күөҥҥэ тутан ырытыыга таһаа­рар. Бу да мунньахха дойдулар бэйэ-бэйэлэрин кытары үлэлэһиилэрин кэпсэттилэр. Манна бэлиэтиир наада, кэнники сылларга СНГ дойдуларын кытары табаарынан эргиниибит, араас эйгэҕэ ыытар бырайыактарбыт быдан элбээтилэр. Статистика этэринэн, бу дойдулар уопсай ис баалабай бородуукталара быйыл сыл аҥаардааҕы түмүгүнэн,  4,7 бырыһыанынан эбиллибит. Оттон дойдулар сүрүн хапытаалларыгар инвестиция киириитэ 11,2 бырыһыанынан үрдээбит. Онон экэ­ниэмикэ бу икки көрдөрүүтүнэн да сылык­таатахха, ыаллыы судаарыс­тыбалар күүстэрин түмэн, кэлэр биир-икки уонча сылга бугулларын чөкөтөн биир оту кэбиһээри олороллор. Сэрэйдэххэ, түсчүт ким буоларыттан улахан тутулуктаах буолуохтаах.

– Биһиги уопсай көҕү­лээһиммитинэн уонна бары куолаан үлэлээбиппит түмүгэр экэниэмикэбит, эргинэр үппүт-харчыбыт тас дьайыылартан тутулуга суох буолан эрэр. Билигин бэйэбит икки ардыбытыгар национальнай валюталарбытынан төлөһүүбүт 85 бырыһыантан таҕыста, – диэн Владимир Путин мунньах кэмигэр бэлиэтээн аһарда.

Култуура уонна успуорт

Экэниэмикэ хайа да диэки салалыннар, култуура, успуорт син биир уунар илии, үктэнэр далаһа буолаллар. СНГ дойдуларыгар биир үтүө үгэс олохтонон эрэр. Сылын аайы биир куораты талан Култуура киинэ оҥороллор. Холобур, быйыл СНГ култууратын киининэн Узбекистан Самарканд куората буолбута. Эһиил эстафетаны Азербайджан Лачи, 2026 сылга – Армения Мегри, 2027 сылга – Беларусь Молодечно куораттара ылыахтаахтар. Биһиги Сахабыт сирэ быйыл саас Казахстааҥҥа өрөспүүбүлүкэбит күнүн тэрийэн ыыппыта норуоттар доҕордоһууларыгар биир үтүө холобур быһыытынан сыаналанар.

Владимир Путин мунньахха быйыл Арассыыйаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы ус­­пуорт улахан күрэхтэһиилэрэ буол­буттарын этэн аһарда. Олор истэригэр “БРИКС оонньуулара”, “Азия оҕолоро”, “Солко суола”, “Кэлэр көлүөнэ оонньуута” буолан ааспыттарын, ыытааччыларга дириҥ махталын биллэрэрин иһитиннэрдэ. Ону таһынан, быйыл СНГ дойдуларыгар Волонтёрдар сылларынан биллэриллибитин, манна туһааннаах үлэлэр сыл устата барбыттарын бэлиэтээн туран, бу көҕүлээһини өйүүр наадатын эттэ.

– СНГ иһинэн баҕа өттүнэн үлэлиир уонна кэмиэрчэскэйэ суох түмсүүлэри тэрийии, мин санаабар, оруннаах. Ону сэргэ сыллата волонтёрдар пуорумнарын ыытыахха, анал граннары олохтуохха сөп этэ, – диэн Владимир Путин этии киллэрдэ.

Экэниэмикэ хайа да диэки салалыннар, култуура, успуорт син биир уунар илии, үктэнэр далаһа буолаллар. СНГ дойдуларыгар биир үтүө үгэс олохтонон эрэр.

Кыайыы 80 сылын көрсө

СНГ дойдулара бары биир устуоруйалаахпыт. Кэлэр сылга Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын бэлиэтээри олоробут. Манна эмиэ анал бырагыраама оҥоһуллан турар. Мунньах кэмигэр Владимир Путин СНГ куораттарыгар Үлэ албан аатын иҥэрэргэ эттэ.

– Манна биһиги биир этии­лээхпит – СНГ дойдуларыгар Аҕа дойду сэриитигэр байыан­най, гражданскай аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга үлэлэспит куораттарга “Үлэ албан ааттаах куората” бочуот­таах ааты иҥэриэххэ. Бу биһиги норуоппут биир сомоҕо буолуутун, кыайыыны уһансыыга тыылга үлэтин символын быһыытынан буолуо этэ, – диэн эттэ.

Манна санатан этиим, Арассыыйаҕа Кыайыы 75 сылыгар “Үлэ килбиэн куората” диэн бочуоттаах аат олохтоммута. Бу Албан ааты Саха сириттэн Алдан уонна Дьокуускай ылбыттара. Итини таһынан, Владимир Путин Аҕа дойду сэриитигэр туһуламмыт мемориаллары, өйдөбүнньүктэри харыстыыр туһуттан Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэригэр уопсай испииһэги оҥорорго этии киллэрдэ. Холобур, бу маннык улахан испииһэк Арассыыйаҕа 2016 сылтан хомуллан, билигин “Место памяти” диэн уопсай интэриниэт саайтка тиһиллибитэ. Оттон Беларусь бэйэ­тин Төрүт сокуонугар устуо­руйа чахчытын көмүскүүр бала­һыанньаны киллэрэн турар.

– Кэриэстиир өйдөбүлү хайа баҕарар былдьаан ылыахха сөп, оттон дьиҥ кырдьыгы, хайдах да гыммытыҥ иһин, уоран-талаан ыларыҥ табыллыбат. Сэбиэскэй норуот күүһүн, кыаҕын түмпэтэҕэ буоллар, билигин оччотооҕу кэм кыайыытын самнара, суолтатын түһэрэ сатаач­чы сорох судаарыстыбалар суох да буолуо этилэр, – диэн Беларусь бэрэсидьиэнэ Александр Лукашенко этэн аһарда.

БРИКС мунньаҕар бэлэмнэнии

Владимир Путин СНГ дойдуларын салайааччыларын алтынньыга муспутун, иккис өттүнэн, БРИКС түмсүүтүн мунньаҕар бэлэмнэнии быһыытынан сыаналыахха сөп. Бу түмсүүгэ билигин уон дойду түмсэн олорор. Былырыыҥҥы саммит түмүгүнэн биэс дойду түмсүү чилиэнинэн киирбитэ. Ону сэргэ өссө хас да дойду түмсүү үлэтигэр кыттыһыам этэ диэн сайабылыанньа суру­йан олорор.

Онон быйыл алтынньы 22-25 күннэригэр Татарстаҥҥа Казань куоракка ыытыллаары турар саммит быйылгы сыл биир эмиэ устуоруйаҕа хаалар мунньаҕынан буолуохтаах.

Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: