Бу нэдиэлэ биир бэлиэ түгэнинэн Москваҕа Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин (СНГ) салайааччыларын сугулаанын ааттыахха сөп. Быйыл Арассыыйа икки улахан түмсүү тэрээһиннэрин иилээн-саҕалаан ыытар: биирэ – БРИКС түмсүүтүн, иккиһэ – СНГ дойдуларын.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быйыл СНГ дойдуларыгар барыларыгар кэриэтэ сырытта. Ону сэргэ норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэргэ сылдьан сирэй көрсөн кэпсэппитэ. Бу нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт мунньахха СНГ билиҥҥи састаабын чилиэннэрэ бары кэллилэр. Ол курдук, Азербайджан, Армения, Беларусь, Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Туркменистан, Узбекистан салайааччылара Ильхам Алиев, Никол Пашинян, Александр Лукашенко, Касым-Жомарт Токаев, Садыр Жапаров, Эмомали Рахмон, Сердар Бердымухамедов уонна Шавкат Мирзиёев кытыннылар.
Былырыын Кыргызстааҥҥа буолбут СНГ мунньаҕар Армения салайааччыта кэлбэтэҕэ. Биллэрин курдук, Армения уонна Азербайджан икки ардыгар Уот Уһутаакы айбардаан, айах атан кэпсэтиэхтээҕэр биир остуолга да олорбот буола сылдьыбыттара. Былырыын ыам ыйыгар Владимир Путин Ильхам Алиевы уонна Никол Пашиняны ыҥыран, биир остуолга олордон аһаҕас кэпсэтиини ыыппыта. Бу кэпсэтии ис хоһооно киин бэчээккэ баһа-атаҕа эрэ таҕыстар да, добдурҕа кэмигэр сыарҕа айанын кэриэтэ буолбута сэрэйиллэр. Билигин икки дойду салайааччыларын биир остуолга кэккэлэһэ олороллорун көрөбүт. Ол эрээри, быйылгы мунньах чэрчитинэн, Владимир Путин кинилэри кытары тус-туһунан көрүстэ.
Ханнык баҕарар улахан түмсүү, буолаары буолан, норуоттар икки ардыларынааҕы, экэниэмикэ боппуруостарын инники күөҥҥэ тутан ырытыыга таһаарар. Бу да мунньахха дойдулар бэйэ-бэйэлэрин кытары үлэлэһиилэрин кэпсэттилэр. Манна бэлиэтиир наада, кэнники сылларга СНГ дойдуларын кытары табаарынан эргиниибит, араас эйгэҕэ ыытар бырайыактарбыт быдан элбээтилэр. Статистика этэринэн, бу дойдулар уопсай ис баалабай бородуукталара быйыл сыл аҥаардааҕы түмүгүнэн, 4,7 бырыһыанынан эбиллибит. Оттон дойдулар сүрүн хапытаалларыгар инвестиция киириитэ 11,2 бырыһыанынан үрдээбит. Онон экэниэмикэ бу икки көрдөрүүтүнэн да сылыктаатахха, ыаллыы судаарыстыбалар күүстэрин түмэн, кэлэр биир-икки уонча сылга бугулларын чөкөтөн биир оту кэбиһээри олороллор. Сэрэйдэххэ, түсчүт ким буоларыттан улахан тутулуктаах буолуохтаах.
– Биһиги уопсай көҕүлээһиммитинэн уонна бары куолаан үлэлээбиппит түмүгэр экэниэмикэбит, эргинэр үппүт-харчыбыт тас дьайыылартан тутулуга суох буолан эрэр. Билигин бэйэбит икки ардыбытыгар национальнай валюталарбытынан төлөһүүбүт 85 бырыһыантан таҕыста, – диэн Владимир Путин мунньах кэмигэр бэлиэтээн аһарда.
Экэниэмикэ хайа да диэки салалыннар, култуура, успуорт син биир уунар илии, үктэнэр далаһа буолаллар. СНГ дойдуларыгар биир үтүө үгэс олохтонон эрэр. Сылын аайы биир куораты талан Култуура киинэ оҥороллор. Холобур, быйыл СНГ култууратын киининэн Узбекистан Самарканд куората буолбута. Эһиил эстафетаны Азербайджан Лачи, 2026 сылга – Армения Мегри, 2027 сылга – Беларусь Молодечно куораттара ылыахтаахтар. Биһиги Сахабыт сирэ быйыл саас Казахстааҥҥа өрөспүүбүлүкэбит күнүн тэрийэн ыыппыта норуоттар доҕордоһууларыгар биир үтүө холобур быһыытынан сыаналанар.
Владимир Путин мунньахха быйыл Арассыыйаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт улахан күрэхтэһиилэрэ буолбуттарын этэн аһарда. Олор истэригэр “БРИКС оонньуулара”, “Азия оҕолоро”, “Солко суола”, “Кэлэр көлүөнэ оонньуута” буолан ааспыттарын, ыытааччыларга дириҥ махталын биллэрэрин иһитиннэрдэ. Ону таһынан, быйыл СНГ дойдуларыгар Волонтёрдар сылларынан биллэриллибитин, манна туһааннаах үлэлэр сыл устата барбыттарын бэлиэтээн туран, бу көҕүлээһини өйүүр наадатын эттэ.
– СНГ иһинэн баҕа өттүнэн үлэлиир уонна кэмиэрчэскэйэ суох түмсүүлэри тэрийии, мин санаабар, оруннаах. Ону сэргэ сыллата волонтёрдар пуорумнарын ыытыахха, анал граннары олохтуохха сөп этэ, – диэн Владимир Путин этии киллэрдэ.
Экэниэмикэ хайа да диэки салалыннар, култуура, успуорт син биир уунар илии, үктэнэр далаһа буолаллар. СНГ дойдуларыгар биир үтүө үгэс олохтонон эрэр.
СНГ дойдулара бары биир устуоруйалаахпыт. Кэлэр сылга Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын бэлиэтээри олоробут. Манна эмиэ анал бырагыраама оҥоһуллан турар. Мунньах кэмигэр Владимир Путин СНГ куораттарыгар Үлэ албан аатын иҥэрэргэ эттэ.
– Манна биһиги биир этиилээхпит – СНГ дойдуларыгар Аҕа дойду сэриитигэр байыаннай, гражданскай аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга үлэлэспит куораттарга “Үлэ албан ааттаах куората” бочуоттаах ааты иҥэриэххэ. Бу биһиги норуоппут биир сомоҕо буолуутун, кыайыыны уһансыыга тыылга үлэтин символын быһыытынан буолуо этэ, – диэн эттэ.
Манна санатан этиим, Арассыыйаҕа Кыайыы 75 сылыгар “Үлэ килбиэн куората” диэн бочуоттаах аат олохтоммута. Бу Албан ааты Саха сириттэн Алдан уонна Дьокуускай ылбыттара. Итини таһынан, Владимир Путин Аҕа дойду сэриитигэр туһуламмыт мемориаллары, өйдөбүнньүктэри харыстыыр туһуттан Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэригэр уопсай испииһэги оҥорорго этии киллэрдэ. Холобур, бу маннык улахан испииһэк Арассыыйаҕа 2016 сылтан хомуллан, билигин “Место памяти” диэн уопсай интэриниэт саайтка тиһиллибитэ. Оттон Беларусь бэйэтин Төрүт сокуонугар устуоруйа чахчытын көмүскүүр балаһыанньаны киллэрэн турар.
– Кэриэстиир өйдөбүлү хайа баҕарар былдьаан ылыахха сөп, оттон дьиҥ кырдьыгы, хайдах да гыммытыҥ иһин, уоран-талаан ыларыҥ табыллыбат. Сэбиэскэй норуот күүһүн, кыаҕын түмпэтэҕэ буоллар, билигин оччотооҕу кэм кыайыытын самнара, суолтатын түһэрэ сатааччы сорох судаарыстыбалар суох да буолуо этилэр, – диэн Беларусь бэрэсидьиэнэ Александр Лукашенко этэн аһарда.
Владимир Путин СНГ дойдуларын салайааччыларын алтынньыга муспутун, иккис өттүнэн, БРИКС түмсүүтүн мунньаҕар бэлэмнэнии быһыытынан сыаналыахха сөп. Бу түмсүүгэ билигин уон дойду түмсэн олорор. Былырыыҥҥы саммит түмүгүнэн биэс дойду түмсүү чилиэнинэн киирбитэ. Ону сэргэ өссө хас да дойду түмсүү үлэтигэр кыттыһыам этэ диэн сайабылыанньа суруйан олорор.
Онон быйыл алтынньы 22-25 күннэригэр Татарстаҥҥа Казань куоракка ыытыллаары турар саммит быйылгы сыл биир эмиэ устуоруйаҕа хаалар мунньаҕынан буолуохтаах.
Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…