Собону бүтүннүү туһаҕа таһаарар Алена
Учууталлар атырдьах ыйынааҕы мунньахтарын чэрчитинэн, Ленин болуоссатыгар үөрэх кыһаларын оҥорон таһаарар быыстапкалара буола турар. Оскуолалар аҕыйахтар эрээри, оҕолор арааһы бары оҥороллоруттан сөхтүм.
Кэбээйи улууһун Танара орто оскуолатын үөрэнээччитэ Алена Егорованы кытта кэпсэттим. Кини соботтон тугу да бырахпакка, араас бородууксуйаны оҥорон таһаарар бырайыактаах. Салайааччыта – технология учуутала Р.Н. Каратаева. Научнай сүбэһит быһыытынан АГАТУ бэрэпиэссэрэ Константин Степанов көмөлөһөр эбит.
— Биһиги оскуолабыт Биисинэс-инкубатордаах. Оҕолор ону-маны барытын оҥорон атыылыыбыт. Оскуолаҕа сылга иккитэ атыы-эргиэн быыстапката буолааччы. Бородууксуйаны оҥорорго уонна атыылыырга, батарарга, харчы өлөрөргө үөрэнэбит. Бу манна быыстапкаҕа аҕалбыт бородууксуйабыт барыта атыыланна. Бу сиэлтэн уонна талахтан массаастанар тэрили оҥордубут. Доруобуйаҕа олус туһалаах, — диэн Алена кэпсээтэ.
Мин соботтон паштеты амсайан баран, олус сөбүлээтим. Кыра собону уҥуохтары эрийэн баран, моркуобу, луугу, арыыны кытары булкуйан ыһаарылаатахха, бэртээхэй паштет буолар эбит. Килиэпкэ сыбаан сииргэ оһуобай. Кальций, Омега-3, араас битэмииннэр баар буоллахтара. Собо уҥуоҕун хатаран баран, бороһуок оҥорон, мииннииргэ аналлаах бакыаттарга угаллара эмиэ интэриэһинэй. Маннык бороһуогу ынах арыытын кытары булкуйдахха, эмиэ олус иҥэмтиэлээх ас буолан тахсар. Маннык арыыны быыстапкаҕа хамаҕатык атыыластылар.
Маны тэҥэ, собо хатырыгыттан халадьыаһы, үөһүттэн айаҕы, күөмэйи сайҕанар, бааһы эмтиир антисептиги, искэҕиттэн алаадьыны уонна собо хабаҕын туустаан, биэрэстээн, ыһаарылаан ураты аһы оҥороллорун сэҥээрдим. Чахчы, соботтон тугун да быраҕыллыбат эбит, барыта туһаҕа барар. Собо баар буолан, аас-туор сылларга сахалар тыыннаах ордон кэллэхпит. Ону собонон аатырбыт Кэбээйи оҕолоро үөрэтэн, оҥорон, аныгылыы көстүүлээн дьоҥҥо таһааран эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх.
Оттон билигин маҕаһыыннарга ас-үөл хаачыстыбата мөлтөөбүт кэмигэр, айылҕабыт биэрэр мааны аһын аныгылыы астаан-үөллээн аһаатахпытына, олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннардахпытына, ыччаттарбыт маны кыайа-хото туттахтарына, бэрт буолуо этэ.
Салгыы Алена оҥорбут ырыссыаптарын туһаныҥ.
Соботтон паштет
Собо – 1-2 уст.
Луук – 1 уст.
Моркуоп – 1 уст.
Лавровай сэбирдэх – 1 уст.
Туус, биэрэс.
Үүнээйи арыыта – 2-3 ост.нь.
Бытархай собону уҥуохтары эрийтэрэн баран, маны барытын эбэн, арыыга ыһаарыланар. Бааҥкаларга кутан, хаһааныллар.
Искэхтэн алаадьы
Собо искэҕэ – 0,5 киилэ,
Луук – 1 уст.
Маанка – 60 г.
Сымыыт – 2 уст.
Туус, биэрэс, үүнээйи арыыта.
Барытын булкуйан баран, арыыга ыһаарыланар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: