Тыа сирин дьоно барахсан муҥхалаан, баччаларга сандалылара собонон хотойор кэмэ. Сатыыр дьон соботтон тугун даҕаны хаалларбакка астыыллар, барытын туһаҕа таһаараллар. Собо хатырыгынан туспа бүлүүдэ оҥороллорун истибиккит дуо?
Туох ирдэнэр: собо — 1 киилэ, хортуоппуй — 4–5 устуука, моркуоп — 1 устуука, цветной хаппыыста — 200 кыраам, мас арыыта — 4–5 ост. ньуоска, балыкка аналлаах маҕаһыыҥҥа атыыланар бэлэм тума эбэтэр ким тугу сөбүлүүрүнэн, туус, оһох иһигэр буһарарга аналлаах кумааҕы.
Хайдах бэлэмниибит: балыгы хатырыктаан, сууйан, үөстээн баран иһиккэ кутабыт, үрдүгэр тума, 2–3 ост. ньуоска мас арыыта, туус кутан булкуйан баран салаппаанынан бүрүйэбит эбэтэр ыга хаппахтыыбыт. Маннык чаас аҥаара кэриҥэ туруохтаах.
Бу кэмҥэ оҕуруот аһын бэлэмниибит. Хортуоппуйу, моркуобу ыраастыыбыт, сууйабыт уонна бөдөҥ (уһун синньигэс) гына кырбыыбыт, цветной хаппыыстаны араартыыбыт. Барытын иһиккэ кутан баран сыттаах хара биэрэс, туус, хаалбыт мас арыытын кутан булкуйабыт.
Духуопка илииһин үрдүгэр кумааҕыны тэлгиибит уонна ортотугар собо, ол кытыытынан оҕуруот аһын кутан баран аҥаар өттүнэн кумааҕыбытын саба уурабыт, салгын тахсыбатын курдук кытыытын барытын бүк тутабыт. 200 кыраадыстаах итии духуопкаҕа 50‑ча мүнүүтэ буһарабыт.
Туох ирдэнэр: орто кээмэйдээх собо — 4–5 устуука, 20%-наах күөрчэх үүтэ эбэтэр маҕаһыын сүөгэйэ — 200 кыраам, панировочнай сухари, бурдук — 1 ост. ньуоска, эриэппэ уонна күөх луук, чеснок, туус.
Хайдах бэлэмниибит: собону ыраастаан, сууйан,үөстээн баран иһин туспа иһиккэ ылабыт. Собо көхсүн уҥуоҕун кутуругуттан саҕалаан төһө кыалларынан кичэйэн, сытыы быһаҕынан кэрдиистэринэн дириҥник быһабыт. Оччоҕо сииргэ көхсүн уҥуоҕа биллибэт буолар.
Балыкпытын туустуубут уонна уонча мүнүүтэ туруора түһэбит. Бу кэмҥэ собо иһигэр эриэппэ луук аҥаарын кырбаан кутабыт, туустуубут. Туспа иһиккэ луугу уонна чесногу саһарыар диэри ыһаарылыыбыт. Манна 2–3 сиикэй сымыыты кутан кичэйэн булкуйабыт.
Собобут иһигэр эрдэттэн бэлэмнээбит искэхтээх, лууктаах састаабы кутабыт. Балачча улахан уокка арыылаах хобордооҕу ууран ититэбит, собону маҥнай лууктаах сымыыкка, онтон сухарига умньаан ылан баран, икки өттүттэн саһарыар диэри ыһаарылыыбыт, иһиккэ хоторобут.
Атын иһиккэ бытархай гына кырбаммыт чеснок, күөл луук, туус, үрдүгэр күөрчэх үүтүн (хойуу буоллаҕына уунан убатабыт), бурдугу кутан булкуйабыт. Блины тиэстэтин курдук буолуохтаах, хойуу түгэнигэр уунан убата түһэбит. Хобордооххо кыратык бу бэлэмнээбит соуспутун кутабыт, үрдүгэр соболорбутун уурабыт уонна хаалбыт соуһу тарҕата кутан кэбиһэбит. Итиэннэ кыра уокка чаас аҥаара курдук собобутун эргитэ сылдьан ыһаарылыыбыт, кичэйэн хаппахтыыбыт.
Туох ирдэнэрий: 2–2,5 киилэ орто эбэтэр кыра кээмэйдээх собо, “12 приправ” диэн маҕаһыыҥҥа атыыланар тума эбэтэр дьиэҕэ туох тума баарынан, сымыыт, ириис, туус.
Хайдах бэлэмниибит: собону хатырыктыыбыт, үөстүүбүт. Төбөлүүнү, кутуруктууну икки төгүл мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Өлүн, искэҕин ороон, туспа ыһаарылыыбыт. Мясорубкаҕа үһүс эрийтэриибитигэр буспут өлү бииргэ кутабыт. Буспут ириис, тума, туус кутан баран дэлби булкуйабыт. Мантан убаҕастыҥы маасса тахсыахтаах. Буһарар иһиккэ сыстыбатын курдук пергаментнай кумааҕы ууран баран, арыынан сотобут итиэннэ маассаны халыччы кутан 35–40 мүнүүтэ буһарабыт.
Туох ирдэнэр: собо хатырыга — 300 кыраам, хортуоппуй крахмала — 1 ост. ньуоска, бурдук — 1–2 ост. ньуоска, уксус 70%, туус, тума, имбирь, мээккэлэммит чеснок, биэрэс.
Хайдах бэлэмниибит: хатырыгы олус итиитэ суох сылаас ууга хаста да сууйабыт. Үрдүгэр тымныы уу, уксус (250–300 кыраам хатырыкка 1 ост. ньуоска уксус) кутан булкуйабыт уонна чаас курдук туруорабыт, онтон тымныы уунан сууйабыт. Ыраас уу кутан баран туустуубут, булкуйабыт, уутун сүөкүүбүт итиэннэ нэлэгэр иһиккэ чараас гына тэлгээн куурда уурабыт. Сарахайбытын кэннэ иһиккэ кутан баран бурдук, тума, крахмал эбэбит уонна үчүгэйдик булкуйабыт.
Итии арыылаах хобордооххо чараас гына кута-кута ыһаарылыыбыт, олус саһардыбаппыт. Арыытын сүүрдэн баран нэлэгэр иһиккэ өссө биирдэ куурда уурабыт. Туспа иһиккэ чеснок, имбирь, биэрэс кутабыт. Собобут хатырыгын итии арыыга иккиһин хас да баартыйанан ыһаарылыыбыт, арыытын сүүрдэбит уонна итии эрдэҕинэ бэлэмнээбит тумабытын кутабыт, булкуйабыт. Собо хатырыгыттан оҥоһуллубут чипсы бэлэм!
Туох ирдэнэр: собо, үүт, күөх луук, туус.
Хайдах бэлэмниибит: Собону миискэлээх ууга кутан буһара уурабыт, туус эбэбит. Буһуон 15 мүнүүтэ иннинэ үүт кутабыт, оргуйаатын кытта луук эбэбит. Үүт балык миинин өссө тупсарар. Собо миинин дьон араастык астыыр. Сороҕор, балыгы буспутун кэннэ сиидэлээн баран кыра ириис, хортуоппуй эмиэ кутуохха сөп. Ол эрээри, собо буспутун кэннэ хоторбокко, хаппаҕын арыйбакка бэйэтин миинигэр үс-түөрт чаас устата туруоран сойуттахха миинэ да, балыга даҕаны олус минньийэр итиэннэ айахха киирэн ууллан хаалар. Сиэх иннинэ балыгын таһаарбакка эрэ, кыра уокка сыыйа сылытан ылан баран хоторуллар.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…