Сочига бэстибээл саҕаланна

Share

Бүгүҥҥүттэн Сочига хаамалларыгар-сиимэллэригэр доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон физкултуураҕа уонна успуорка Арассыыйатааҕы бэстибээллэрэ саҕаланна.

Бэстибээл дойду успуорка уонна үлэҕэ министиэристибэлэрин өйөбүлүнэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсыстыбаларын тэрээһининэн 2007 сылтан ыытыллар. Тэрээһин доруобуйаларынан хааччахтаах дьону көхтөөх олоххо көҕүлүүр, эт-сиин өттүнэн чэбдигирдэр соруктаах.

Хаартыскалар А.Тарабукина тиксэриилэрэ

Быйылгы бэстибээлгэ Арассыыйа 53 эригийиэниттэн 400 тахса киһи кыттар. Кинилэр ортолоругар Саха Сирин сүүмэрдэммит хамаандата баар. Хамаанданы инбэлииттэр уопсыстыбаларын Саха Сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Ирина Лебедева салайар. Бэстибээл кыттааччылара сыл устата араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыт, сүүмэрдээһини ааспыт дьон. Хамаанда хапытаана — остуол тенниһигэр олорон эрэ оонньооһуҥҥа Арассыыйатааҕы бэстибээллэр хас да төгүллээх призердара, кыайыылаахтара Валентин Борисов. Быйылгы күрэскэ кини ытыыга эмиэ холонуо. Саха Сирин сүүмэрдэммит хамаандата: дьахталларга остуол тенниһигэр — Александра Слепцова,
чэпчэки атлетикаҕа — Кирилл Неустроев, түргэн саахымакка уонна пауэрлифтиҥҥэ — Егор Федоров, дартска — Евгений Птицын, Александра Слепцова мэтээл иһин киирсиэхтэрэ.
Бэҕэһээ хамаанда мандат, классификация хамыыһыйаларын, категорияларынан наардааһыны этэҥҥэ ааста.

Бэстибээл үөрүүлээх аһыллыытыгар, инбэлииттэр Арассыыйатааҕы уопсыстыбаларын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дбокутаата Михаил Терентьев, дойду успуорка уонна үлэҕэ министиэристибэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытталлара былааннанар. Тэрээһин кэмигэр остуол оонньууларыгар уонна виртуальнай эйгэ сатабылыгар маастар-кылаастар, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон айар дьоҕурдарын көрүү, Олимпийскай дэриэбинэ, Роза Хутор, Красная Поляна курдук кэрэ-бэлиэ сирдэргэ экскурсиялар тэриллиэхтэрэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы улахан тэрээһиҥҥэ Саха Сирин хамаандатыгар дьоһун ситиһиилэри баҕарабыт.

Альбина Тарабукина,

Сочи.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улууска хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, үгүс улууска хаар түһүөҕэ диэн Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр. Анаабыр уонна…

7 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

11 часов ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

11 часов ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

12 часов ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

12 часов ago