Сочига Саха сирин волонтердара Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлигэр кыттыахтара

Share

Сочига Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлигэр Саха сириттэн барыта 15 волонтер үлэлиэхтэрэ. Кинилэр номнуо бэстибээл ыытыллар «Сириус» былаһааккаҕа тиийдилэр уонна бэлэмнэнэ сылдьаллар. Бэстибээл кулун тутар 1-7 күннэригэр ыытыллыаҕа.

Бу туһунан Саха сирин доброволецтарын ресурснай киинин исписэлииһэ Евгений Амбросьев иһитиннэрэр диэн ulus.media суруйар.

«Биһиги волонтердарбыт бэстибээл бырагырааматын уонна волонтер хайдах үлэлиэхтээх балаһыанньаларын кытта билсистилэр. Ол курдук, кинилэр бэстибээл кэмигэр 15 араас хайысханан бэстибээл тэрийээччилэригэр көмөлөһүөхтэрэ, ол иһигэр тырааныспар логистикатын, куттал суох буолуутун, култуурунай тэрээһиннэри, дэлэгээссийэлэри аралдьытыыга, ону сэргэ кыттааччылары олорор уонна аһыыр сирдэнинэн арыаллыырга үлэлиэхтэрэ», — диэн санаатын үллэһиннэ.

Хаартыска: ulus.media

Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлигэр волонтерга хандьыдааттар хас да түһүмэҕинэн талыллыбыттара. «Волонтердар бэстибээлгэ босхо үлэлиэхтэрэ. Оттон тэрийээччилэр кинилэри таҥаһынан-сабынан хааччыйыахтара, босхо аһы-үөлү тэрийиэхтэрэ, ону тэҥэ үлэлэрин түмүгүнэн бастыҥ волонтердарга Махтал суруктары туттарыахтара», — диэн Евгений Амбросьев кэпсиир.

Санатан эттэххэ, Саха сириттэн волонтердар СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин өйөбүлүнэн кытталлар.

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлэ кулун тутар 1-7 күннэригэр «Сириус» былаһааккаҕа Арассыыйаттан уонна тас дойдулартан 20 тыһыынча кэриҥэ эдэр лидердэри түмүөҕэ. Бэстибээл кыттыылаахтара араас эйгэ бэрэстэбиитэллэрэ —  кинилэр норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиҥҥэ биисинэс, медиа, култуура, билим, үөрэҕирии, волонтер, аһымал, успуорт, ону тэҥэ уопсастыбаннай олох уонна оҕо тэрилтэлэрин ыччата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

9 часов ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

9 часов ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

10 часов ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

10 часов ago