Салгыы
Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр Саха сирин билиһиннэрэллэр

Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр Саха сирин билиһиннэрэллэр

04.03.2024, 11:01
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Саха сирэ Сочига  Ыччат Бүтүн аан дойдутааҕы бэстибээлигэр туруорбут быыстапка-истиэндэтин көмөтүнэн бэстибээл үгүс ахсааннаах кыттааччыта Арассыыйа саамай улахан эрэгийиэнин билсэр.

Истиэндэ аһыллыытыгар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ —  эрэгийиэн туһунан истиэндэни оҥорор быраабы ылбыт Арассыыйа субъектарыттан биирдэстэрэ.

«Тэрийээччилэргэ махталбын этиэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, биһиги истиэндэни арыйан саха киһитин дууһатын көрдөрөбүт. Биһиги аһаҕаспыт уонна эйэлээхпит, биһиги өрөспүүбүлүкэбит – биир саамай улаханнара, чаҕылхай ыччаттардаахпыт. Биһигини кэрэхсииллэр, билэллэр. Бу — эйэни түстүүр күүс”, —  диэтэ Ольга Балабкина.

Истиэндэҕэ сахалыы киэргэллэр, таҥастар, үнүстүрүмүөннэр уонна иһит-хомуос көрдөрүллэллэр.

Бэстибээл кэмигэр манна хабылыкка уонна хаамыскаҕа остуол оонньууларыгар маастар-кылаастар, “Туймаада хочотун таабырыннара” билиини-көрүүнү тургутуу оонньуулара  ыытыллыахтара,  «Всем миром по пазлу в картине» мозаиканы хомуйуохтара, хомуска оонньуохтара. Ону сэргэ М.К.Аммосов аатынан ХИФУ “Уран” үҥкүү кэлэктиибэ, Dj Dalan, Евы Шакор, Олоҥхо тыйаатырыттан Настя Алексеева, хомусчут Айсен Деллохов  кыттыылаах кэнсиэр, ХИФУ «Доступное образование» быыстапката буолуохтара.

Ыччат Бүтүн аан дойдутааҕы бэстибээлэ  кулун тутар 1-7 күннэригэр РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан ыытыллар. Тэрийээччилэр – Ыччат дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба (Росмолодёжь).

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: