Салгыы
Социальнай биэнсийэ 14,75% индексацияланна

Социальнай биэнсийэ 14,75% индексацияланна

01.04.2025, 18:00
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Муус устар 1 күнүттэн Саха сирин 29 тыһыынча олохтооҕун судаарыстыбаннай хааччыллыыга баар биэнсийэлэрэ (ол иһигэр социальнай биэнсийэ) 14,75% индексацияланнылар. Бу туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын управляющайын солбуйааччы Марк Унаров иһитиннэрдэ.

— Социальнай биэнсийэ сыл аайы индексацияланар, кээмэйин бырабыыталыстыба быһаарар. Манна ааспыт сыллааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйэ учуоттанар. Страховой биэнсийэни ыларга ыстаастара тиийбэтэх дьон, маны тэҥэ, инбэлииттэр, төрөппүттэрин сүтэрбит оҕолор социальнай биэнсийэни ылаллар.

Социальнай биэнсийэ кээмэйэ категорияттан тутулуктанан, бигэргэммит буолар. Олорор сиринэн оройуон коэффициена эбиллэр. Үлэлээбэт биэнсийэлээх социальнай биэнсийэтэ эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, эрэгийиэнтэн эбии төлөбүрү ылар. Онон социальнай биэнсийэ тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри эбиллэр, — диэн кини быһаарда.

Социальнай биэнсийэ индексацията сайабылыанньата суох оҥоһуллар. Туох эрэ ыйытыылаах буоллаххытына, Социальнай пуонда исписэлиистэригэр эрийэн, ыйытыаххытын сөп: 8 800 100-00-01.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 апреля
  • 2°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: