Салгыы
Социальнай биэнсийэ муус устартан үрдүөҕэ

Социальнай биэнсийэ муус устартан үрдүөҕэ

01.03.2023, 18:20
Хаартыска СИА
Бөлөххө киир:

Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 3,6% үрдүөҕэ. Былырыын бэс ыйыгар 10% үрдээбитэ, онон сыл устата барыта 13,6% үрдээһин буолар.

“Үгэс курдук, социальнай биэнсийэни сылга биирдэ үрдэтэллэр. Ол эрээри, инфляция үрдээн, социальнай төлөбүрдэри иккитэ үрдэтэр туһунан быһаарыы ылыммыттара. Ол курдук, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ, хамнас алын кээмэйэ үрдээбиттэрэ” диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

2022 сыллааҕы инфляция 11,9%-ҥа тэҥнэһэр. Онон социальнай биэнсийэ сыллааҕы 13,6% үрдээһинэ инфляцияттан үрдүк буолар. Арассыыйа үрдүнэн 4 мөлүйүөн кэриҥэ киһи социальнай биэнсийэни ылар. Социальнай пуонда индексацияны бэйэтэ оҥорор уонна биэнсийэлээхтэргэ тиэрдэр.

Социальнай биэнсийэни инбэлииттэргэ, иитэр-аһатар төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго, үлэ ыстааһа тиийбэтэх дьоҥҥо биэрэллэр.

Саха сиригэр 28 тыһыынча кэриҥэ киһи социальнай биэнсийэни ылар. Биэнсийэ кээмэйэ кыра, ол эрээри эрэгийиэн биэнсийэлээх тиийинэн олорор алын кээмэйигэр диэри эбии төлүүр. Ону ыларга булгуччу социальнай көмүскэл управлениетыгар баран, сайабылыанньа биэриэххэ наада.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 18°Влажность: 88% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: