Салгыы
Социальнай эйгэҕэ сыл түмүктэрэ

Социальнай эйгэҕэ сыл түмүктэрэ

31.12.2022, 10:15
Бөлөххө киир:

Саха АССР төрүттэммитэ төгүрүк 100 сылын туоларыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ийэ сылынан биллэрбитэ. Дьэ, бу сыл устата туох көмө оҥоһулунна, ханнык миэрэ ылылынна?

Өйүүр көмө суумата 12 төгүл улаатта

Ийэ сылыгар сокуоҥҥа да, араас көмө быһыытынан да кэккэ миэрэлэр ылыллыбыттара. Саха сиригэр кэнники уон сылга Үлэ, социальнай сайдыы минис­тиэристибэтин иһинэн бэриллэр, оҕолору, ийэлэри өйүүр көмө үбүлээһинэ 8,2 төгүл улаат­та. Холобур, 2012 сыллаахха үбүлээһин 1,9 миллиард солкуо­бай буоллаҕына, билигин 15,6 миллиард солкуобай көрүллэр. Оттон Биэнсийэ пуондатынан 8-16 саастаах оҕолорго бэриллэр төлөбүрдэри холбоотоххо, бу сылга оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ барыта 23 миллиард солкуобай төлөммүт. Онон, оҕолору, ийэлэри өйүүр көмө суумата 12 төгүл улааппыт.

Уопсастыбаннас кыттыыта

Быйыл сайын Ил Дархан иһинэн Төрөппүт сэбиэтэ тэриллибитэ. Манна оскуолалар төрөппүт кэмитиэттэриттэн, уопсастыбаннай тэрилтэлэртэн 23 киһи киирбитэ. Алтынньыга бастакы мунньахтара буолбута. Маны тэҥэ, төрөппүттэр пуорумнара ыытыллыбыта.

Арассыыйатааҕы Дьиэ кэргэн уонна таптал  күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьиэ кэргэн бэстибээлэ аан бастаан ыытыллыбыта. Сэлэлээн хаамыыга 1500 тахса төрөппүт кыттыбыта. Ол курдук, саҥа ыал буолааччылар, кэлээскэлээхтэр, элбэх оҕолоох ыаллар, уһун үйэлээхтэр параадтара буолбута.

Култуура, успуорт тэрилтэлэригэр босхо сылдьыы

Ил Дархан муус устардааҕы ыйааҕынан, 5-тэн элбэх оҕо­лоох дьиэ кэргэттэр өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр баар култуура, ус­­пуорт тэрилтэлэригэр босхо сылдьар бырааптаммыттара. Оттон 3-4 оҕолоох ыалларга 50%-наах чэпчэтии оҥоһуллар.

Оҕону иитэр ыалларга төлөбүр үрдээтэ

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 223 ыал 632 тулаайах оҕону иитэр. Быйыл кинилэргэ бэриллэр төлөбүр икки төгүл үрдээтэ. Онон от ыйыттан хас биирдии оҕоҕо төлөбүр 6401-12 802 солкуобайга, хотугу улуустарга: 7169-14 338 солкуобайга тиийэ үрдээтэ. Инбэлиит оҕолорго бу төлөбүр өссө үрдүк. Маны тэҥэ, судаарыстыба тулаайах оҕону көрүүгэ-истиигэ ый аайы босуобуйаны төлүүр, суумата – 14 321 солкуобайтан 26 176 солкуобайга диэри.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ иккитэ үрдээтэ

Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан, 2022 сыл бэс ыйыттан үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ), тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 10% үрдээбитэ.

Саха сиригэр олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйэ ортотунан 2 тыһыынча солкуо­бай кэриҥэ үрдээбитэ. Бу бы­­лааннамматах үрдээһин буолар, ол эбэтэр, бу 2022 сылга иккитэ үрдээбитэ.

Социальнай хантараагы 4600 киһи ылла

2022 сылга барыта 630 мөлүйүөн солкуобай суума­лаах 4600 социальнай ханта­раак түһэрсилиннэ. Кэлэр сылтан бу суума 1 миллиард солкуобайга диэри улаатыаҕа.

Бэйэ дьыалатын арыныахтарын баҕарар дьон 350 тыһыынча солкуобайдаах көмөнү ылаллар уонна үөрэнэллэригэр 30 тыһыынча солкуобайдаах көмө оҥоһуллар. Кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга 250 тыһыынча солкуобайдаах көмө уонна үөрэнэллэригэр 30 тыһыынча солкуобайдаах көмө бэриллэр.

Ааһан эрэр сылга Саха сирэ социальнай хантараак бырагырааматын олоххо киллэриигэ Арассыыйа үрдүнэн бастыҥынан ааттаммыта.

12 тыһыынча кэриҥэ оҕо төрөөтө

Ийэ сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 12 тыһыынча кэриҥэ оҕо төрөөтө. Кинилэр бары 100 тыһыынча солкуобайдаах “100 сыл оҕолоро” хапытаалы ыллылар. Ил  Дархан бу хапытаал өссө 5 сылга уһуурун туһунан иһитиннэрдэ. “Ийэҕэ үрдүк махтал” бэлиэни ылбыттарга 100 тыһыынча солкуобай төлөнөр буолла, “Үлэ бэтэрээнэ” аат иҥэриллэр. Оттон “Дьоруой ийэ”, “Ийэ Албан аата” мэтээли ылбыт дьахталлар, Арктика оро­йуоннарыгар олорор, 4-тэн элбэх оҕолоох ийэлэр “Үлэ бэтэрээнэ” ааты ылар ирдэбилгэ ыстаастара 20-тэн 10 сылга диэри көҕүрүүр.

Ил Дархан гранын суумата 2 төгүл улаатта

2022 сылга Ил Дархан дьиэ кэргэни, ийэ-аҕа буолууну, оҕо аймаҕы өйүүр граннарын уопсай суумата 5 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ. Ийэ сылыгар грант суумата, былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, икки төгүл улаатта. Онон социальнай хайысхалаах, кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр көхтөрө эмиэ улаатта. Барыта 39 сайаапка киирбититтэн, 5 быра­йыак өйөннө.

Босхо учаастак оннугар – 200 тыһыынча солкуобай

Сэтинньигэ өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа сокуон ылыллыбыта. Бу сокуон чэрчитинэн, элбэх оҕо­лоох дьиэ кэргэттэр босхо учаастагы ылыахтарын баҕарбатахтарына, харчынан төлөбүрү ылыахтарын сөп. Бу харчыны дьиэ кэргэн ипотеканы сабарга, дьиэни атыылаһарга, туттарга ыытыан сөп. Төлөбүр кээмэйэ – 200 тыһыынча солкуобай.

Байыаннайдарга, дьиэ кэргэттэригэр көмө

Хас биирдии анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын дьиэ кэргэнэ болҕомто таһыгар хаалбата. Дьиэ кэргэттэр испии­һэктэрэ оҥоһуллан, бары улуус­тарга бөлөхтөр тэриллибиттэрэ. Үөскүүр боппуруостары тута миэс­тэтигэр быһаараллар. Бу курдук, 600-тэн тахса боппу­руос киирбититтэн, аҥаара быһаа­рылынна.

Москваҕа, соҕурууҥҥу куораттарга хас да тирэх пуун аһыллыбыта. Ол нөҥүө улахан кээмэйдээх үлэ ыытылла турар. Байыаннай массыыналартан саҕалаан, анал таҥаска-сапка тиийэ ыытылынна. Улуустарга, атын да куораттарга биир дойдулаахтарбыт туора турбакка, көмөлөһө сылдьаллар.

Байыаннай сулууспа­лаах халымырдык бааһырбыт буол­лаҕына, 500 тыһыынча солкуобай көрүллэр, оттон ыараханнык бааһырбыта билиннэҕинэ, эбии 250 тыһыынча солкуобай төлөнөр.

Социальнай гаастааһын

2022 сылга социальнай гаас­тааһын бырагырааматыгар өрөспүүбүлүкэ бүдьүөтүттэн 168 мөлүйүөн 410 тыһыынча солкуобай көрүллүбүтэ. Быйыл бу бырагырааманан кыра дохуоттаах 1096 киһи көмөнү ылла.

Ол курдук, биир киһиэхэ 150 тыһыынча солкуобай көрүллэр. Ил Дархан сорудаҕынан, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ дохуоттарыттан тутулуга суох социальнай гаастааһын бырагырааматыгар кыттар кыахтаммыттара.

7,5 тыһыынча дьахтар үлэ булла

Ийэ сылыгар 550 дьахтар «Содействие занятости» федеральнай бырайыак чэрчитинэн саҥа идэни ылла. Кинилэртэн 258 дьахтар үлэ булла. Сүрүннээн социальнай ситимнэргэ үлэлиир, информационнай технологиялары туһанар, атыыны-эргиэ­ни тэрийэр идэлэргэ сөбүлээн үөрэммиттэр.

Бу бырайыагы таһынан, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар көмөлөһөр судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, 929 дьахтар үөрэммит. Быйыл уопсайа 7,5 тыһыынча дьахтарга үлэ буларга көмөлөстүлэр. Тыһыынчаттан тахса дьахтар көмө ылан, бэйэ дьыалатын арынар кыахтанна.

Ийэ сылыгар дьахтар доруо­буйатыгар болҕомто уурулунна. 93 тыһыынчаттан тахса дьахтар доруобуйатын көрдөрүннэ.

124 ыал дьиэлэннэ

5-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр кыбартыыра, дьиэ атыылаһалларыгар, тутталларыгар биирдэ бэриллэр социальнай көмө быраабылаларыгар улары­йыылар киирдилэр.

Бу уларыйыылар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр олорор усулуобуйаларын тупсарыыга, дьиэни ылар ньымалара чэпчииригэр туһуланаллар. Быйыл бу көмөнү ылааччылар ахсааннара икки төгүл элбээтэ, бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 500 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Ол курдук, 14 улуустан, куораттан 124 дьиэ кэргэн ыллылар.

Саҥа тутуулар

2500 кв.м. иэннээх сиргэ барыта 15,5 тыһыынча кв.м. иэннээх, 8 этээстээх, 150 куойка­лаах сытар балыыһалаах, бастыҥ тиэхиньиичэскэй хааччыллыылаах, 4,5 млрд солк. сыаналаах, Уһук Илин эрэгийиэнигэр тэҥнээҕэ суох аныгылыы кардиологичес­кай киин тутуллан киирдэ.

Өлүөхүмэ улууһун Селиваново сэлиэнньэтигэр  инбэлииттэр, кырдьаҕастар интэринээт-дьиэлэрэ “Демография” национальнай бырайыак “Аҕам саастаах көлүөнэ” федеральнай быра­йыагын үбүлээһининэн тутулунна. Эбийиэк иэнэ 7014 кв.м., 3 куорпустаах. Икки куорпуска дьон олоруоҕа, үһүс куорпус сынньанарга, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ аналлаах, мастарыскыайдар, таҥас сууйар сир, спортивнай саала баар.

Бүлүү куоракка улахан балыыһа комплекса тутуллан киирэн эрэр. Быйыл уопсай блога, хирургическай отделениета, эчэйии киинэ үлэлиэхтэрэ. Ону тэҥэ, Уус Маайаҕа, Чурапчыга, Хонууга балыыһа комплекстара, Ытык Күөлгэ поликлиника тутулла тураллар. Бу биэс эбийиэк уопсай суумата 1,448 миллиард солкуобайга тэҥнэһэр.

Кэлэр сылтан Дьокуускайга Дьиэ кэргэттэргэ социальнай көмө киинин тутуу саҕаланыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: