Социальнай гаастааһын былаана толору туолла

Share
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан гаас 2 047 дьиэҕэ киирдэ.
Онон социальнай гаастааһын былааннаммытын курдук толору туолла.
Бүгүҥҥү күҥҥэ эрэгийиэҥҥэ дьиэлэри гааска холбооһун былааны таһынан ыытыллар.
«Социальнай гаастааһын Саха сиригэр гаас баар улуустарын барытын кэриэтэ хабан эрэр. Быйыл 3000 дьиэҕэ гаастааһыҥҥа холбонуохтаах.  Бу үлэ биһиги аҕыйах дохуоттаах ыалга  гаас оборудованиетын атыылаһалларыгар эбэтэр гаас тэрилин бэйэлэрин дьиэлэригэр туруоралларыгар 150 тыһыынча солкуобайынан өйөөбүппүт түмүгэр бэрт тэтимнээхтик барда», — диэн бэлиэтээбитэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Социальнай гаастааһыҥҥа Саха сирэ Уһук Илин эрэгийиэнигэр бастакы миэстэҕэ сылдьар. 2030 сылга диэри 30 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 9 000 дьиэҕэ гаас киириэҕэ.
Сайаапкалары «Сахатранснефтегаз» АУо саайтыгар, клиеннэри көрсөр кииҥҥэ эбэтэр 319-777 төлөпүөҥҥэ эрийэн биэриэххитин сөп.

Бу туһунан Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хаартыска — Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталастыбатын пресс-сулууспатын саайтыттан.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

16 часов ago