Социальнай гаастааһын бырагырааматын иитинэн күөх төлөҥҥө 1,3 тыһыынчаттан тахса дьиэни холбоотулар
Саха сиригэр социальнай гаастааһын бырагырааматын иитинэн гаас ситимин түргэнник туталлар. Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 1383 дьиэ гааска холбонно.
Быйыл эрэгийиэҥҥэ 2 387 гаас утаҕын тутан тартылар, 2 592 сөбүлэҥҥэ илии баттастылар.
Гааһы киллэриигэ Дьокуускай куорат инники күөҥҥэ сылдьар, манна 474 ыал күөх төлөҥҥө холбонно. Иккис миэстэҕэ Чурапчы улууһа (366 гааһы тиэрдии), үһүс миэстэҕэ – 191 холбонуулаах Горнай улууһа.
Социальнай гаастааһын бырагыраамата, сир учаастактарыгар босхо гаас ситимин тутуу нөҥүө нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга туһаайыллар. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар гаас ситимин тардыы көхтөөхтүк барар.
Саха сирэ социальнай гаастааһыҥҥа Уһук Илиҥҥэ лидеринэн буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ былырыын былааны 38% куоһаран, 2 907 дьиэни гааска холбообуттара.
Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалыгар олоҕуран, «Сахатранснефтегаз» АУо өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар гааһы киллэриигэ эрэгийиэннээҕи сүрүннээччинэн быһаарыллыбыта.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: