Социальнай гаастааһын бырагырааматынан 2,3 тыһыынча олорор дьиэ гааска холбонно

Share

Социальнай гаастааһын быйылгы былаанын Саха сирэ номнуо 115% толордо. Ол курдук, 2022 сылга   2 353  олорор дьиэ гааска холбонон  (былаан быһыытынан 2 041), Уһук Илин федеральнай уокуругар социальнай гаастааһыҥҥа инники күөҥҥэ таҕыста.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан  Айсен Николаев сорудаҕынан, кыра дохуоттаах, ол иһигэр быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр туһунан быһаарыы ылыныллыбыта.  Көмө харчы кээмэйэ  150 тыһыынча солкуобай. Бу үбү гражданнар гаас оборудованиетын атыылаһыыга, туруортарыыга туһаныахтарын сөп.

Олорор дьиэлэргэ гааһы холбооһун үлэтэ билигин даҕаны салҕанан бара турар. Аҥаардас Дьокуускай куоракка күн бүгүн өссө 100 дьиэ күөх төлөҥҥө холбоноору бэлэм турар. Бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ Максим Терещенко иһитиннэрбитинэн, эрэгийиэҥҥэ олорор дьиэҕэ гааһы киллэртэриигэ Чурапчы, Горнай, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү улуустара инники сылдьаллар.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 2023 сылга социальнай гаастааһын бырагырааматын олоххо киллэриигэ бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Барыллааһын быһыытынан кэлэр сылга  1359  дьиэ холбонуохтаах, номнуо 500 дуогабар түһэрсиллибит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Норуот  синоптига Тускул ыам ыйын билгэлээтэ

Үгэс быһыытынан норуот  синоптига Тускул ыам ыйын билгэлээтэ. ИЛИН ЭҤЭЭР УЛУУСТАР Ыам ыйа илин эҥээр…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суут түмүгүнэн, Чомчоев кыайда!

Бүгүн иллэрээ сылтан соһуллубут суут түмүктэнэн, Анатолий Чомчоев кыайыыны ситистэ диэн үөрүүлээх сонун кэллэ. Учуонай,…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сэрии бэтэрээннэригэр биирдии мөлүйүөнү биэриэхтэрэ

Ыам ыйын 6 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Кыайыы 79 сылын көрсө, Саха сиригэр олорор,…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма эр дьоно кустан чахчы матан эрэллэр дуо?

Бүгүн сарсыардаттан социальнай ситимнэринэн “Аммалар кустаан бүппүттэр” диэн сурук тарҕанна. Чахчытын билээри Амма улууһун баһылыгар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мария Нартахова аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтонно

Социальнай хааччыйыы эйгэтигэр Мария Нартахова аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтэ олохтонно. Бу туһунан үлэ, социальнай сайдыы…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Икки киһилээх вездеход үрэххэ түстэ

Ыам ыйын 6 күнүгэр ЫБММ Саха сиринээҕи Кылаабынай управлениетыгар Мииринэй оройуонун Таас Үрэх бөһүөлэгиттэн 39…

2 часа ago