Социальнай гаастааһын бырагыраамата салгыы үлэлиир буолла
Арассыыйаҕа социальнай гаастааһын бырагыраамата салгыы үлэлиир буолла. Бу туһунан бүгүн, алтынньы 12 күнүгэр, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйатааҕы энэргэтиичэскэй нэдиэлэ мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Арассыыйаҕа социальнай гаастааһын бырагыраамата 2022 сыл кэнниттэн эһиил салгыы үлэлиир үтүө дьылҕаланна. Бырагыраамаҕа эбии мэдиссиинискэй тэрилтэлэр хабыллыахтара. Эрэгийиэннэр былаастара наадыйар дьон гаас оборудованиеларын атыылаһалларыгар уонна учаастактарын иһигэр тустаах үлэни тэрийэллэригэр 100 тыһ. солк кырата суох көмөнү оҥороллоругар эттэ. Тустаах көмөнү элбэх оҕолоох ыаллар, бэтэрээннэр, инбэлииттэр уонна дьоҕус дохуоттаах дьиэ кэргэн туһаныахтара.
Ил Дархан Айсен Николаев: «Владимир Путин социальнай гаастааһын бырагырааматын салгыы үлэлэтэргэ сорудахтаата. Бу бырагыраама чэрчитинэн, алтынньы саҕаланыыта дойду үрдүнэн 300 тыһ дьиэҕэ гаас ситимэ тиэрдиллибит буоллаҕына, итинтэн 3169-һа Саха сиригэр. Владимир Владимирович эрэгийиэннэр былаастара дьоҕус дохуоттаах ыалларга гаас оборудованиетын субсидиялыырга 100 тыһ. солк көрөллөрүгэр эттэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр итинник хабааннаах өйөбүл баар, ол кээмэйэ 150 тыһ. солк тэҥнэһэр. Бу өйөбүлү салгыахпыт», — диэн дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүҥҥү этиитигэр санаатын үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: